Хаайыылаахтар күрээһиннэрэ

1977 с. Хабаровскайдааҕы милииссийэ аналлаах оскуолатын бүтэрэн, дойдубар Уус Алдан оройуонун Ис дьыалаҕа отделын холуобунай ирдэбил сулууспатыгар иниспиэктэринэн үлэлии сылдьабын. Бу сулууспаҕа ыстаат быһыытынан иккиэбит, ыстаарсайым милииссийэ капитана К., кини туһунан инники суруйан турабын, милииссийэ үлэтигэр уонна олох араас очурдарыгар элбэхтик эриллибит киһи буолан, бу үлэҕэ баай уопуттаах, салайар сулууспатыгар туруоруллубут сыалы-соругу эҥкилэ суох толорор, оччотооҕу тыа оройуоннарыгар бу сулууспа биир бастыҥ, тарбахха баттанар салайааччыта этэ. Мин буоллар төттөрүтүн төһө даҕаны аналлаах холуобунай ирдэбил иниспиэктэрдэрин бэлэмниир милииссийэ үөрэҕин бүтэрдэрбин иниспиэктэрдэрин бэлэмниир милииссийэ үөрнэҕин бүтэрдэрбин, бу сулууспа үлэтигэр билбэтим-көрбүтүм күн-түүн аайы оронон элбээн иһэр, ол иһин үөрэҕим бүппэккэ эбии кытаанах үөрэх салҕанан бара турар. Оруобуна үүт-үкчү милииссийэ Хабаровскайдааҕы оскуолатын бүтэрэр сылбытыгар Комсомольск-на-Амуре куорат отделларыгар быраактыканы хайдах барбыппын санатар, ол курдук манна да, антах да үлэм биир халыып курдук саҕаламмыттара. Мин сарсыардаттан киэһэ хойукка диэри паапка кыбынан баран киһибин күлүк буолан батыһа сылдьабын, түүн утуйарыгар эрэ арахсабыт. Ол сылдьан наар киһим айаҕын маныыбын, манны аҕал, итини илт диирин кэтэһэбин. Онтон киһим үөрэх курдук тугу да үөрэппэт, хара маҥнайгыттан хараххынан көрөн, илиигинэн тутан-хабан үөрэниэхтээххин, эйиигин манна хаттаан үөрэтэ олорор соло да,  бириэмэ да суох. Билигин санаатахха, киһим миигин батыһыннара сылдьан бэйэтин көрдөрөн үөрэппит эбит, кырдьык мин бу киһини батыһа сылдьан элбэххэ үөрэммитим, бастатан туран дьиҥнээх олоххо эдэр киһи ханнык хайысханан барарым, өй-санаа өттүнэн салгыы сайдарбар уонна саамай сыаналааҕа оччотооҕу бириэмэ олоҕун оҥкула хайдаҕын табатык өйдүүрбэр олук уурбут киһинэн буолбут эбит. Кэлин мин бэйэм бу сулууспа ыстаарсай иниспиэктэрэ буолан баран, өр сылларга бу үлэҕэ эриллэн-буруллан, бүтэһигэр бэйэм сыалай оройуоннааҕы отделы салайар начаалынньыга тиийэ үүммүтүм.

1978 с. бэс ыйын бастакы күннэрэ. Мин үлэбинэн төрөөбүт дойдубар Дүпсүҥҥэ командировкаҕа сылдьабын. Сарсыарда бэрээдэк быһыытынан туох үлэни ыыппыппын уонна эбии сорудах ылаары ыстаарсайбар К. субуоннаабыппар, киһим манна аан алдьархайа бөҕө буолбутун, алта хаайыылаахтарбыт күрээбиттэрин туһунан уонна аара утары массыыналары, дьону бэрэбиэркэлии-бэрэбиэркэлии манна кэлэ оҕус диэн сорудахтаата. Дьэ, иэдээн диэтэҕин, оччолорго хаайыыттан киһи күрүүрэ олох сэдэх, биирдэ эмэтэ баар буолааччы, онтон манна биһиэхэ буолаары-буолан тэрээһиннээх, элбэх буолан күрээһин.

