Бүгүн Горнайга Саха Өрөспүүбүлүкэтин тыатын хаhаайыстыбатын уонна аска-үөлгэ политикатын миниистирэ Артём Александров, мелиорациялааhын уонна тыа сирин уунан хааччыйыы государственнай тэрилтэ салайааччыта Дмитрий Махаров үлэлээтилэр.
Одунуга саха сүөһүтүн иитэр генофонднай тэрилтэ хотонугар сылдьан, үлэни миэстэтигэр билистилэр.
Ол кэннэ Бэрдьигэстээххэ «Маатта» быhытын уонна Маҥаныга «Бордуолаах» сири нүөлсүтэр тутуу туруктарын көрдүлэр.
Салгыы Маалтааны нэhилиэгэр саха сүөһүтүн иитэр кэпэрэтиипкэ уонна Кировскайга саҥа тутуллубут сылгы базатыгар сырыттылар.
Тыа хаһаайыстыбатын управлениета