Горнайга суол саахалыгар хас да киһи эчэйии ылла

ИДьМ Госинспекциятын Саха сиринээҕи управлениета Горнайга икки суол быһылаана тахсыбытын туьунан телеграмм канаалларыгар иһитиннэрдэ.

Сэтинньи 29 күнүгэр 11:04 ч. Горнайдааҕы ИДЬМ- тын дьуһуурунай чааһыгар 38 саастаах дьахтар суол саахалыгар түбэһэн, медицинскэй көмөҕө наадыйбыт.

«Бүлүү» федеральнай суол 138 км. Дьокуускай-Бэрдьигэстээх икки ардыгар Хайс массыынанан айаннаан испит суоппар, массыынатын кыайан салайбакка, суолтан туораабыт. Массыынаҕа суоппартан ураты биир пассажир баар. Пассажир эмсэҕэлээбит.

Бэрэбиэркэ түмүгүнэн, суоппар быйыл «В, В1, С,С1, М» диэн категориялаах суоппар дастабырыанньатын ылбыт. Суол быраабылатын кэспитин иһин административнай эппиэтинэскэ 4 төгүл тардыллыбыт. Суоппар быһылаан кэмигэр анал харыстанар курун кэппэккэ айаннаан испит. Пассажир кэннигэр олорбут, харыстанар курун кэтэн олорбут. Саахал түмүгэр атаҕар эчэйии ылбыт.

Күнүс 12 чаас саҕана «Бүлүү» федеральнай суол 62 км. Дьокуускай-Горнай икки ардыгар суол быһылаана тахсыбыт. 60 саастаах Nissan Almera массыыналаах киһи айаннаан иһэн, утары 1982 с.төрүөх Toyota Vitz массыыналаах суоппарга утары суолга тахсан биэрбит.

Ниссан массыыналаах суоппар быһылаан түмүгэр араас ыарахан эчэйиини ылан, Горнайдааҕы киин балыыһаҕа аҕалбыттар. Пассажира суох. Тойота Витс массыынаҕа үс киһи эмиэ улахан эйэчиилэри ыланнар, суһаллык Дьокуускайдааҕы медучреждениеҕэ илдьибиттэр. Кинилэр ортолоругар 15 саастаах оҕо баара биллэр. Массыына суоппара уҥа тааһын уонна өттүгүн уҥуохтара холбоһор сирдэригэр оннуттан хамсаабыт сабыылаах тостуулаах, ол курдук тобугун үрдүнээҕи уҥуоҕа эмиэ оннуттан хамсаабыт тостуулаах, 1983 сыллаах төрүөх пассажир-дьахтар таала быһа барбыт, иккис айанньыт -15 саастаах кыыс  уҥа хомурҕана тостубут, түөһүн өттүттэн агдата эчэйиилээх.

Бэрэбиэркэ түмүгэр, Ниссан суоппара «Б, Б1» диэн категориялаах суоппар дастабырыанньалаах, 2004 сылтан административнай эппиэтинэскэ тардыллыбатах. Витс суоппара «А, а1, Б, Б1, М» категориялаах, 2000 с суол быраабылатын кэһиигэ эппиэтинэскэ тардыллыбатах. Бэрэбиэркэ ыытыллар.

Автоинспекция скоростной режимы тутуһаргытыгар, анал харыстанар курдары иилинэргитигэр ыҥырар. Атын массыыналары ситэн утары тахсар хайа да түгэҥҥэ кутталлааҕын санатабыт.

Суол быраабылатын тутуһуҥ!
Бэйэҕитин уонна чугас дьоҥҥутун харыстааҥ!

Үлэ күүһэ