1993 с. Эдьигээн оройуонун Ис дьыалаҕа отделын криминальнай сулууспатын начаалынньыгынан үлэлии сырыттахпына Саха сирин Ис дьыалаҕа бөдөҥ отделларыгар штаб сулууспаларын тэрийэн барбыттара. Олор истэригэр Горнай оройуонугар эмиэ тэриллибитэ. Манна бу отдел начаалынньыгынан дойдубар Уус Алдан отделыгар бииргэ сулууспалаабыт киһим Дмитрий Павлович Ефремов үлэлиирэ. Оччолорго кини Уус Алдан отделын ГАИ сулууспатын начаалынньыгынан үлэлээбитэ, мин саҥа Хабаровскайдааҕы милиция оскуолатын бүтэрэн кэлэн, сулууспабын төрөөбүт оройуонум отделыттан саҕалаан үлэлээбит сылларым этэ. Дмитрий Павлович бу саҥа сулууспатыгар билэрдии миигин өйөөн уонна мин кэргэним дойдутугар кэлэр сыалтан ИДьМ Миниистиригэр рапорт түһэрэн, ол рапорбын оччотооҕу ИДьМ штабын начаалынньыга С.С.Попов уонна отдел начаалынньыга Д.П.Ефремов өйөөннөр түргэн баҕайытык Горнай оройуонун Ис дьыалаҕа отделын штабын начаалынньыга буолан хаалбытым.
Бу саҥа тэриллибит сулууспаҕа бастаан үлэлииргэ күчүмэҕэйдэр үгүс этилэр, ол курдук бастаан штат быһыытынан соҕотох начаалынньык этим, саҥа тэриллибит сулууспа буолан нормативнай-правовой, сирдэтэр нормативнай сокуоннара, аактара ситэтэ суох этилэр уонна урукку өттүгэр бу сулууспаҕа ким да үлэлии илик буолан, киһи билбэтэ-көрбөтө үгүс этэ. Ол да буоллар отдел бары сүрүн отчуоттара, буруйу оҥоруу күннээҕи субуоккатыттан саҕалаан бары ыспараапкалар, сулууспалар үлэлэрин түмүгүн түмүү уонна дьуһуурунай чаас үлэтэ бу саҥа штаб сулууспатыгар сүктэриллибитэ. Ону ол диэбэккэ, хара маҥнайгыттан күүскэ ылсан үлэлээн барбыппыт.
Бастатан туран өрөспүүбүлүкэ киин улуустарын отделларын штабын начаалынньыктарын мунньан семинар, тэрээһин боппуруостары ырытыы уонна барыбытын Красноярскайдааҕы милиция аналлаах оскуолатын базатыгар командировкаланан, үлэлиир квалификациябытын үрдэтинэн кэлбиппит. Бу тэрээһин боппуруостар биһиэхэ харахпытын арыйан сыалбытын-сорукпутун чопчулаан, улахан чэпчэтиилэри оҥорбута. Анаммыт үлэбиттэн хара маҥнайгыттан дьуһуурунай чаас штатын бөҕөргөтүү, каадырыбай састаабын тупсарыы уонна аттаран туруоруу үлэтэ саҕаламмыта. Маны сэргэ штаб сулууспатын штатнай расписаниетын каадыр ахсаан өттүнэн эбиллиитин туруорсан, саҥа инспектор уонна компьютерщик дуоһунастарын эбии киллэрэри ситиспиппит. Бу дуоһунастарга бастаан ананан өр сылларга таһаарыылаахтык уонна эҥкилэ суох бэриниилээхтик үлэлээбиттэрэ Надежда Ильинична Пахомова, Николай Иванович Максимов уонна Ариан Федорович Федотов. Кэлин мин отдел начаалынньыга буолбуппар Надежда Ильинична штаб начаалынньыга буолан, өр сылларга бочуоттаах сынньалаҥҥа барыар диэри бу сулууспаҕа эҥкилэ суох бэриниилээхтик үлэлээбитэ. Ити курдук Горнай отделыгар бу саҥа сулууспаны биһиги түөрт буолан атаҕар туруорбуппут.
