Ийэ-аҕа педагогиката биһиги олохпутугар

Үлэ киһини киэргэтэр

Үлэ – олох уостубат уйгута, киһитийии тулхадыйбат тутааҕа, дууһа уолбат утаҕа, чэбдигирии дэгиттэр ньымата.

Биһиги дьоммут олоххо буспут-хаппыт, үлэҕэ эриллибит-мускуллубут буолан “Үлэ – дьол, уйгулаах олох төрдө” буоларын эттэринэн-хааннарынан билбиттэрэ, биһиэхэ, оҕолоругар ол тыыны иҥэрэн улаатыннардылар.

Аҕам Чемезов Егор Николаевич 1952 с. Кэптин VII кылаастаах оскуолатын бастакынан бүтэрбиттэртэн биирдэстэрэ. Сырдыкка тардыһыыта, билиигэ баҕарыыта, үөрэххэ дьулуура сатыы куоракка тиэрдэр, тыа хаһаайыстыбатын техникумугар киирэр. Ситиһиилээхтик үөрэнэ сылдьан үс сылга армияҕа сулууспалаан кэлэр. 1959 с. бастакы үөрэхтээх зоотехник буолан, Маалтааныга тахсар. 5 сыл «Коммунизм»  холкуос солбуйар бэрэсcэдээтэлинэн, зоотехнигынан, биригэдьииринэн үлэлиир.

Мария Петровна Андреева  оскуола кэнниттэн культпросвет училищены бүтэрэн, 1959 с. Кэптиҥҥэ кулууп сэбиэдиссэйинэн ананан тахсар. Айылҕаттан ыйыллыбыт ыйааҕынан онно аҕабын көрсөн, сөбүлэһэн-таптаһан ыал буолаллар. 1964 с. 4 оҕону кыбыммытынан  Дьокуускайга, эбэлээх эһэбэр көһөн киирэн, аҕам Саха государственнай университетыгар, ийэм медучилищеҕа үөрэнэ киирбиттэр. Аҕам күнүһүн үөрэнэрэ, түүнүн хачыгаардаан, биһигини иитэр-аһатар, хамнастанар. Ийэм 1967 с. үөрэҕин бүтэрэн бастакы поликлиникаҕа патронаж сиэстэрэтинэн үлэлээбитэ. Дьоммут үөрэнэр кэмнэригэр биһигини эбэлээх эһэбит көрбүттэрэ. Хайдахтаах курдук үчүгэй, ис киирбэх үтүөкэннээх дьон этилэрий? Мин өйдүүрбүнэн дьиэбит иһэ толору дьон буолара, устудьуон бөҕөтө аһыы кэлэрэ, куруук хоноһолор баар буолаллара. Мэлдьи бэйэ-бэйэни өйөсүһүү, үөрэ-көтө истиҥ сыһыан биһигини тулалыыра. Кэлбит дьоҥҥо,  харчынан быстыбыт устудьуоннарга эбээлээх эһээбит көмө тирэх буолаллара. Аҕам 1969 с. СГУ-ну туйгуннук бүтэрэн, Бэрдьигэстээххэ бэтэринээринэн ананар. Ол сыл бары көһөн кэлэбит.

Дьиэ кэргэн оҕону иитиигэ сүрүн үгэстэрэ

«Оҕо өйдөбүлүгэр дьиэ-кэргэн режимэ сөрү сөптөөх быраабыла курдук көстүөхтээх». «Өскөтүн үчүгэй режим олохтоммотох буоллаҕына, аҥаардас сэмэлээһининэн тугу да ситиһиэҥ суоҕа. Оттон сөптөөх режим тутуһуллар түбэлтэтигэр, ханнык да сэмэлэһиитэ суох иитиэххэ сөп» (А.С. Макаренко, IV т., 365 с., 371 с.)

