Сэмэн, Софрон Даниловтар ааттарынан Духуобунас киинигэр баар “Ситим” ПКР саалатыгар улуус баһылыга Никита Андреев, “Бэрдьигэстээх нэһилиэгэ” МТ кылаабынай исписэлииһэ Чэмэлиинэ Оленова, социальнай управление кылаабынай исписэлииһэ Нарына Антонова, “Сахатранснефтегаз” УГРС маастара Валерий Александров нэһилиэнньэҕэ быйылгы сылга күөх төлөнү тириэрдии үлэтэ хайдах быһыылаахтык баран иһэрин билиһиннэрдилэр.
– Бэрдьигэстээххэ “Сахавелдинг”, “Сахаавтономгаз”, “Технология тепла”, “Строй капитал”, “Эрчим строй”, “Якутгазстандарт», «Газсвет” тэрилтэлэрэ ыалларга, тэрилтэлэргэ гаас киллэриитигэр үлэлэһэллэр.
– 192 ыалга гаас тиийдэ. Ил Дархан быһаччы дьаһалынан былааны таһынан саҥа биэс уулуссаҕа магистраль уурдулар.
– Киин ситимтэн арахсан гааска көһөр дьиэ кэргэҥҥэ 139 квота көрүллүбүтүттэн, 136 киһиэхэ бэрилиннэ. 10 ыал сайаапката комиссия көрүүтүгэр киирдэ.
– Социальнай управление субсидиятыгар 23 мөл. 400 тыһ. солк. көрүлүннэ. 146 ыал туһанна. 10 ыал сайаапката комиссия көрүүтүгэр киирдэ. Элбэх оҕолоох ыалларга уонна байыаннай дьайыыга кытта сылдьар дьонноох дьиэ кэргэн дохуота учуоттаммат.
— Күөх төлөҥҥө көһүөн баҕалаах дьон күннэтэ элбии, сайаапкалар киирэ тураллар.
Тустаах тэрилтэ үлэһиттэрэ гаас ситимин нэһилиэнньэҕэ тириэрдиини хас нэдиэлэ ахсын оҥоруохтара.
Вячеслав Алексеев