Хас биирдии хаһаайка самаан сайын кэрэкэ кэмнэрин сатабыллаах туһанар. Маалтааны нэһилиэгин кийиитэ, «Мичээр» оҕо уһуйаанын иитээччитэ Раиса Алексеева сыллата тиэргэнин сибэккинэн симиир.
Быйыл кини тиэргэнигэр 65 араас кэрэ сибэкки көрүҥүн үллэрбит. Оҕуруот арааһын хоту олорпут. Кини тиэргэнин хас биирдии муннуга ураты композициянан толору. “Киэһэтин сибэкки дыргыл сытынан саба биэрэрэ наһаа астык, ураты”, – диэн санаатын үллэстибитэ.
Маннык кэрэ көстүүнү сиэннэригэр анаан-минээн оҥорор. Кини тиэргэнэ ураты остуоруйа дойдутун санатар. Хас биирдии оҥоһугун, киэргэлин бэйэтэ кыһан, кырааскалаан, ону тэҥэ таах туттуллубат материаллары иккис тыыннаан, уларытан оҥорор.
Раиса Николаевна сатабыллаах хаһаайка бастыҥа, үлэһит үтүөтэ буолар.
Вера Новикова