Герой ийэтэ оҕотун туһунан истиҥ тыллара, долгуйуута

Ийэ дойду чиэһин иһин хорсун быһыыны көрдөрбүт биир дойдулаахпыт Алексей Неустроев  Байаҕантай нэһилиэгин төрүт олохтоохторо, биэс оҕолоох Неустроевтар дьиэ кэргэн улаханнара буолар. Ийэтэ Зарема Алексеевна Танда орто оскуолатын интэринээтигэр баспытаатал көмөлөһөөччүтүнэн үлэлиир, аҕата Михаил Михайлович II группалаах инбэлиит.

Салгыы ийэ киһи оҕотун туһунан бу курдук кэпсиир:

– Былырыын алтынньы 6-с чыыhылатыгар анал байыннай дьайыыга бэбиэскэ кэлбитэ, балаҕан ыйын 30-с күнүгэр дьиэтиттэн тахсан барбыта.

Оҕом туһунан кэпсиир буоллахха, кини сүрдээх сэмэй, элбэх саҥата-иҥэтэ суох киһи. Ыал улахан оҕото буолан, кыра эрдэҕиттэн үлэҕэ эриллэн улааппыта. Кыра сылдьан олус бэрээдэктээх, мэнигэ суох эрээри, наhaa дьээбэлээх этэ.

Киhи этэрин толорумтуо. Оччоттон биhиги сүөhү ииттэр этибит, онно алын сүһүөх кылааска үөрэнэ сылдьан кыhынын ньирэйдэригэр буочукаҕа хаар уулуура, уута куруук толору буолааччы. Сайынын оттоһоро, кыhынын хотон көрсөрө.

Үөрэҕэр орто этэ. Оскуола кэмигэр мас тардыhыытынан сөбүлээн дьарыктана сылдьыбыта уонна кэнники тустуунан дьарыктаммыта.

11-с кылааhы бүтэрэн баран, икки сыл аармыйаҕа сулууспалаабыта, танковай войскаҕа. Аармыйаттан кэлэн баран Алдаҥҥа мас солооhунугар, куоракка быстах тутуу үлэтигэр үлэлээбитэ. Онтон мобилизацияланыан иннинэ квадроцикл оҥоруутугар сварщигынан үлэлээбитэ.

Биир балтылаах, үс бырааттаах буолан убай киhи быhыытынан барыларыгар сүбэ-ама биэрэр, кыаҕынан көмөлөhө сатыыр. Кэргэнэ суох. Икки сыллааҕыта аҕабыт инсуллаабытыгар Алёшабыт ыарыылаабыта.

Хорсун быhыытын интернеттэн билбиппит, бастаан утаа, соһуччута да бэрдиттэн буолуо, куттаныы, ыгылыйыы, долгуйуу барыта силбэһэн хайдах да буолуохпутун билбэтэхпит. Билигин дьэ уоскуйан, оҕобутунан киэн туттабыт. Оҕом түргэнник, этэҥҥэ эргиллэн кэлэригэр эрэ баҕарабыт.

Мария Аргунова, Уус Алдан улууһа. «Мүрү саһарҕата» хаһыат.

Хаартыска: «Мүрү саһарҕата», УлусМедиа.