Бастаан туран дьоммут режими тутуһага үөрэппиттэрэ олус диэн туһалаах эбит. Киэһэ сөпкө утуйарбыт, онон сарсыарда уубутун ханан турарбыт. Устудьуоннуу сылдьан режими тутуһарбыттан күнүм тыырыллан, сааһыланан, сөпттөөх тэтиминэн барара. Сорох бииргэ үөрэнэр кыргыттарым: «Туох ааттаах бириэмэни тутуһан хааллыҥ», – дииллэрэ. Режими тутуһуу билигин даҕаны бэйэбэр да, дьиэ кэргэммэр да олус туһалыыр. Режими тутуһууттан сиэттэрэн, дьоммут эти-сиини чэбдигириигэ, сайыннарыыга улахан болҕомтолорун уурбуттара. Олох кыра эрдэхпиттэн, ийэбит үлэтиттэн төһө да сылайан -элэйэн кэллэр, киэһэ аайы атахпытын тымныы уунан сууннарара. Ол иһин буолуо, оҕо сылдьан олох ыалдьыбатахпыт. Ити бииринэн. Иккиһинэн, Бэрдьигэстээххэ көһөн кэлбит сылбытыгар дьонум аһыы олорон сүбэлэһэллэрин өйдүүбүн: “Бастатан туран – остуолбут толору астаах буоларын ситиһиэхпит, ол кэннэ-таҥас”,  – диэн. Куруук тото аһаан үөрэ-көтө сылдьарбыт. Ол эрэн минньигэһи, кэмпиэти атыыласпаттара, бэйэбит да көрдөөбөт этибит. Онон буолуо  барыбыт тииспит бүтүн. Оскуолаҕа сорох оҕолор сиэптэрин толору кэмпиэт илдьэ сылдьан мотуйалларын дьиктиргии көрөрбүт. Эбээбит олус асчыта, өрөбүл күн эбээлээх ийэм хото бурдук ас астыыллара наһаа минньигэс буолара. Суоппардар кэлэн ымдаанын иһэн хайҕаан баралларын өйдүүбүн. Дьоммут: «Үлэни хаһааныма – аһы хаһаан» ,– диэнинэн салаттарбыт холобурдарын туһанан бэйэбит оҕолорбутун көрөбүт-истэбит.

Иккис үгэс – дойдуга, төрөөбүт сиргэ сүгүрүйүү, бэйэ – бэйэни уонна дьону ытыктааһын. Биһиги улахан дьон кэпсэтиитигэр мэһэйдэспэт, орооспот этибит. Эбээлээх эһээлээх буолан кырдьаҕас дьону олус ытыктыырбыт, кинилэргэ кыайарбытынан көмөлөһөрбүт. Үөрэхпитигэр олус кыһалларбыт, дьоммут даҕаны хонтуруоллуур этилэр. Биир маннык түгэни өйдүүбүн. Быраатым Гоша кыра кылааска сылдьан, биирдэ иккини ылбытын дневнигиттэн эрэһииҥкэнэн сотон кэбиспит. Ийэбит көрөн баран сүрдээҕин диэн соһуйда, мөхтө уонна: «Баран учууталгар иккиһин суруттар», – диэтэ. Хайыаҕай, киэһэ 8 ч. саҕана, хараҥаҕа, ытаһа-ытаһа балтыбын доҕор гынан учууталларыгар тиийэн сыанатын туруоттарбыттаах.

Өссө биир үгэс – бэйэ-бэйэни өйөһүү, ирэ-хоро кэпсэтии, өйөһүү. Билигин санаатахпына дьоммут өйдөһүү, кэпсэтии көмөтүнэн биһигини ииппиттэр эбит. Күн аайы киэһэ аһылык кэмигэр барыбытыттан күннээҕи ситиһиибитин, туох кыаллыбатаҕын, туохха баҕарбытын, тугу саныырбытын ыйыталлара. Үөрэ-көтө санаа үллэстэргэ, кэпсэтэргэ-сэһэргэһэргэ үөрэммиппит. Ол иһин бэйэ-бэйэбитин үчүгэйдик билсэбит, көмөлөсүһэбит, бэйэ-бэйэбитигэр эрэллээх тирэх буолабыт. Дьоммут холобурдарынан билигин бэйэбит оҕолорбутун кытта ирэ- хоро кэпсэтэн, санаабытын үллэстэ-атастаһа, сөптөөх суолу ыйарга кыһалла сылдьабыт.

Үһүс үгэс – тугу барытын кэмчилии, дьон оҥорбутун харыстыы, сонумсаҕа, талымаһа суох буолуу өйө-санаата иитиллиитэ. Биһиги дьиэ кэргэн «Күүскүн эрэнимэ, сатабылгын эрэн», «Саһыл түүтүнэн, киһи үлэтинэн», «Тоҥтон толлубат, ириэнэхтэн иҥнибэт» – диэн норуот өс хоһооннорунан салайтарбыт курдукпут.