Горнай отделыгар кэлэн үлэбин саҕалыырбар манна Дмитрий Павлович солбуйааччыларынан оперативнай үлэҕэ, криминальнай сулууспа начаалынньыгынан Борис Степанович Афанасьев, общественнай бэрээдэги бөҕөргөтүү сулуупатыгар Анатолий Романович Степанов, каадыр сулууспатыгар Василий Егорович Тарасов, участковай милииссийэлэр начаалынньыктарынан Никита Николаевич Рожин үлэлии сылдьаллара. Бу түөрт миигин кытары араа-бараа саастыы уолаттар. Урукку өттүгэр МВД иһинэн ыытыллар араас мунньахтарга, семинардарга көрсүтэлиир уонна мин манна күтүөт киһи кэлэ-бара бу уолаттарга инникиттэн да сылдьар, көрсүһэр этибит, онон билсэбит. Дьэ, бу начаалынньыгы солбуйааччы дуоһунастаах уолаттар үлэлэригэр олус бэриниилээх, тустаах сулуупаларыгар туруоруллубут сыалы-соругу ситиһэн баран тэйэр дьон этилэр. Отдел бары үлэтин-хамнаһын, көрдөрүүтүн кинилэр тутан олорор этилэр. Кинилэргэ билиҥҥи кэм курдук нормированнай үлэ чааһа диэн көрүллүбэт этэ. Күннэтэ үлэ чааһа бүтүүтэ дьиэлэригэр баран аһыы охсон кэлэллэрэ уонна түүн хойукка диэри олорон үлэлииллэрэ. Баларга мин холбоһон күннээҕи, нэдиэлэтээҕи, декаданан оперативнай служебнай үлэбит түмүгүн таһаарарбыт уонна инникитин былаанныырбыт. Маннык түмүктэри таһаарыыга силиэстийэ сулууспатын ыстаарсайа Леонид Прокопьевич Ефремов хайаан да баар буолара. Уопсай үлэ түмүгэр баар сүрүн көрдөрүү холуобунай дьыала ахсааныттан уонна онтон төһөтө суукка барбытынан быһаарыллара. Ол инниттэн хас биирдиии көбүтүллүбүт дьыала хайдах баран иһэрэ кытаанах хонтуруолга ылаллара. Хата биһиги куораттан чугас буоламмыт, дьыала туһугар, ордук араас экспэртииһэлэр түмүктэрин эккирэтэн, Леонид Прокопьевич сотору-сотору күнүнэн куоракка баран кэлэрэ.
Борис Степанович бэйэтэ Ньурбаттан төрүттээх, милииссийэ анал оскуолатын бүтэрэн, Горнай отделыгар холуобунай ирдэбил инспекторынан үлэтин саҕалаабыта. Манна күтүөт. Оройуоҥҥа криминальнай балаһыанньаны тутан олорор киһи арыт ардыгар кэбиниэтигэр хоно сытан үлэлиир. Икки оперативнай үлэһиттээх, холуобунай ирдэбил инспектордара Владимир Степанов, Николай Николаев. Владимир Семенович кэлбит-барбыт, саҥалаах-иҥэлээх, сытыы-хотуу, уол бу анаммыт сулууспатыгар олох сөп түбэһэр майгылаах, сигилилээх даҕаны. Аны бэйэтэ олохтоох уол буолан дьонун-сэргэтин билэрэ, буруйу арыйыыга элбэх туһалардаах буолара. Николай Николаев Ньурбаттан төрүттээх, саҥа үлэлээн эрэр элбэҕи эрэннэрэр, эдэр, Борис племяннига уол. Хомойуох иһин, бу уол саанан сэбилэммит преступнигы тутааһыныгар суорума суолламмыта. Кини оччотооҕу бириэмэҕэ оҥорбут хорсун быһыыта учуоттанан Россия Президенин анал Укааһынан «Хорсун быһыы» иһин уордьанынан өлбүтүн кэннэ наҕараадаламмыта. Бу олус эдэр саҥа тахсан эрэр бииргэ үлэлиир табаарыспытын букатыннаахтык сүтэрии биһиэхэ барыбытыгар ыарахан түбэлтэ этэ. Ордук ыар охсууну Борис ылбыта. Борис Степанович кэлин атын оройуоҥҥа начальнигынан, салгыы УФСН систиэмэтигэр үлэлээн, Бочуоттаах биэнсийэҕэ тахсан, Бэрдьигэстээххэ олорор.
