Горнайга тыатааҕы киһиэхэ саба түстэ

Бэҕэһээ Горнайга Мытаах нэһилиэгин Толоон  сиригэр, тыатааҕы биир дьахтарга саба түһэн улаханнык эчэттэ. Уу баһа күөлгэ киирбитигэр, эмискэ кэнниттэн  саба түспүт. Соһуччу иэдээҥҥэ түбэспит кэргэнэ ыһыытыыр-хаһыытыыр саҥатын истэн, кэргэнэ сүүрэн тиийэн, илиитигэр туох түбэспитинэн кулаан-сабаан барбытыгар,  адьырҕа кыыл дьаадьыйан биэрбит.

Эмсэҕэлээбит киһини суһаллык Бэрдьигэстээх балыыһатыгар  аҕаллылар.

Быраастар иһитиннэрбиттэринэн билиҥҥи туругунан эмсэҕэлээччи доруобуйатын туруга орто ыарахан, эмтиибит, кэтээн көрөбүт.

Оттон  бу адьырҕа  кыыл инникитин нэһилиэнньэҕэ кутталы үөскэппэтин туһуттан, билигин нэһилиэк дьаһалтата көҥүл ылан бултааһыны тэрийиэхтээх.

Барыта этэҥҥэ буоларыгар баҕарыаҕыҥ.

Сир астааччылар тыаҕа таҕыстаххытына сэрэхтээх буолуҥ диэн ыҥырабыт.

Хаартыска интернет ситимиттэн туһанылынна.