Балаҕан ыйын 15 күнүгэр Россияҕа санитарнай эпидемиологическай сулууспа үлэһиттэрин идэлээх күннэрэ бэлиэтэннэ.
Бу үлэҕэ үтүө кылааттарын киллэрсэн үлэлээбит биир дойдулаахтарбыт үгүстэр.
Олортон биирдэстэрэ СӨ үлэҕэ бэтэрээнэ, СӨ госсанэпидсулууспатын Бочуоттаах үлэһитэ, СӨ доруобуйатын харыстабылын туйгуна, «Горнай улууһун доруобуйатын харыстабылын Бочуоттаах үлэһитэ», тапталлаах идэтигэр 45 сыл анаабыт Парасковья Егоровна Шамаева.
Бу сулууспа тас эйгэ киһиэхэ кутталлаах дьайыылар, сыстыганнаах ыарыылар тарҕамматтарын туһугар кэтээн көрүү, сэрэтэр уонна олору кытары утары охсуһар улэлэри тэрийээһин, хонтуруоллааһын буолар.
Улууспутугар санэпидемстанция, онтон центр Госсанэпидслужбы диэн 20 үлэһиттээх тэрилтэ үлэлээбитэ.Онтон 2005 с. реорганизация буолан, 2 тэрилтэҕэ араарбыттара, Роспотребнадзор управлениета уонна Гигиена уонна эпидемиология киинэ диэн. Хомойуох иһин билигин ити икки тэрилтэ биһиги улууспутугар суохтар.
«Өр сылларга үлэлээбит кэллиэгэлэрбин олус күндүтүк саныыбын.Кылаабынай быраастарынан Владимир Пузанков, Владимир Пикуль, Александр Захаров,Николай Маньков, Людмила Голомарева, Татьяна Лугинова үлэлээбиттэрэ.
Улууспут бэйэтэ баклабораториялаах этэ. Өр сыллара бактериологическай бырааһынан Екатерина Полятинская үтүө кылааттаахтар.
Лаборанканан Татьяна Павлова, санитарканан Анастасия Варламова, дезинфекторынан Анастасия Лашко үлэлээбиттэрэ.
Маннык үлэҕэ, идэҕэ бэриниилээх дьоннордуун үлэлээбит дьоллоохпун. Ол сылларбын ахтан-санаан тураммын, бииргэ үлэлээбит коллегаларбын барыгытын бу Санитарно-эпидемиологическай сулууспа төрүттэммитэ быйыл 101 сылынан итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин!»,- диэн Парасковья Шамаева санаатын үллэстэр.
Ыччат дьоҥҥо идэни таларга, сөбүлүүргэ, идэҕэ бэриниилээх буоларга, үтүө холобур буолар дьоммутунан тумус туттан кэпсиэҕиҥ, холобур оҥостуоҕуҥ.
Нина Сутакова