Анатолий Романович Сунтаартан төрүттээх. Бу олох милииссийэ үлэтигэр анаан ананан кэлбит киһи этэ. Отдел туллар тутааҕа, милииссийэ араас өрүттээх, ииччэх-бааччах үлэтигэр кини билбэтэҕэ-көрбөтөҕө суоҕун кэриэтэ, бары тэрийэр өрүттээх үлэлэр, быһаарыылар кинитэ суох быһаарыллыбат этилэр. Оройуоҥҥа ыытыллар улахан тэрээһиннэр, маассабай бырааһынньыктары этэҥҥэ атаарыы боппуруостарын эрдэттэн былааннаан, оройуон салалтатын кытары ситимнээн этэҥҥэ баралларын ситиһэрэ. Буруйу оҥорууну эрдэттэн сэрэтэр үлэҕэ, оройуоҥҥа арыгылааһыны уонна итириктээһини утары араас өрүттээх үлэни ыытара. Ол курдук, нэһилиэк баһылыктарын, тэрилтэ салайааччыларын түмэ тардан, бииргэ үлэлээһин боппуруостарын быһаартыыра. Тус бэйэтэ сытыары-сымнаҕас, дьоҥҥо үтүө сыһыаннаах, дьон-норуот убаастабылын ылыан ылбыт киһи. Эт-хаан өттүнэн уһулуччу сайдыылаах, ол туоһута 2002 с. Бэрдьигэстээххэ ыытыллыбыт зональнай спартакиадаҕа прикладинаҕа тардыныыга эдэр уолаттары баһыйтаан, чөмпүйүөн үрдүк аатын ылан, хамаандатыгар олус наадалаах очукуону биэрэн турардаах. Кэлин Анатолий Романович Сунтаарга начаалынньыгынан, салгыы МВД тэрээһиннээх буруйу утары үлэлиир сулууспатыгар үлэлээн биэнсийэҕэ тахсыбыта. МВД Бочуоттаах сотруднига, криминальнай сулууспа туйгуна, Горнай оройуонун отделыгар аан бастакы криминальнай сулууспа начаалынньыга буолар. Биэнсийэҕэ тахсан да баран, Дьокуускайга чааһынай охрана сулуупатыгар тутаах, салайар дуоһунаска билигин даҕаны үлэлии олорор. Манан туһанан Горнайтан элбэх уол киниэхэ үлэҕэ киирэн үлэлээн, аналлаах үөрэҕи, кууруһу баралларыгар киниттэн көмөлөһүннэрэн, мин эмиэ бэйэм туспа чааһынай тэрилтэбэр элбэхтик көмөлөспүтэ, көмөлөһө да олорор.
Василий Егорович Бэрдьигэстээх олохтооҕо. Олохтоохтор улаханнык убаастыыр бэйэлэрин уоллара. Кини милииссийэ үлэтигэр барыбытыттан уопуттаах, үлэтин рядовой милиссийэнньиэртэн саҕалаабыто буолан, үлэ бары ымпыгар-чымпыгар эриллибит киһи. Каадыр үлэһитэ буолан, отдел личнэй састааба ахсаан уонна хаачыстыба өттүнэн үчүгэй бигэ туруктаах буоларыгар охсуһар. Кини отдел бойобуой служебнай уонна физическэй туруга эбии өссө тупсарыгар элбэх өрүттээх үлэни ыыппыта. Кини үөһээ МВД-га туруорсан каадырга эбии БСП, бойобуой, физическэй сулууспа инспиэктэрин дуоһунаһын ылбыппыт. Маассабай-култуурунай тэрээһиннэри ыытарга дьоҕурдаах этэ. Кини аан маҥнай отделга уолаттар ырыа ансаамбылларын тэрийбитэ. Кэлин бу уолаттар ансаамбыллара оройуоҥҥа эрэ буолбакка, МВД-га, өрөспүүбүлүкэҕэ араас таһымнаах, бэстибээллэригэр ситиһиилээхтик кыттар буолбута. Манна бу ансаамбыл салгыы сайдарыгар төһүү күүс буолбута оройуон чулуу байаныыһа, мелодист Данил Санников. Кини салалтатынан бу ансаамбыл хайа тэриллиэҕиттэн, ырыаҕа-тойукка дьоҕурдаах уолаттар Иван Варламов, Никифор Павлов, Владимир Степанов, Роман Сидоров, Спартак Захаров киирбиттэрэ. Василий үлэһиттэрин дьиэ кэргэттэрин олоҕор-дьаһаҕар эмиэ кыһаллара, сотрудниктар кэргэттэрэ общественнай үлэҕэ актыыбынайдык кытталларын ситиспитэ. Бэйэтэ олох боростуой, аһаҕас дууһалаах, куруук үөрэ-көтө сылдьар идэлээҕэ. Олус талааннаах ырыаһыт бэрдэ этэ. Кини ырыата суох маассабай тэрээһиннэр барбат этилэр. Хомойуох иһин табаарыспыт МВД Юридическай институтугар үлэлии сылдьан, биһиги кэккэбититтэн букатыннаахтык бараахтаабыта. Бу биһиэхэ, саастыы уолаттарыгар улахан сүтүк буолбута.
