Билигин кырыа кыһын сабардаан айылҕабыт барыта хаарынан бүрүллэн турар кэмэ. Ол эрэн, төһө даҕаны таһырдьа тымныйдар, Маалтааны нэһилиэгин «Мичээр» оҕо уһуйааныгар олордуу сардаана сибэкки тылынна. Сахабыт сирин биир саамай кырасыабай сардаана сибэккитин “Кустукчаан” бөлөх иитиллээччилэрэ олортулар.
“Кустукчаан” бөлөх оҕолоро, аан бастакы сардаана сибэккини олордуохтарыттан саҕалаан, күннэтэ иитээччилэрин Раиса Алексееваны, Надежда Алексееваны кытары тэҥҥэ көрөн-истэн, бүөбэйдээн көрдүлэр-иһиттилэр. Ол түмүгэр сибэккилэрэ сэтинньигэ тылынна.
Кырачаан дьоммут, Сардаана сибэкки хас күнүнэн быгарын, тахсарын кэтээн, чинчийэн көрдүлэр. Инники маннык кэтээн көрүү үлэтэ ыытыллыбыта оҕолорго туһалааҕын билэн, иитээччилэр салгыы сөргүтэргэ санаммыттар. Билигин хонуу ромашкатын о.д.а. атын көрүҥ үүнээйилэрин үөрэтэр, кэтээн көрөр баҕалаахтар. Маннык үөрэтии оҕону кыра эрдэҕиттэн чинчийии үлэтигэр сыһыарыы биир бастыҥ холобурунан буолара саарбахтаммат.
Вера Новикова