Горнайдар өрөспүүбүлүкэ иннигэр сыаналаммат өҥөлөөххүт

Аҕыйах хонуктааҕыта юридическай билим дуоктарын, бэрэпиэссэр Макар Яковлевы кытта төлөпүөүнэн сибээскэ тахса сылдьыбытым. Кэпсэтиибит сүнньүнэн Саха Суверенитетын тула буолбута. «Биир көрсүһүүгэ, оччолорго өрөспүүбүлүкэбит президенынан үлэлии олорор Вячеслав Штыров: «Горнайдар өрөспүүбүлүкэ иннигэр сыаналаммат өҥөлөөххүт», – диэн Макар Макарович кэпсээбитэ. Тыый, ол туох өҥөбүтүн чорботтоҕой диэн, бастаан утаа санаа охсуллан ылла. Ону бүгүн эһиэхэ кылгастык билиһиннэрэ түһүөм.

Бу күн 1990 с. Саха Өрөспүүбүлүкэтэ суверенитет ылынар туһунан Декларацияҕа илии баттаабыта. Мантан ыла өрөспүүбүлүкэ ааттанан, история саҥа кэрдииһигэр үктэммиппит. Дьэ, манна, өрөспүүбүлүкэбит суолталаах кэмигэр горнайдар туох миэстэни, оруолу ылбыппытый?

Саха Өрөспүүбүлүкэтин бастакы Президенэ Михаил Николаев бэйэтин ахтыытыгар, горнайдары кытта көрсүһүүтүгэр, кини аҕа саастаах доҕоро, учуутала Софрон Данилов Саха судаарыстыбаннаһа бөҕөргүүрүгэр, Саха сирэ уонна Арассыыйа икки ардыгар Федеративнай дуогабар олохтоноругар сүҥкэн оруоллааҕын туһунан хаста да ахтан, суруйан турар.

1990 сс. биһиги оройуоммут чаҕылхай ыччаттара Прокопий Осипов, Макар Яковлев ССРС норуодунай дьокутааттара буоланнар, оччотооҕу сэбиэскэй кэмҥэ, кэлин Арассыыйаҕа буолбут балысхан уларыйыыларга кыттыгастаах эрэ буолбакка, Прокопий Дмитриевич ССРС Үрдүкү Сэбиэтин чилиэнинэн, Сэбиэт айылҕа харыстабылыгар уонна сиртэн хостонор баайын сөпкө туттуу кэмитиэтин сэкэритээринэн, онтон Макар Макарович ССРС Үрдүкү Сэбиэтин сокуону оҥорон таһаарар хос кэмитиэтин бэрэссэдээтэлинэн талыллан, үрдүк көрдөрүүлээхтик үлэлииллэр.

Судаарыстыба биир уратыта кини анал дьаралыктаах уонна ырыалаах буолар. Саха Өрөспүүбүлүкэтин дьаралыгын (гербэтин) ааптардарыттан биирдэстэрэ, ССРС норуодунай худуоһунньуга, биир дойдулаахпыт Афанасий Осипов, онтон Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыствбаннай гимнын автордарыттан биирдэстэринэн Саха норуодунай бэйиэтэ Савва Тарасов буолар. Маннык улахан эппиэтинэс биһиги биир дойдулаахтарбытыгар сүгүллүүтэ, кинилэр чахчы, үлэлэринэн, олоххо көрүүлэринэн норуоттарын иннигэр элбэҕи ситиспиттэрин, оҥорбуттарын туоһулуур.

Авторы герба: народный художник СССР А.Н.Осипов, заслуженный деятель искусств В.С.Парников, график В.Н.Игнатьев, член-корреспондент Российской академии художеств И.А.Потапов.

Бу ааттаталаабыт дьоммут, кинилэр тус олохторун, өрөспүүбүлүкэбитигэр сүҥкэн кылааттарын туһунан өссө киэҥник, ырытыллан суруллуоҕа. Бииргэ толорутук сөбүлэһэр уонна этэр кыахтаахпыт: горнайдар өрөспүүбүлүкэ иннигэр сыаналаммат өҥөлөөхпүт! дииртэн.

Василий Тимофеев, 27.09. 2021 с.