Никита Николаевич Уус Алдан Чэриктэйиттэн төрүттээх, биир дойдулааҕым, аатырар Дүпсүн орто оскуолатын бииргэ үөрэнэн бүтэрбиппит. Кини оскуола кэнниттэн Горькайдааҕы милииссийэ үрдүк үөрэҕин бүтэрбитэ уонна манна ананан кэлэн үлэлии сылдьар. Мин кэлэрбэр начаалынньык ОДУУМ дуоһунастаах, ол аата учасковай инспектордар үлэлэрин салайар. Үлэтин сүнньүнэн дьону-сэргэни, оройуон общественноһын кытары ыкса сибээстээхтик буруйу эрдэттэн сэрэтэр үлэҕэ бииргэ кэриэтэ үлэлииллэр. Оройуон нэһилиэктэрин аайы участковай инспектордар штаттара баар буолалларын, кинилэри олорор дьиэнэн, үлэлиир усулуобуйаларын хааччыйыы боппуруостарынан туруорсан элбэх үлэни ыытара. Ол түмүгэр оройуон бары нэһилиэктэригэр участковай инспектордар дуоһунастара көрүллэрин ситиспитэ. Бу отдел уопсай үлэтингэр-хамнаһыгар улахан төһүү күүс буолбута. Кырдьык ханна да тиий, хайа баҕарар үлэ араас боппуруостарын быһаарарга миэстэтигэр бэйэ киһитэ бара элбэҕи быһаарар эбит этэ. Никита биһикки бииргэ үөрэммит дьон, өссө эбии ыкса билсэн, дьиэ кэргэн иһинэн ыкса бодоруһан барбыппыт. Кэргэнэ Зоя Васильевна манна ЫБСЛКС пиэрбэй сэкиритээринэн өр кэмҥэ үлэлээбит буолан, биһиэхэ оччотооҕу бутуурдаах кэмнэргэ куруук сүбэ-ама биэрэн көмөлөһө сатыыр буолара. Зоя Васильевна Дьокуускайга салайар үлэҕэ ананан, онно дьиэнэн көһөн барбыттара. Никита Николаевич бочуоттаах сынньалаҥҥа тахсан баран, чааһынай охраннай тэрилтэҕэ үлэлээбитэ. Билигин куоракка ньир-бааччы олороллор.
Бу уолаттар барбыттарын кэннэ начаалынньыгы солбуйааччыларынан анаммыттара, криминальнай сулууспаҕа Никифор Ефимович Павлов, бу иннинэ ОБХСС инспиэктэрэ, общественнэй бэрээдэги бөҕөргөтүүгэ Алексей Ильич Герасимов, бу иннинэ ГАИ наччаалынньыга, каадыровай сулууспаҕа Надежда Васильевна Николаева, уруккута бу сулууспа инспиэктэрэ. Бу эдэр саастаах аныгы көлүөнэ дьоно олоххо, үлэҕэ-хамнаска саҥа көрүүлэри, сүүрээннэри киллэрэн үлэлээн-хамсаан барбыттара. Отдел боевой, служебнай көрдөрүүлэрэ салгыы тупсарыгар элбэх өрүттээх үлэни ыыппыттара.
Штаб хайа тэриллиэҕиттэн, кини тэрийэр-хонтуруоллуур үлэтигэр отдел дьуһуурунай чааһа киирбитэ. Манна Горнай отделыгар бу иннинэ суох дьуһуурунай чаас сулууспатын арыйан үлэлэтии соруга турбута. Бастатан туран, бу тэриллэр дьуһуурунай чаас штатнай расписаниетын бигэргэтии, ол штаттарга саҥа сотрудниктары сүүмэрдээһин ыытыллыбыта. Оперативнай дьуһуурунай дуоһунаһыгар ирдэбил быһыытынан милииссийэ урукку өттүгэр өр кэмҥэ үлэлээбит, уопуттаах милииссийэ эпписиэрдэрэ талыллыбыттара. Бу дуоһунаска хара маҥнайгыттан уонна өр кэмҥэ үлэлээбиттэрэ Иван Михайлович Данилов, Валентин Дмитриевич Константинов, Игнатий Игнатьевтьевич Морозов, Анатолий Васильевич Иванов. Дьуһуурунай көмөлөһөөччүлэринэн үлэлээбиттэрэ Роман Афанасьевич Платонов, Егор Егорович Колочев, Анатолий Афанасьевич Васильев, Дмитрий Михайлович Павлов. Дьуһуурунай чаас дьуһуурунайдара биир суукка иһигэр оройуону барытын тутан олороллоро, араас быһылааннар, айылҕа алдьатыылара, сааскы халаан уута, ойуур баһаардара, техногеннай алдьаныылар барыта бу дьуһуурунай чаас иһинэн учуоттанан, тутатына туһааннаах биэдэмэстилэргэ биллэриллэн, салгыы маны туоратыы үлэлэр хонтуруолга ылыллаллара. Оччолорго билиҥҥи МЧС эҥин суох кэмнэрэ этэ. Маны таһынан саамай сүрүн, эппиэттээх үлэлэрэ суукка иһигэр буолбут бары быһылааннары регистрациялааһын, буруйу арыйыыга толору састааптаах оперативнай бөлөҕү бириэмэтигэр таһааран, кинилэр үлэлэрин хонтуруоллааһын сүктэриллэрэ. Итинэн сибээстээн отдел дьуһуурунай чааһа оройуоҥҥа соҕотох сүрүннүүр-тэрийэр уорган буолбута.