 

Оччону истэн баран олоруом дуо, былааспынан туһанан сопхуос дириэктэригэр соҕотох УАЗик массыына баарын ыһыытаппытынан “тутан” ылан Бороҕоҥҥо тэптэрдим. Аара суолбар утары көрсүбүт массыыналары бэрэбиэркэлии-бэрэбиэркэлии отделбар эбиэт саҕана эрэ тиийдим. Манна мин иннибэр хайыы-үйэ  куораттан “улахан тойоттор” кэлэ охсубуттар, обкуом административнай отделын сэбиэдиссэйэ С., өрөспүүбүлүкэ борокуруора П., тустаах Ис дьыала министиэристибэтиттэн хас да “тойон”, уонча аналлаах этэрээт байыастара ыттаах бөртөлүөтүнэн көтөн кэлбиттэр. Икки чаастан отделга оперативнай мунньах саҕаланна. Мунньаҕы С. салайан ыытар, буруй бука барыта “утуйа” сыппыт дьоҥҥо биһиэхэ “ыарахан сүгэ” буолан саалынна, хата биһиги дьолбутугар бу күрүөйэхтэр саамай “кутталлаахтар”, киһини соруйан өлөрүүгэ буруйданан хаалла сытааччы А. тутуллан “тойоттор” арыый сымнаабыт дьүһүннээхтэр. Атын тутуллубакка куота сылдьар “күрүөйэхтэр” буруйданар ыстатыйалара арыый халымыр соҕус, ол да буоллар урукку өттүгэр “хаайыллар” диэн тугун эттэринэн-хааннарынан амсайбыт дьон, уһуннук босхо дьон ортотугар сырыттахтарына кутталлаах буолуохтарын сөп, ол иһин бу “күрүөйэхтэри” ир суолларын ирдээн суукка иһинэн тутаттыырга диэн сыал-сорук туруордулар. Бу дьон урукку сибээстэрин учуоттаан хас даҕаны тус-туспа көрдүүр бөлөхтөрү тэрийдилэр, үс бөлөх уонна ордор бары сотрудниктар, общественность оройуон киинигэр уонна бөһүөлэк таһынан көрдүүр буоллулар, биир бөлөх куоракка куотар түбэлтэлэригэр аартык буола сытар уонна урукку өттүгэр үгүстүк сууттана сылдьыбыт “хаайыылаахтар” таптаан мустар сирдэригэр Суоттуга барар буоллулар, манна мин ыстаарсайым К. ананна, кини урукку өттүгэр манна учаскуобайдаабыт буолан дьонун-сэргэтин, сирин-уотун кимнээҕэр да ордук билэр киһи. Мин биир куорат “оперын” кытары суһаллык куоракка тиийэ охсон, онно баар араас “куһаҕан” саарбах соҕус дьон таптаан мустар сирдэринэн кэрийэн, бу өссө даҕаны “көҥүлгэ” босхо көччүйэ сылдьар “хаайыылаахтарбытын” көрдүөхтээхпит. Биһиги бөлөхпүт сүр тиэтэлинэн ГАИ инспиэктэрэ К., Аҕа дойду сэриитин саҕанааҕы аатырбыт эмиэрикээнискэй “джип” массыынаалаҕынан Суоттун биэрэгэр бириистэҥҥэ бырахтардыбыт, мантан куоракка ракетанан барыахтаахпыт. Биһиги куоракка дылы айаммыт мүччүргэннэрэ мантан саҕаланна. Арай биэрэккэ тиийбиппит өрүскэ халаан уутун иккис долгуна “хара” уута халааннаан биэрэккэ ыраахха дылы тахсыбыт, дьон үксэ ыстааннарын устан, дьахтар өттө ырбаахыларын өрө тардынан ракета тохтуур сиригэр ууну тобуктарыгар диэри кэһэн бара сатыы сылдьаллар. Биһиги хайдах буолабыт диэн тохтоон турдахпытына, биэрэккэ били Саадырын УАЗига сүүрдэн кэллэ, биһигини өйдөөн таба