Алтынньы 8 күнүгэр түүн 03.27 мүн. Горнайдааҕы Ис Дьыала отделын дьуһуурунай чааһыгар Бүлүү Федеральнай суолун 259 км «КАМАЗ» саахалламмытын туһунан иһитиннэрии киирбит.
Дьокуускай – Кыһыл Сыыр айаннаан испит 1971 с. төрүөх суоппар миэстэтигэр суорума суолламмыт.
«КАМАЗ» — ка бииргэ айаннан испит, 1991 с төрүөх пассажир саннытыгар эчэйии ылбыт, кини тылыттан, кэлэн иһэн суоппары кытта 0,5 л икки водканы испиттэр, ол түмүгэр суоппар кыайан уруулун туппакка, суолтан туораан саахалламмыттар.
Билигин силиэстийэ ыытыллар диэн СӨ Госавтоинспекцията телеграмм канаалыгар иһитиннэрэр.
Убаастабыллаах суоппардар, суолга сэрэхтээх буолуҥ, арыгы иһэн баран уруулга олорумаҥ.
«Үлэ күүһэ».