Штаб сулууспата каадыр отделын кытары эмиэ сибээстээхтик үлэлээн отдел бойобуой уонна служебнай бэлэмэр быһаччы үлэлэһэрэ. Бойобуой, служебнай уонна физическэй өттүнэн уопсай бэлэм милииссийэ үлэтигэр эбэһээтилинэй ирдэбил этэ. Ол да иһин бу үлэ үрдүк көдьүүстээх буоларыгар улахан болҕомто ууруллара. Маны таһынан сылын аайы зоналарынан арахсан отделлар икки ардыларыгар комплекснай спартакиадалар ыытыллаллара. Манна отдел эрэ чиэһин буолбакка бүтүн оройуон спортивнай сайдыытын көмүскээһин соруга турара. Ол иһин сылын аайы сотрудниктар эт-хаан өттүнэн салгыы эбии сайдыыларыгар аналлаах былаан-расписание оҥоһуллан физподготовка ыытыллара. Маны таһынан МВД штаба ыытар уонна ол түмүгүнэн отдел үлэтигэр сыанабыл биэрэригэр бойобуой, служебнай уонна физичекэй бэлэм туспа сыаналанара. Отдел хас биирдии сотруднига бойобуой уонна физическэй бэлэмэр биэдэмистибэннэй аналлаах нормативтарга эксээмэн уонна зачет туттараллара. Манна мин бастаан үлэлиир кэммэр, БСП сулууспатын штата суох этэ, ол иһин бу үлэҕэ чугас уонна сыһыаннаах сотрудник ананан үлэлиирин ситиспитим. Бу үлэҕэ ордук таһаарыылаахтык уонна өр бириэмэҕэ Григорий Антонович Захаров үлэлээбитэ. Кини спорка чугас сыһыаннаах уонна тэрийэр үлэҕэ дьоҕурдааҕа отдел физическэй таһыма үрдээһинигэр биир сүрүн олус буолбута. Григорий Антонович бэйэтэ дэгиттэр талааннаах спортсмен уонна спорт туһугар олоҕун анаабыт киһи буолар.
90-с сылларга биһиги отделбыт спартакиадаҕа саамай күүстээх центральнай зонаҕа киирэн кыттарбыт. Ол саҕана отдел үлэтигэр бойобуой, служебнай уонна физическэй бэлэмнэниигэ болҕомто ууруллубат буолан бу спартакиадаларга биһиги уопсай түмүккэ бириистээх миэстэлэргэ тиксибэт этибит. Наар кыаттарыы хомолтотун эппитинэн-хааммытынан билбит дьон БСП үлэтин күүскэ ылсан барбыппыт. Манна олохтоох дьону билэр киһи Григорий Антонович саҥа сотрудниктары сүүмэрдээһиҥҥэ спорка сыһыаннаах, үчүгэй бэлэмнээх эрэ уолаттары сүүмэрдээһин үлэтэ саҕаламмыта. Ону тэҥэ отдел начаалынньыгынан олох эдэр эмиэ олохтоох киһи Леонид Леонидович Ефремов анаммыта бу үлэ үрдүк таһымҥа тахсарыгар төһүү күүс буолбута. Кини хара маҥнайгыттан ыытыллар бу тэрээһиннэри өйөөн, отделбыт Бүлүү бөлөх оройуоннарын зонатыгар киллэриллэрин ситиһэн, спартакиада биир ыйын инниттэн тэрийэр сбордары ыыталаан, хас көрүҥ аайы эппиэттээх дьону туруортаан барбыта. Ол курдук саамай ирдэнэр эппиэттээх ытыы икки көрүҥэр Г.А.Захаров, самбоҕа тустуу маастара В.Д.Константинов, волейболга уонна эстафета көрүҥэр С.Е.Платонова ананан хас да спартакиадаҕа сыллата субуруччу ситиһиилээхтик кыттарбытын кинилэр хааччыйбыттара.