көрөөт, массыына хаһаайына бэйэтигэр ыҥыртаан ылла уонна баччааҥҥа диэри тоҕо куоракка тиийэ иликпитин иһин дэлби мөхтө-эттэ, ол быыһыгар үөһээнэн Бэстээххэ барар суол аартыгын ыйдарда, онтон аны массыынаҕа олоруҥ диэн дьаһайда. Төттөрү эргийэн бөһүөлэккэ тахсан иһэн оччотооҕу “Лена” сопхуос дириэктэрэ О. дьиэтин ыйдаран онно тиийдибит, киһибит дьиэтигэр баар эбит, биһиги дьоммут манна “чээйдиир” буоллулар, биһигини ханна да барбакка массыынаҕа олоруҥ диэн буолла. Манна “тойоттор” икки чааһы быһа “чээйдээтилэр”, били Бороҕонтон кэлэллэригэр “орто” холуочук дьон өссө эбиммиттэр, аны туран, Суотту ыһыахтыыр сиригэр баран эбии “асааһын” буолла, хата бу сырыыга биһигини массыынаҕа олордубакка күөх хонууга тэлгэтиллибит остуолларыгар бииргэ олорон асаһааччы буоллубут, кырдьык күнү быһа аһаабакка сылдьар дьон аччыктыырбыт ханна барыай уонна обком улахан “тойонун” кытары биир остуолга олорон асааһын биһиэхэ кыра дьоҥҥо чиэс-бочуот буолан эрдэҕэ. Дьэ манна сопхуос дириэктэрэ О.  миигин да буолбатар, ыстаарсайбын Кууһумуну уонна отдел начальнигынан П. хайҕаталаан, бу айдаан тахсыбытын түмүгүнэн ылыллаары турар тэрээһин быһаарыыларга үчүгэй өйдөбүлү хаалларбыта. Дьэ ити курдук буолар үчүгэй, дьонун-сэргэтин туһугар ис сүрэҕиттэн ыалдьан үлэлии сылдьар салайааччы Ыстапаан барахсан, ол да иһин кини дьонун-сэргэтин убаастабылын, итэҕэлин чахчы ылыан-ылбыт салайааччы этэ. Асааһын бүтэн, хаалар дьону кытары быраһаайдаһан биһиги “үлэлии” сылдьар дьон айаҥҥа туруннубут, аара айаннаан иһэн биһиги эрэйдээхтэр ууга-уокка киирэ айаннаатыбыт, биир бириэмэҕэ сыбаанньабыт үрдээн кэлэр, онтон өр буолбат олох даҕаны үлэбититтэн уһуллан хаалабыт, ол курдук бэһиэлэйдик айаннаан түүн олох хойут Бэстээх паруомугар кэлэн киирдибит. Арахсарбытыгар С. биһиэхэ үлэбитигэр ситиһиилэри баҕаран, туох эмит кыһалҕа тирээтэҕинэ үлэтигэр тиийэрбитигэр көҥүл биэрэ хаалбыта. Биһиги обкомтан “кырыысаламмыт” дьон үөрэ-көтө күрүөйэхтэрбитин көрдөөн бардыбыт. Ол курдук икки хонугу быһа куорат араас “бичээринэлэрин”, пиибэ атыыланар туочукаларын барытын кэриэтэ кэрийдибит, бэйэбит буоллар ол биистэрбититтэн туох да атына суох таҥнан, кинилэр оруолларыгар киирэ сылдьабыт, билсибит дьоммутун кытары тэҥҥэ пиибэлээн, арыт аһары туттунан кэбиһэн, итирик аҥаардаах сылдьан, ыкка ытыттаран, хаста да дьиҥнээх хаайыылаахтарга, “өҥнөөхтөргө” түбэһэн, кырбана сыһан, нэһиилэ куотан тыыннаах хааллыбыт, өссө да маннык сылдьа түспүппүт буоллар, тыыммытын иһиллииллэрэ хаалта быһыылаах, хата үһүс күммүтүгэр күрүөйэхтэр бары тутулуннулар “отбой”, онон үлэҕэр кэл диэн телефонунан бирикээс туттум. Дьэ онон “биистээн, пиибэлээн” бүтэн, үлэбэр кэллэҕим дии.

