Иэйии кута дэгэттэнэн

Юрий Дьячковскай-Дьуур хоһоонноро ааҕааччы болҕомтотун тарпыта. Кини Горнай улууһугар төрөөбүтэ, онно оҕо сааһа ааспыта. Оскуолаҕа үөрэнэр сылларыгар биир дойдулаахтара убайдыы-быраат Даниловтар айар үлэлэригэр ис сүрэҕиттэн сүгүрүйэн, эдэркээн сааһа ааспыта.

1979 с. СГУ физико-математическай факультетын ситиһиилээхтик бүтэрэн, физик идэтинэн Дьокуускайга, Горнайга, Үөһээ Халымаҕа үлэлээн, олох киэҥ аартыгар үктэммитэ. 1985 с. Дьааҥы улууһун Остуолба нэһилиэгэр учууталлаабыта. Кэлин Табалаах нэһилиэгин дьаһалтатын баһылыгынан талыллан, салайар үлэҕэ сылдьыбыта. Юрий Егорович 1980 с. хоһоону суруйуунан утумнаахтык дьарыктанар.

Юрий Дьячковскай-Дьуур «Иэйии кута дэгэттэнэн» кинигэттэн хоһооннорун таһаарабыт. Ааҕыҥ, сэргээҥ.

Киһи – айылҕа оҕото

Бу орто туруу
Бараан дойдубар
Киһи диэн улуу,
Кистэлэҥ буолар.

Киһи кэрэтин сэһэргээн,
Киһи үтүөтүн кэрэхсээн,
Киһи – айылҕа оҕото,
Киһи – айылҕа сорҕото.

Биирдэ өрө көтүү
Өйгүн сүүйбэтэр,
Сороҕор түһүү
Эрэлгин ылбатар.

Олох суола хатыы –
Онно дьэти булаар,
Хаһан даҕаны кытыы
Түбэһэр буолумаар.

Өбүгэлэр оонньуулара

Хаһан эрэ ааспыт кэмнэр
Үрдүк хаардаах систэригэр
Саһан хаалбыт омооннор
Сэмээр тиллэн эрэллэр.

Өбүгэлэр оонньуулара –
Кэлэр кэскил күрэхтэрэ.
Өбүгэлэр үгэстэрэ –
Олорор олохпут оҥкуллара.

Көмүөл мууһун санатан
Ыччат дьоммут түмүллэн,
Өбүгэ үгэһин сөргүтэн
Оонньоон эрэрэ кэрэтиэн.

Кэлин кэлэр үйэлэргэ
Ыччат дьоммут оонньоотун,
Ыра санаа кэскилгэ,
Ыраах угуйа туруохтун!

Өтөхтөр

Өтөхтөр, өтөхтөр – өбүгэлэрбит олохторо
Өр сыллар анараа өттүлэригэр
Өлбөөркөй дьүһүҥҥүт суоҕа,
Өҥ-быйаҥ олох баара.

Ол бэйэҕит умнуллаҥҥыт
Оһоххут уота умайбат,
Оҕо саҥата чугдаарбат,
Оҕус даҕаны айаатаабат…

Тугу саныыр буолаҕын.
Тойон Аар сэргэ?
Төһөлөөх ыар санааны
Тураҕын эн сүгэҥҥин.

Суох буолбут дьонноргун
Суохтаан эрдэҕин буоллаҕа,
Саҥа дьон олохсуйарын
Сэмээр кэтэһэн эрдэҕиҥ…

Өтөхтөр, өтөхтөр – өбүгэлэрбит олохторо
Өйдүүбүт эһигини, саныыбыт ахта –
Өр сыллар өһүөннэрин хааллара
Өрүү-хоно кэлиэхпит олоро.

Тыа сирэ

Тыа сирэ, тыам сирэ –
Төрөөбүт төрүт түөлбэбит,
Төһөлөөх күндүгүн саха сүрэҕэр
Түөрэхпит түспүт сирдэрбит.

Олох үгүс ыар ыйаахтарын,
Олор охсуулаах содулларын
Оһорунан, тулуйан кэллэҕин,
Оһоҕун буруота унаардын.

Саҥа сүүрбэ биирис үйэҕэ
Саҥалыы тэрээһин саҕаланнаҕа,
Сайдыы суолун дьэ тэллэр,
Санаа түмүгүн өһүллэр.

Бэрдьигэстээх тоҕойо

Дьааҥы үтүө тоҕойо
Дьону тардар үйэҕэ,
Дьоһун дьону тосхойо,
Дьикти дойду итэҕэй.

Бэрдьигэстээх, Бэрдьгэстээх,
Бэрт үгүс үчүгэйдээх.

Хатыҥ чараҥ суугунуур
Хаамыс тэҥҥэ дэһэрдии,
Үрэх сүүрдэн чырылыыр
Уубун иһэн аас диирдии.

Сааһын аайы ньургуһун
Симиир кырдал сирдэрин,
Саарыыр куспут олуһун
Сөбүлээбит буомнарын.

Тунах кэмин саҕана
Тохтообокко балык ыыр,
Сөрүүн түһүүтүн саҕана
Субу-субу чалымныыр.

Олох үөскүүр дорҕоонтон

Олох үөскүүр дорҕоонтон,
Дьикти долгун эйгэттэн,
Саҕыллар эбээт, ол, онтон
Иэйии кута дэгэттэн.

Олоххо кэлбитин биллэрэн
Оҕо таһаарар дорҕоону,
Дьылҕатын түстүүрүгэр, эрэн
Өйдүүр буол, ол, ону.

Айылҕалыын бастакы алтыһыыта
Дьэ, итинник саҕаланар,
Олоҕу олорон ааһыыта
Ол түгэҥҥэ суруллар.

Хайа сиргэ түспүтүҥ
Онно төлкөнү быһаарар,
Ханнык киһи кэлбитин
Сити кэмҥэ этиллэр.

Сир дорҕооно тус-туспа,
Ол аата айылгыта,
Дорҕоон тарҕыыра биир туспа –
Онно киһи дьиктитэ.

Сайылыкпар

Самаан сайын кэлиитэ
Сахам сирэ кэрэҕин,
Санаторийга, курортка мин
Соччо диэн баҕарбаппын.

Тиийиэм түптэ буруота
Тунуйа бүрүйбүт сайылыкпар,
Тииттэр быыстарынан күн
Түһэн эрдэҕинэ кэрэтиэн.

Охсуом дуоһуйа, илистэ
Оту өлгөмнүк астына,
Отуубар тахсыам киэһэ
Оргууйдук сынньана.

Кэрийиэм сөрүүҥҥэ сааланан
Көлүччэлэрбин оргууй аҕай,
Көҕөн тутан тахсыам,
Кутаа оттон буһарыам.

Сынньаныам сылайбыт киһилии
Сымнаҕас нуһараҥ, дьикти
Сытынан дыргыйар окко
Сытыам дуоһуйа, нухарыйа.

Сыалаах эти сии,
Сүөгэйдээх чэй иһэ
Сэһэргэһиэм сээркээн дьоммунаан,
Сынньаныам өйдүүн-санаалыын.

Сынньамматым диэм дуо, ама
Сайын дойдубар тахсаммын
Сайылыкпар, сахам балаҕаныгар
Сити кэннэ, доҕоттоор!

Санаторийга, курортка мин
Соччо диэн баҕарбаппын,
Сайын эрэ кэлиитэ
Сайылыкпар тиэтэйиэм.

Елена Дьячковская уруһуйа