Горнай оройуонун 12 нэһилиэгиттэн 886 киһи байыаннай чаастарга ыҥырыллан, быһаччы сэриигэ кыттыбыта. Кинилэртэн 480 эдэр ыччаппыт эргиллибэтэхтэрэ, 406 киһи сэриини кыайыынан түмүктэһэн, ким араанньы, ким инбэлиит буолан кэлбитэ.
Биһиги ордук хорсуннук сэриилэспит, фроҥҥа сахалары аатырдыбыт буойуттары ураты тутан бэлиэтиир ытык эбээһинэстээхпит.
Октябрьскай нэһилиэгиттэн ыҥырыллыбыт Степан Ковров снайперскай бинтиэпкэтинэн 30-ча немецтэн аҥардарын сууһаран, сорохторун атаҕынан куоттаран, кыайыылаах тахсыбыта. Өлбүтүн кэннэ Кыһыл Сулус уордьанынан наҕараадаламмыта. Арҕааҥҥы фронт үрдүнэн биллибит снайпер, разведчик Николай Прохоров 70-тан тахса фашиһы суох гыммыта. Алтата бааһырбыта. Аҕа дойду сэриитин 2-с степеннээх уордьаннаах, «Бойобуой үтүөлэрин иһин» мэтээллээх.
Ильмень күөл кыргыһыытыгар 23 фашиһы кыдыйбыт Яков Петров, байыаннай уокурук, дивизия бастыҥ снайпера Иван Сергеев, 29 немеһи суох оҥорбут 110 сд снайпера Егор Кононов «Бойобуой үтүөлэрин иһин» мэтээлинэн наҕараадаламмыттара. Баҕа өттүнэн сэриигэ тылланан барбыт пулеметчик, снайпер быһыытынан биллибит Кыһыл Сулус уордьан кавалера Семен Дьячковскай бэйэтин снайперскай ахсааныгар 25 немеһи кыдыйбыта суруллубут.
Сэрииттэн үс бойобуой уордьаннаах эргиллибит туйгун разведчик Семен Павлов, Албан аат 3-с, 2-с степеннээх уордьанынан уонна «Хорсунун иһин», «Бойобуой үтүөлэрин иһин» мэтээлинэн наҕараадаламмыт Алексей Андреев, Албан аат 3-с, 2-с степеннээх уордьаннаах Петр Платонов, Бойобуой Кыһыл Знамя уордьаҥҥа түһэриллибит Иннокентий Егоров, Кыһыл Знамя уордьаннаахтар: Иван Алексеев, Николай Николаев, Иннокентий Канаев, Николай Федоров Аҕа дойду иннигэр иэстэрин чиэстээхтик толорбуттара.
Саха сирин норуотун бүттүүнүн киэн туттуута, Атамайга төрөөбүт Советскай Союз Геройа Владимир Лонгинов сырдык аатыгар Бэс Күөлүгэр бюһа туруоруллубута.
«Чыпчаал» кинигэттэн.
Кыайыы 60 сыллаах архыып хаартыскалара туһанылыннылар.