Бу А. диэн туох киһиний уонна бачча элбэх, бөлөҕүнэн хаайыылаахтар хайдах күлүүс хаайыытыттан мүччү туттаран куотан айдаана таһаардылар. А. диэн омугунан саха, сааһынан олох эдэр, отут түөрдүгэр эрэ сылдьар, тас көрүҥүнэн саха киһитигэр ыраас хааннаах бааһынайдыҥы кырасыабай, уһун курбуу мас курдук көнө уҥуохтаах, дьахтар аймах хараҕын хатыыр киһитэ, ол туоһутунан уон алта саастаах оскуола оҕотун бааһынай кыыһы кэргэн ылан олорбута. Төһө да эдэрин иһин, бу отут түөрт сааһыттан аҥаарын, оҕо эрдэҕиттэн хаайыыга олорон атаарбыт, бэйэтин эйгэтигэр, ол аата хаайыылаахтар ортолоругар улахан аптарытыатынан биллэр, харса-хабыра суох майгытынан, сырыыларынан уонна иккитэ сууттана сылдьыбыт ыстатыйалара ыарахан көрүҥнээхтэринэн, ону таһынан сууттанаары сыппыт ыстатыйата киһини соруйан өлөрүү буолан улахан кутталлаах хаайыылаах этэ. Бу киһиҥ хаайыыга сытан көҥүлгэ сылдьар “дьонуттан” кистэлэҥ сурук “малява” тутар, онно табаарыстара суруйалларынан инники “зонаҕа” олорон оҥорбут ыар буруйа “күөрэйэн” тахсыах курдугун, эбиитин эдэр кэргэнэ кыыс кистээн “күүлэйдиирин” туһунан истэр уонна хайаан да күрүүргэ быһаарынар. Манна биир хаамыраҕа сытар икки киһи, арааһа куттанан да буолуо, бииргэ күрэһэргэ сөбүлэҥнэрин биэрэллэр. Былаан быһыытынан күрүүргэ саамай табыгастаах бириэмэ сарсыардааҕы “оправка”, ол аата туалет, иһэр уу, кипяток биэрээһинэ табыгастаах курдук, манна ханнык дьуһуурунай симиэнэ сөп түбэһиэхтээҕин кытта ааҕан таһаараллар. Табыгастаах кэми күүтэн олороллор.

