Горнай улууһун гербэтэ тайах – хара тыа биир саамай маанылаах кыыла. Бөдөҥө-садаҥа, күүһэ-уоҕа сүр, сүүрэринэн хайа да кыылга тэҥэ суох түргэн. Сахаларга былыр-былыргыттан ытыктанар, мааныланар кыыл. Өбүгэлэрбит саҕаттан кэмнэнэн-кээмэйдэнэн эстибэккэ бултанан, төһөлөөх саханы абыраабыта, аас-туор олоххо аччыктааһынтан быыһаабыта буолуой?!
Биһиги гербэбитин сорох атын улуус дьоно, ардыгар бэйэбит да испититтэн өйдөөбөт курдук тутталлар. Ойоҕоһунан эриэннээх эҥин диэн. Дьиҥэр, мин олус табыллыбыт диибин. Гербэ оҥоһулларын саҕана, Саха сиригэр тайаҕы бултааһын болдьоҕун кылгатар туһунан, араас мунньахтарга тыл этэн, өрөспүүбүлүкэ хаһыаттарыгар, салайааччыларыгар суруйан, этэн туруорса сылдьар кэммит этэ. Улуус баһылыга П.И.Васильев ону өйөөн туран, гербэҕэ тайах буолуохтааҕын сөбүлээн, анал тэрилтэҕэ итэҕэтэн, тылын ылыннаран, биир дойдулаахпытыгар академик Афанасий Осиповка оҥотторбута.
Мин 2008 с. бэс ыйын 21 күнүгэр автор Афанасий Николаевичтан мастарыскыайыгар сылдьан интервью ыларбар, гербэбит тоҕо маҥаннааҕын туһунан ыйыталаспытым. Онно маннык хардарбытын болҕомтоҕо ыларгытыгар көрдөһөбүн:
-…Биһиги уруккута Арҕаа Хаҥаластар буоллахпыт. Булгунньахтаах анараа өттүгэр Дьаам диэн сиргэ, таас хайаҕа былыргылар уруһуйдаабыттарыттан ылыллыбыта. 1967 с. сайын Валериан Васильевтыын онно тиийэн үлэлээбиппит. Өссө итинник уруһуйдар Сиинэҕэ эмиэ бааллар.
Маҥаннаах эҥин диэн олох сыыһа этэллэр. Былыргыларыҥ итини уобарастаан, киэргэтэн, бөлүһүөктээн оҥоруулара буолар. Тоҕо маҥаннааҕый? Өбүгэлэрбит итинэн айылҕабыт ырааһын, ол тыытыллыа суохтааҕын, ырааска, маҥаҥҥа ханнык да бээтинэни, куһаҕаны түһэрбэппит курдук гына алҕаан, кэлэр көлүөнэҕэ кэс тыл буоларыныы уруһуйдаабыттар. Иккиһинэн, санаа ырааһа, сырдыга – бу духуобунай сайдыы биир сүрүн тускула! Олус дириҥник толкуйдаан, үтүөнү, кэрэни, сырдыгы баҕаран оҥорбуттар!!! Мин биир дойдулаахтарбар ити өбүгэлэрбит ыра санааларын ситимнээн тириэрдибиппинэн, көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэр гербэни оҥорбуппунан астынабын.
Бу быһаарыыта “Төрөөбү т дойдутуттан иэйии ылан” кинигэбэр киирбитэ.
Онон улууспут гербэтин туһунан ССРС норуодунай худуоһунньуга Афанасий Осипов, толору өйдөбүлү биэрбитин, дириҥ суолталаах бөлүһүөктүү быһаарыытын ыччаттарбытыгар, хантан баҕарар кэлэр ыалдьыттарга, ханна эмэ бардахха, атын да улуус дьонугар, сиһилии кэпсии, чуолкайдык өйдүү-саныы сылдьыаҕыҥ.
Василий Алексеев.