Бэрдьигэстээххэ “Бэргэн” ытыы комплекс үлэҕэ киириэҕиттэн өрөспүүбүлүкэ үгүс улууһуттан оҕолор кэлэннэр көҥүл тустуу, буулдьанан, оҕунан ытыы көрүҥнэринэн утумнаахтык дьарыктаналлар. Быйылгы сайыҥҥы иккис сезоҥҥа оҕунан ытыыга саҥа саҕалааччы 26 эдэр спортсмен ох спордунан дьарыктанна.
Оҕолору тренердэр Валентина Соркомова, Нюргустана Сидорова ох спордун кистэлэҥнэрин арыйан, маастарыстыбаларын үрдэтэллэригэр үлэлэстилэр.
Иккис сезоҥҥа Ньурбаттан, Үөһээ Бүлүүттэн, Өлөөнтөн, Эдьигээнтэн, Мэҥэ Хаҥаластан, Хаҥаластан, Дьокуускайтан оҕолор кэлэннэр эрчиллэн, улууспут кэрэ, киэн туттар сирдэрин, дьоннорун кытары билсэн, билиилэрин хаҥатан үөрэн-көтөн бардылар.
Иккис сезон бүтэһик күнүгэр оҕолор дьарыктарын түмүгүн тренердэригэр көрдөрөн, бэйэ икки ардыгар күрэхтэһии ыыттылар. Спортсменнар бары даҕаны ох спордун бэркэ сэҥээрбиттэр. Ытар рубежка үөрэ-көтө тахсан, улаханнык долгуйбакка кытыннылар.
Түмүккэ үс бастыҥ иһигэр киирдилэр: 10 м сыалы ытыыга – Сайаана Прокопьева, Нарияна Прудецкая, Сайнаара Алексеева, 30 м – Юлия Евменова, Айураана Мохначевская, Тимур Архипов.