Оччотооҕу сэбиэскэй бириэмэ саҕана билиҥҥи ИВС (изолятор временного содержания) оннугар хас оройуоннааҕы отделлар аайы КПЗ (камера предварительного заключения), ол аата холуобунай буруйу оҥорбут дьон силиэстийэ бириэмэтигэр уонна суутунан бытархай күлүгээнистибэ иһин сууккаланан олорор дьон хаамыралара бааллара. Онно билиҥҥи курдук бу дьону харабыллыыр туспа дьуһуурустуба суох, ол эбээһинэһи дьуһуурунайдарга сүктэрэллэр. Отделга биир дьуһуурунай сууккаҕа икки эрэ сотрудник дьуһуурустубаҕа тураллар, ыстаарсайынан эпписиэр сыбаанньалаах, туспа дуоһунастаах сотрудник дьуһуурунай буолар, онтон кини көмөлөһөөччүтүнэн рядовой милииссийэ тураллар. Ол айдааннаах күн дьуһуурустубаҕа дьуһуурунайынан эпписиэр, милиция младшай лейтенана О., көмөлөһөөччүтүнэн рядовой милиссэниэр А. турбуттар. Сарсыарда алта чааска бу А. дьуһуурунайын сэрэппэккэ эрэ, ол киһитэ антах көрүдүөр уһугар баар кабинетыгар олордоҕуна, КПЗ распорядогын быһыытынан сарсыардааҥҥы “оправканы” бу А. былааннаабытын курдук соҕотоҕун КПЗ иһигэр киирэн, А.олорор хаамыраларын арыйааччы буолбут, маны эрэ күүтэн аан таһыгар саһан турбут А. биһиги киһибитин уолугуттан харбаан ылан хаамыра иһигэр ньылбы тардан ылбыт уонна үһүөн саба түһэн охторон, дөйүтэн кэбиспиттэр. Ойон тахсан, тугу да билбэккэ бэйэтин кабинетыгар олорор О. ойон киирэн, өйдөнүөх бокуой биэрбэккэ, үлтү сынньан дөйүтэн баран көтөҕөн аҕалан ол хаамыраҕа быраҕан баран хатаан кэбиһэллэр. Атын өссө икки хаамыраны арыйан онтон үс киһини таһаараллар уонна тахсан үс аҥыы куоталлар. А. соҕотоҕун дьиэтигэр ыстанар, үс киһи Суоттулуур санаалаах куорат тыраассатыгар тута тахсардыы бараллар, ордубут икки киһи Бороҕон иһигэр саһар сир көрдөнө сүүрэллэр. Ол бириэмэҕэ отдел начальнига П., күн аайы буоларын курдук, дьуһуурунай суукка хайдах ааспытын билээри дьиэтиттэн дьуһуурунай чааска эрийэр даҕаны дьоно эппиэттээбэттэр, онуоха кини отдел таһыгар олорор хачыгаар Өлөксөйгө эрийэн тахсан көр, уонна миэхэ дьиэбэр эрийдиннэр диир. Бэйэтэ бараары таҥна сырыттаҕына, Өлөксөйө субуоннаан алдьархай буолбутун биллэрэр.

Дьэ манна отдел иһигэр түрүлүөн бөҕө буола түһэр, суһал “түрүбүөгэ” биллэриллэн баар сотрудниктар бары атахтарыгар туруоруллан, отделга мусталлар. Ол иннинэ начальник кэлэн хаамыраҕа хааттара сытар дьуһуурунайдарын босхолотолуур. Түрүбүөгэҕэ бастаан кэлбит Кууһумун икки буруйдаах сотрудниктар О., А. уонна милиссэньиэр Ф. илдьэ күрүөйэх дьиэтигэр сүүрэн тиийбиттэрэ, дьиэ иһиттэн хатааһыннаах, түннүгүнэн өҥөйөн көрбүттэрэ А. муостаҕа олорон икки уостаах булт саатын хомуйа сатыы олорор эбит, Кууһумун уонна бу икки уол дьону куоттаран киҥнэрэ-наардара холлон, харса суохтарыгар түһэ сылдьар дьон өр толкуйдуу барбакка, түннүк тааһын үлтү сынньан дьиэҕэ көтөн түһэн киһилэрэ саатын быраҕын быһахтана сатаабытын, өрөлөһөр бокуой биэрбэккэ бары саба түһэн, дөйүтэн, муостаҕа охторон түһэрэн үнтү мөрөйдөөн, хомурҕанын таһааран “чороччу” кэлгийэн баран түҥ-таҥ анньан хаамыратыгар аҕалан төттөрү уган кэбиспиттэр. Бу А. дьиэтигэр тиийэн, кэргэн кыыһы кырбыы-кырбыы дэлби араастаан, содур, сидьиҥ быһыылаахтык хааттара сыппыт таҕылын таһааран күүһүлээбит, биир сааһын туола илик эһээкэй оҕотун атаҕыттан ылан истиэнэҕэ дэлби охсон, сыбаан өлөрбүт, дьахтарын эмиэ араастаан сордоон, сүөһү курдук астаан өлөрүөхтээҕин уолаттар эрдэ кэлэн мэһэйдээбиттэр, дьиэ иһэ ынырык хартыына, өлбүт оҕо, муоста барыта кыа-хаан, ботуруон бөҕөтө муостаҕа ыһылла сытар, кыыс ийэттэн төрүү сыгынньах, этэ-сиинэ барыта быһаҕынан тырыта-хайыта тыытыллан хаана оҕуолуу сылдьар, бу кыыс өр бириэмэҕэ балыыһаҕа сытан нэһиилэ атаҕар турбута. Хата бу А. өйдүүр сааһын барытын кэриэтин хаайыыга атаарбыт буолан, булт саатынан тутта үөрүйэҕэ суоҕа абыраабыт, эбиитин саата ТОЗ-34 ЕР, мээнэ киһи дөбөҥнүк хомуйа охсубат саата буолан биэрбит, сааны сатаан түргэнник хомуйа охсубута буоллар, дьэ алдьархай өссө эбии дириҥиэхтээҕэ хаалбыта.