Г.А.Захаров бэйэтэ хайыһарга, ону кытары автоматынан ытыыга ситиһиилээхтик кыттан, зона хас да төгүллээх призера. Маны таһынан бу сыллата ыытыллар спартакиадаларга сүрүн кылааттарын киллэрбит сотрудниктарынан ааттаталыам этэ икки зона чемпионнарын уонна призердарын. Бэстилиэтинэн ытыыга Н.Н.Рожин, Б.С.Афанасьев, Д.М.Борисов, И.М.Данилов, М.П.Александров, Н.В.Николаева, автоматынан ытыыга Г.А.Захаров, Д.М.Борисов, Р.Н.Сидоров, самбоҕа В.Д.Константинов, А.Н.Тюмереков, Д.М. Борисов, И.Е.Варламов, П.Н.Федоров, С.С.Никифоров, волейболга хамаанда өр сыллаах капитана А.Н.Копылов. Сылын аайы ыытыллар маннык спартакиадалар уһулуччу чаҕылхай, иннилэрин биэрбэтэх, хастыы да төгүл субуруччу чемпионнара, тустуу маастара Валентин Константинов, Прокопий Федоров, Семен Никифоров, бу уолаттар сылын аайы самбо курдук оһуобай профильнай ирдэбиллээх ыарахан көрүҥҥэ күрэхтэһии «саамай чаҕылхай» тустуугун аатын кимиэхэ да биэрбэккэ сылдьыбыттара. Иван Данилов ытыы маастарын, Альберт Копылов волейболга «бастыҥ оонньооччу» ааттарын хастыы да төгүл субуруччу ылары ситиспиттэрэ. Бу сотрудниктар чаҕылхай кыайыылара биһиги ахсаан өттүнэн төһө да Бүлүү зонатыгар саамай кыра отдел буолларбыт, 2002 с. Бэрдьигэстээххэ бэйэбитигэр ыытыллыбыт спартакиадаҕа уопсай хамаанданан бастакы, начаалынньык Л.Л.Ефремов, 2003 с. Сунтаарга, начаалынньык З.В.Федоров иккис буолары ситиспиппит. Манна уопсай түмүккэ Сунтаардары кытары очукуобут ахсаана тэҥнэһэн тахсыбыта, ол да үрдүнэн бу спартакиада хаһаайыттарыгар олохтоох «истиэнэлэрэ» көмөлөһөн, хаачыстыбанан сүүйэн бастакы миэстэ Сунтаар хамаандатыгар бэриллибитэ. Бу барыта кылгас кэм иһигэр күүстээх уларыта тутуу курдук суһаллык уонна көдьүүстээх тэрээһин үлэттэн тахсыбыта. Ол умнуллубат сыллартан ыла зонаҕа саамай улахан уонна хаһан да уопсай түмүккэ иннин биэрбэтэх Бүлүү хамаандатын ахсаан өттүнэн саамай кыра Горнай отдела иккис күөҥҥэ үтүрүйэн улахан сэҥээриини уонна бэйэтигэр хаһан да умнуллубат болҕомто уурулларын ситиспитэ.
2002 с. мин МВД бирикээһинэн отдел начаалынньыгынан анаммытым. Бу саҥа дуоһунаспар үлэбин саҕалыырбар бастатан туран личнэй састаап сөптөөх үлэлиир усулуобуйатын хааччыйыы боппуруоһа олус сытыытык турбута. Ол сыл олох эргэ тус-туһунан үлэлии олорон урукку райсовет хонтуората буола сылдьыбыт дьиэтин туруорсан ылбыппыт. Бу дьиэ хапытаалынай эрэмиэнигэр үп-харчы көрдөөһүнүгэр, эрэмиэн үлэтин ыытыыга элбэх өрүттээх кэпсэтиилэр, үлэлэр ыытыллыбыттара. Бу үлэҕэ сирэй эппиэттээччи, хаһаайыстыбаннай чааска солбуйааччым Степан Павлович, финансовай чаас инспектора Любовь Юрьевна Константинова, сэкиритээтим Вера Иннокентьевна Захарова өйөбүл, күүс-көмө буолбуттара. Салайар дуоһунастарга саҥа дьон ананан, криминальнай милииссийэҕэ Александр Петрович Алексеев, Константин Константинович Сивцев, общественнай бэрээдэги бөҕөргөтүүгэ Андрей Наумович Полятинскай, Альберт Николаевич Прокопьев, силиэстийэҕэ Василий Гаврильевич Кононов, Ньургун Николаевич Олесов, Василий Николаевич Наумов, штаб начаалынньыгынан Надежда Ильинична Пахомова ананан үлэлээбиттэрэ. Отдел личнэй састааба 70 аттестованнай сотрудникка тиийэ үүммүтэ. Материальнай-техническэй база, автотранспортнай парка техника өттүнэн хааччыллыылара тупсан барбыта. Үлэлииргэ сөптөөх усулуобуйа барыта хааччыллыбыта. Ол барыта отдел бойобуой уонна служебнай үлэтин уопсай көрдөрүүлэрэ салгыы тупсарыгар төһүү күүс буолбуттара. 