Гаас киириитэ – олохпут сайдыыта

Бу күннэргэ редакциябытыгар үөрүүлээх уонна суолталаах тэрээһин буолла – баҕа санаабыт туолан, тэрилтэбит күөх төлөҥҥө холбонно. Бу күнү редакция үлэһиттэрэ, бэтэрээннэрэ өр даҕаны күүттүбүт! Инники сылларга салайааччыбыт, сүрүннүүр редакторбыт Василий Алексеев бэлэмнэнии үлэтин ыытан, улууспут баһылыга Никита Андреев нэһилиэнньэни социальнай гаастааһын тосхолун бырайыагар редакция объегын кэмигэр киллэртэрэн, киэҥ далааһыннаах үлэни ыыттылар.

Гаас киириитэ – олохпут сайдыыта буолар. Аныгы сайдыы тэтиминэн, Бэрдьигэстээхпитигэр ыал аайы күөх төлөнү уматыы эбиллэн иһэриттэн киһи эрэ үөрэр. Ол аата дойдубутугар сайдыы барар, улууспут салалтата кэскиллээх үлэни ыытар. Баҕар ону сорох дьон билигин сыаналаабатахтарына, инникитин хайаан да суолтатын өйдүөхтэрэ диэн бүк эрэллээхпит.

Биһиги тэрилтэбитигэр гаастааһын үлэтэ ааспыт сылтан саҕаламмыта, быйыл «Сахавелдинг» тэрилтэ (сал. олохтоох урбаанньыт Никита Винокуров) үлэтин барытын түмүктээн, былааннаммыт кэмигэр киллэрдэ. Онон инникитин гаас киириитэ үбү-харчыны экономиялыырга, бигэ туруктаах буоларга улахан суолталаах. Билигин гаас ыйдааҕы төлөбүрэ тэрилтэҕэ чааһынай да ыаллартан улахан уратыта суоҕа үөрдэр, үгүһү эрэннэрэр.

Түгэнинэн туһанан, бастатан туран улууспут баһылыгар Никита Андреевка, «Сахабэчээт» генеральнай дириэктэригэр Ньургуйаана Стручковаҕа, үрдүкү тэрилтэбит бары кыһамньылаах үлэһиттэригэр юристарга, экономистарга, отдел салайааччыларыгар, «Сахавелдинг» тэрилтэҕэ, «Сахатранснефтегаз» Горнайдааҕы учаастагар, бэтэрээн үлэһиттэрбитигэр истиҥник махтанабыт.

Билигин редакциябытыгар инники сылларга сабыллан турбут объекпыт иккис куорпуһа сылыйан, «Бэчээт музейа», «Пресс-киин» ааҕааччыларбытыгар, ыалдьыттарбытыгар аанын тэлэччи арыйда! Биһигини кытта бииргэ буолуҥ, редакцияҕа, музейга кэлэн ыалдьыттаан, пресс-кииҥҥэ бэйэҕит үлэҕит туһунан кэлэн кэпсээҥ. Санатабыт, өскөтүн эһиги «Пресс-кииҥҥэ» кэлэн кэпсээтэххитинэ хаһыакка эһиги сонуҥҥут тута тахсар, суруналыыстар эһигинни кытта бииргэ үлэлииргэ бэлэммит.

Түгэнинэн туһанан, гаас киириитин үөрүүтүн бииргэ үллэстибит дьоммутугар махтанабыт. Үбүлүөйдээх кэллиэгэлэрбитин Елена Пономареваны, Анна Андрееваны, Мая Михайлованы, бэтэрээн үлэһиттэрбитин «Аҕам саастаахтар» декадаларынан, ааспыт Ийэ, Аҕа күнүнэн өссө төгүл эҕэрдэлиибит! Этэҥҥэ буолуҥ, чэгиэн-чэбдик сылдьыҥ.

Күннэй Алексеева