Хоһоон «Күөрчэх (дагда)»

Күүгэнирэ ытыйар ытыгынан
Күөрчэх бэлэмниир ийэкээм
Киэҥ остуолу тула олорон
Кэтэһэллэрэ оҕо аймах.

Күөрчэх сарсыардааҥы ас
Кыралыын бары аһыырбыт
Килиэбинэн биһэ оймоон
Күөрчэҕи буккуйа сиирбит.

Эриэкийэ соҕотох ынахпыт
Элбэх оҕону аһаппыт үтүөлээх
Ама ааспытын иһин даа
Арыт санаан хараастабыт.

Оннук олох ааспыта онно
Оҕолор түмсэ кэпсэтэбит
Бэриллибит нуорма күөрчэхпит
Бу айахпар минньийэ биллэрэ.

Өбүгэ астанан кэлбит аһа
Өрүү остуолга баар этэ
Махтана саныыбыт сүөһүбүтүгэр
Маннык аһаппыт үтүөлээҕин.

Мөлдьөөт Өлөөнү