Хаалбыт биэс күрүөйэхтэн үһүн Кууһумуннаах Суоттан бөһүөлэгин, Хоноҕор учаастагар тиийэн саспыттарын билэн, саһа сытар дьиэлэрин таһыгар тоһуур оҥорон, биир киһилэрэ таһырдьа тахсыбытын саба түһэн туппуттар уонна ол киһинэн ааны астаран туох да тыаһа-ууһа суох тутуттаабыттар. Икки киһи оройуон киинигэр саһа сылдьалларын түүннэри-күнүстэри тохтообокко көрдөөн, эмиэ туох да айдаана суох туппуттара. Мин бу айдааҥҥа бастаан саҕаланарыгар Дүпсүҥҥэ, онтон көрдөөһүн бириэмэтигэр куоракка буолан хааламмын, бу күрүөйэхтэри тутааһыҥҥа кыттыыны ылбакка хаалбытым.

Түмүгэр бу А.урут оҥорбут буруйугар өссө эбии хаайыыттан күрээһин, оҕону өлөрүү, ыарахан содур көрүҥнээх күүһүлээһин, милииссийэ сотрудниктарыгар күүс өттүнэн өрөлөһүү барыта эбиллэн, саамай кытаанах миэрэҕэ ытылларга ууруллубута. Онтон ол күн дьуһуурустубаҕа турбут буруйдаах милииссийэлэр О. уонна А. үлэлэриттэн ууратыллыбыттара, онтон отдел начальнига П. бу дуоһунаһыгар саҥа үлэлээн эрэрин учуоттаан, үлэтигэр хаалларан, кытаанах быыгабарынан муҥурдаммыттара. Кырдьык К. оччолорго отучча саастаах республика отделларын саамай эдэр начальниктара уонна бу иннинэ силиэдэбэтэллии сылдьан соҕотоҕун биир сыл иһигэр сүүс сүүрбэ дьыаланы бүтэрэн суукка ыытан республика үрдүнэн бастыҥ көрдөрүүнү биэрбитэ учуоттанан, онно эбиитин хайа үөһээ ахтан аһарбытым курдук оччолорго республика үрдүнэн биир бастыҥ көрдөрүүлээх “Лена” сопхуос дириэктэрэ, улаханнык убаастанар киһи Ы. барахсан С.эппит тыла-өһө манна эмиэ көмөлөспүт буолуон сөп дии саныыбын.

Захар Федоров,

«Төрөөбүт алаас ахтылҕана… Бастакы хардыылар…Мүччүргэннээх сырыылар… Түбэлтэлэр, быһылааннар» кинигэттэн (2020 с)