2003 с. МВД иһинэн ыытыллыбыт комплекснай бэрэбиэркэ уопсай түмүгүнэн отдел «үчүгэй» сыананы ылан, аан бастаан өрөспүүбүлүкэ бастыҥ көрдөрүүлээх отделларын ахсааннарыгар киирбитэ. Манна мин тоһоҕолоон, истиҥ-иһирэх тылынан ахтан ааһыам этэ ол сылларга улуус баһылыгынан үлэлээбит Эдуард Федорович Сидоровы. Кини хара маҥнайгыттан, мин отделга начаалынньык дуоһунаһыгар ананарбар мэктиэлээн, сөбүлэҥин биэрэн көмөлөспүтэ. Бииргэ үлэлиир кэмнэрбитигэр нэһилиэнньэҕэ отчуоттуур мунньахтарга куруутун миигин илдьэ сылдьара, ол курдук оройуон бары нэһилиэктэрин сылга иккилиитэ кэрийэн отчуоттуурбут, дьону кытары көрсөн араас өрүттээх үлэни ыытарбыт. Оннооҕор үс оройуон Бүлүү, Горнай, Эдьигээн оройуоннарын баһылыктара көрсүһүүлэригэр ыраах хоту Эдьигээн оройуонугар кыһыҥҥы массыына суолунан баран кэлбиттээхпин. Онно барытыгар ханна да сырыттарбыт Эдуард Федорович, аҕа киһи быһыытынан наар сүбэлии-амалыы сылдьааччы, хаһан даҕаны ханнык да балаһыанньаҕа кыыһырсыбакка наар боппуруостары быһаартыыр этибит. Итинник истиҥ сыһыан ыарахаттардаах тэрээһин боппуруостары быһаарыыга өйөбүл буолара. Оройуоҥҥа 2002 с. ылыллыбыт үбүлээһин өттүнэн хааччыллыылаах, «Программа борьбы с преступностью в Горном районе» бигэргэтиллэн үлэҕэ киирбитэ улахан ситиһии этэ. Оройуоҥҥа буруйу оҥорууну сэрэтэр үлэҕэ оройуон бары нэһилиэктэрэ, тэрилтэлэрэ, дьоно-сэргэтэ барыта туруммута. Итинник хабааннаах уопсай тэрээһин үлэлэр тиһигин быспакка ыытыллар этилэр. Ахтан-санаан ааһыам этэ, кылгас да бириэмэ буоллар, оройуон көҥүл тустууга федерациятын салайан, онно оройуон тустууга салгыы сайдарыгар олохторун анаабыт, олус бэриниилээх дьону, ол иһигэр кэлин Саха көҥүл тустууга кылаабынай тириэнэрэ буолбут Владимир Николаевич Кириллины кытары бииргэ үлэлээн ааспыт кэмнэрбин оройуон остуоруйатыгар умнуллубат кэрчик буолан хааллаҕа.
Горнай отделыгар үлэлээбит сылларбар дуоһунастарыгар үүннэрэн таһаартаабыт сотрудниктарым А.Алексеев, Н Олесов, бэйэлэрэ отдел начаалынньыктарынан, В.Кононов МВД силиэстийэҕэ отделыгар. В.Наумов, Н.Максимов ГИБДД управлениетыгар, Е.Морозова, Л.Константинова, В.Захарова МВД өрөспүүбүлүкэтээҕи отделларыгар үрдүк дуоһунаскатарга тахсан ситиһиилээхтик үлэлии сылдьаллар. Онтон М.Александров, А.Осипов, А.Полятинскай, А.Копылов, М.Парфенова, С.Слепцова билигин Горнай отделын полициятыгар үрдүк салайар дуоһунастарга үлэлии-хамсыы сылдьаллар. Бу сотрудниктар салгыы үрдүк салайар дуоһунастарга үүнэн-үрдээн тахсыыларыгар мин бастакы акылааты уурсубут курдук сананабын уонна кинилэринэн билигин бочуоттаах сынньалаҥҥа олорон киэн туттабын, салгыы бу ыарахан, эппиэтинэстээх үлэлэригэр өссө үрдүк ситиһиилэри баҕарабын.
2004 с. ИДьМ анал бирикээһинэн Жиганскай отделын начаалынньыгынан ананан үлэлии барбытым. Бу отделга 2012 с. диэри эҥкилэ суох үлэлээн баран, «по выслуге лет» бочуоттаах сынньалаҥҥа тахсыбытым. Тутатына ол сыл туһунан чааһынай охраннай тэрилтэ тэринэн күн бүгүнүгэр диэри дириэктэринэн үлэлии сылдьабын. Бу 40 сыл эҥкилэ суох сулууспалаабыт сылларбар, тустаах үлэм таһынан оройуон иһинэн ыытыллар общественнай-политическэй тэрээһиннэргэ көхтөөхтүк кыттарым, ол курдук олохтоох нэһилиэнньэ өйөбүлүн уонна итэҕэлин ылан Уус Алдан оройуонугар ЫБСЛКС райкомун бюротун чилиэнинэн, Жиганскай оройуонугар оройуон депутатынан, Горнай оройуонугар тустуу федерациятын бэрэссэдээтэлинэн талыллан үлэлии сылдьыбытым. Наҕараадаларым «Отличник полиции», «Отличник МВД России», «За безупречную службу МВД», 1,2,3 степеннэринэн наҕараадаламмытым. Атын элбэх биэдэмистибэннэй мэтээллэри аахтахха, бу илиискэ баппат, түөспэр эмиэ миэстэ суох буолла.
