Тохсунньу томороон тымныытыгар Нерюнгрига Чульман бөһүөлэгиттэн соҕуруулуу илин 18 км сиргэ, Аччыгый Нохуот үрүйэ кытыытыгар сытар, «Нахот» турбаазаҕа сир анныттан тахсар термальнай минеральнай уулаах, сынньанарга анаан оҥоһуллубут бассейнардаах сиргэ сылдьан кэллибит.
Сахабыт сиригэр киһи кэрэхсии, үөрэ көрөр, сэргии истэр атын сирдэргэ суох дьикти хатыламмат Ытык сирдэрдээх. Дьон-аймах олус сөбүлээн, хайҕаан норуот уос номоҕо оҥостор. Ол эрэн, элбэхтик истибиттээҕэр бэйэҥ тиийэн көрбүтүҥ-истибитиҥ сүүс төгүл ордук.
Дьокуускайтан Аллараа Бэстээххэ чааһы кыайбатынан, Бэстээхтэн тимир суол тохтобулугар (вокзаалыгар) 30 мүн. тиийиллэр. Айан билиэтин онлайн ылар олус табыгастаах. Айана поеһынан 17 чаас эбит. Онон купены ылар ордук. Биир айанын төлөбүрэ 4125 солк, онтон плацкарт 2427 солк., сервиһыгар 385 солк. эбиллэр. Дьиэ кыылын илдьэ киирэр көҥүллэнэр эбит.
Поезд иһигэр буфет үлэлиир, минньигэс аһынан хааччыйаллар. Нерюнгриттан Чульмаҥҥа киирбэккэ чаас аҥаарынан турбаазаҕа тиийэр эбиккин.
Дьэ, айылҕабыт дьиктититтэн киһи сөҕөр, таһырдьа халлаан 27 кыраадыс тымныы турар эбит буоллаҕына, сиртэн тахсар уу сылааһа 37-38 кыраадыска тэҥнэһэр. Үс чаас астына сөтүөлээтибит, дуоһуйа сынньанныбыт.
2025 с. Нерюнгри 50 сылын бэлиэтиир. Дьоно-сэргэтэ олус холкуларын, эйэҕэстэрин бэлиэтии көрдүбүт, кэрэ-бэлиэ сирдэригэр, миэстэлэригэр сырыттыбыт.
Ол курдук И.И.Пьянков аатынан Саха сирин соҕуруу өттүн историятын үөрэтэр түмэлэ дириҥ историялаах эбит. 30-с сыллардааҕы сэдэх хаартыскалар аччыгый БАМ-ы тутууну, таас чоҕу хостооһуну, оройуон бастакы бөһүөлэктэрин историятын кэпсииллэр. Геологическай үөрэтии историятын матырыйааллара болҕомтону тардаллар. Ону тэҥэ Тында-Беркакит тимир суолу тутуу сүрүн түгэннэрэ, Саха сирин соҕуруу өттүгэр баар буолбут таас чоҕу хостооһун комплексын уонна Нерюнгри куораты төрүттээһин сиһилии көрдөрүллэр.Минераллар коллекцияларын, хайа уонна киэргэлгэ туттуллар күндү таастары уо.д.а көрөн, киһи куорат историятын билэр кыахтанар.
Маны таһынан, Нерюнгри куорат тутуутугар үлэлэспит бөдөҥ массыыналар, анал техникалар турар технопарк түмэлин сэргии көрдүбүт. Нерюнгрига спорт араас көрүҥэ күүскэ сайдыбыт сирэ.
”Петровы горы” диэн ааттаах хайыһардыыр бааза, билигин “Горизонт” диэнинэн биллэр. Бааза хайаҕа хайыһардыыры уонна сноуборду сөбүлүүр дьоҥҥо үс трасса баар. Онтон иккитэ бэрт боростуойдар, үсүһэ идэтийбит хайыһардьыттарга аналлаах. Бу трассалар уһуннара 700-тэн 1100 м. диэри үрдүктэринэн араастаһыылара 180 м тэҥнэһэр. Нерюнгрига туристарга, айанньыттарга анаан түһэр, хонон ааһар сынньалаҥ дьиэлэр (гостиницалар) бааллар. Элбэҕи көрөн-истэн, сэргэхсийэн кэллибит.
Дьэ, бу курдук бастакы сырыыбытыгар тэҥҥэ илдьэ сылдьыбыт, Нерюнгри сирдэрин көрдөрбүт, Горнайтан силистээх, спорду чөл олоҕу өрө тутар убайбар, остуол тенниһинэн утумнаахтык дьарыктанар, кылааһынньыкпытыгар Конон Федоровка, кини дьиэ кэргэнигэр махталбытын тириэрдэбит.
Дьиэ кэргэҥҥэр дьолу-соргуну, этэҥҥэ буолууну баҕарабыт. Сахабыт сирин кэрэ сирдэринэн сылдьыҥ, көрүҥ, сэргээҥ.
Нина Сутакова