Билигин бочуоттаах сынньалаҥҥа тахсан баран, үлэлээбит уонна кэргэним дойдутугар Бэрдьигэстээххэ олоробун. Биһиги көлүөнэ диэн сэбиэскэй бириэмэҕэ, сэбиэскэй милииссийэ үлэтигэр олохпутун анаабыт уолаттар бары кэриэтэ бэтэрээннэр сэбиэттэрин иһинэн мустан олоххо бииргэ хардыылыыбыт, таах олорбокко оройуон олоҕор-дьаһаҕар барытыгар кыттан иһэбит. Манна чорботон бэлиэтиэм этэ, сэбиэппит бэрэссэдээтэлин Эдуард Ильич Павловы. Кини хара маҥнайгыттан барыбытын түмэ тардан, чопчу былааннаах маассабай-култуурунай уонна спортивнай үлэни төрдүттэн биһиэхэ саастаах дьоҥҥо улахан сэргэхситиини үөскэттэ. Урукку курдук бырааһынньыктарга эрэ мустуунан муҥурдаммакка, араас өрүттээх маассабай куоҥкурустары, күрэхтэһиилэри, кыаммат кырдьаҕас бэтэрээннэргэ муус-мас тиэйэн көмөлтө үгэскэ кубулуйда, ол барыта бэтэрээннэр активностарын лаппа сэргэхситтэ. Ол барыта саастаах дьон тус олохпутугар инники элбэх эрэли үөскэтэр. Маны таһынан биһи көлүөнэ урукку начаалынньыкпыт Дмитрий Павлович бүтүн оройуон бэтэрээннэрин сэбиэтин бэрэссэдээтэлинэн эмиэ үрдүк таһаарыылаахтык үлэлии-хамсыы сылдьара биһигини элбэххэ эбээһинэстиир. Аны туран Эдуард Ильич гиирэ уонна хапсаҕайдаһан тустууга дьарыктанан, оройуон сборнай хамаандатыгар киирэн араас күрэхтэһиилэргэ кыттан оройуоҥҥа бастаан, өрөспүүбүлүкэҕэ хаста да призердаан чаҕылхай кыайыылары ситистэ. Өссө атын бэтэрээннэрбит өрөспүүбүлүкэ биллэр тустууктара Валентин Константинов, Андрей Васильев бэтэрээннэргэ өрөспүүбүлүкэҕэ бастааннар уонна Валентин Константинов бэтэрээннэргэ Бүтүн Аан Дойду чемпионатыгар кыттан үһүс бириистээх миэстэҕэ тиксибитэ. Бу биһиги бэтэрээннэр эрэ буолбакка оройуон, өрөспүүбүлүкэ, дойду улахан ситиһиитэ буолар. Аҕыйах хонуктааҕыта биһиги бэтэрээммит Андрей Васильев бирииһигэр оройуон киинигэр Бэрдьигэстээххэ остуол тэнниһигэр өрөспүүбүлүкэтээҕи турнир ыытыллыбытыгар биһиги бэтэрээннэр күүс-көмө өйөбүл буолбуппут. Бу уолаттар үһүөн сотору кэминэн биһиги оройуоммутугар ыытыллаары турар «Манчаары оонньууларыгар» оройуон сборнай хамаандатыгар киирэн, оройуоммут чиэһин көмүскээри күүскэ эрчиллэр сборга сылдьаллар. Онтон тустуу улахан маастара Валентин Константинович хапсаҕайга оройуон сборнай хамаандатыгар эппиэттээх тренеринэн үлэлии сылдьар. Сэбиэт ыытар үлэтин биир хайысхатынан буолар бэтэрээннэр истэригэр дойду араас муннуктарыгар тахсыталыыр итии туочукаларга сулууспалаан кэлбит буойун интернационалистары кытары ыытар үлэтэ. Горнай отделыттан Хотугу Хапкаас сэриитигэр кыттыыны ылан кэлбит буойуттар Роман Сидоров, Владислав Антонов, Григорий Винокуров, Гаврил Никифоров ааттарынан биһиги киэн туттабыт. Биһиги сэбиэппит иһинэн оройуон урукку кэмнэрин, сэбиэскэй олох милииссийэтин үлэтин-хамнаһын, ол кэмҥэ үлэлээбит милииссийэ сотрудниктарын үйэтитиигэ былааннаах үлэни ыытар. Ол курдук, үс оннук кинигэни таһааран, бу саҥа кинигэлэр сүрэхтэниилэрин олохтоохтор иннилэригэр, полиция отделыгар, бэтэрээннэр истэригэр үрдүк таһымнаахтык ыыппыппыт. Сотору кэминэн төрдүс кинигэ бүтэн бэчээккэ бэриллээри сылдьар. Бу маннык үрдүк таһымнаахтык уонна көдьүүстээхтик ыытыллар маассабай хамсааһыннары тэрийэн ыытыыга сэбиэт ити үлэтин билиҥҥи полиция оройуоннааҕы салаатын салалтата уонна чуолаан каадыр отделын салайааччыта Айаана Николаевна Полятинская өйөөннөр, бииргэ түмсэн ыытыллара кэрэхсэбиллээх, инникигэ элбэх эрэли үөскэтэр.
Захар Федоров.
«Төрөөбүт алаас ахтылҕана… Бастакы хардыылар…Мүччүргэннээх сырыылар… Түбэлтэлэр, быһылааннар» кинигэттэн (2020 с)