Ийэбит иистэнньэҥ буолан, биһиги таҥаспытын барытын бэйэтэ тигэрэ. Ийэбит тикпит этэрбэстэрбитин аҕабыт улларара. Дьоммут бэлэмнээбит таҥастарын биһиги үөрэ-көтө  таҥнарбыт. Оннооҕор үлэһит буолан баран, ийэм тикпит соннорунан сылдьыбытым. Бастыҥ оҕуруотчут ийэбит кыһыҥҥы аһын дэлэйдик хаһаанара. Манна  барытыгар эрэллээх тирэҕинэн, булууга-талыыга көмөлөһөөччүнэн аҕам буолара. Бу үтүө үгэһи билигин бэйэбит дьиэ кэргэттэрбитигэр салҕыыбыт.

Төрдүс сүрүн үгэс – үлэҕэ иитии. «Үлэ – бу тутаах өйдөбүл. Туох баар иитии үлэтин саамай үрдүк кирбиигэ көтөҕөргө көмөлөһүөхтээх күүһүнэн үлэ буолар» (Н.К. Крупская, М.,  “Избранные сочинения”, 1957 с  241).

Кыра эрдэхпититтэн дьиэҕэ бары анал үлэлээх буоларбыт. Дьиэ хомуйааһына, быыл сотуута, иһит сууйуута уо.д.а. үлэ көрүҥнэрин уол, кыыс диэн араарбакка күн аайы уларыта сылдьан толорорбут. Холобура, мин биир күн быыл сотобун, иккис күн мас киллэрэбин, салгыы атын көрүҥнэри толоробун. Биир дьарык хал буолбакка, онон биһиги үөрэ-көтө толорорбутун таба көрөн ийэбит итинник тэрийэрэ, сорудаҕы хайдах толороллорун көрөрө. Биир сайын бырааттарым лааҕырга сынньаммыттара. Онно кинилэри үлэҕэ наһаа сыстаҕас, барыны бары сатыыр оҕолор диэн хайҕаабыттарын өйдүүбүн.

Ийэлээх аҕабыт ханнык да бэйэлээх үлэ буоллун, ис санааларыттан ылсыһан, кичэйэн үлэлииллэрэ уонна түмүктээх буоларын ситиһэллэрэ. «Алаадьы арыылааҕа, үлэ көхтөөҕө үчүгэй» диэни итэҕэтэн дьиҥнээх холобур буолаллара. Сайын аайы дулҕалаах, уулаах сирдэргэ хоно сытан аҕабытын кытта илиинэн оттуурбут, дьиэ ис-тас үлэлэрин толорорбут, фермаҕа дьоммутун солбуйан сүөһү көрөрбүт, “Ыарҕа” маныырбыт, тыһыынчанан куулу тэбиирбит. Хайа да үлэҕэ улахан дьону кытта тэҥҥэ турсан, кэмигэр баран-кэлэн, ис сүрэхтэн бэриниилээхтик үлэлээбиппитин билигин астына саныыбыт. Үлэлиирбитигэр мэлдьи сөптөөх тэрээһин баар буолан үлэбит сатанара, дуоһуйууну аҕалара.

Оскуоланы бүтэрэн, сөбүлүүр идэбитин талан, утуу-субуу бары үрдүк үөрэхтэри  ситиһиилээхтик бүтэрбиппит уонна оҕолонон-урууланан, билигин Бэрдьигэстээхпитигэр үлэлии-хамныы сылдьабыт.

Ийэ-аҕа холобура өйгө-санааҕа ураты күүстээхтик иҥэрин, эккэ-хааҥҥа хааларын билэр буолан хас биирдиибит тустаах үлэбитигэр  ийэбит-аҕабыт курдук бэриниилээхтик, таһаарыылаахтык үлэлииргэ дьулуһабыт, бэйэбит көмүс чыычаахтарбытыгар үчүгэй холобур буоларга кыһаллабыт.

«Үлэ – сыа кырбыыр буолбатах». Үлэ сороҕор ыарахан, чуҥкук буолар. Манныкка тулуурдаах буолуллуохтаах. Хайа баҕарар үлэ, үчүгэйдик толорулуннаҕына, тиһэҕэр тиэрдилиннэҕинэ түмүктээх буолар. Ол иһин мээнэҕэ эппэттэр: “Ааллахха оннооҕор тимиртэн арыы тахсар”, «Сылдьыбыт сыа аһылыктаах, утуйбут уу аһылыктаах». Төһө сыраҕын биэрэҕин да, оччо төгүл дуоһуйаҕын, астынаҕын. «Көрдөөбүт көһүйэ көмүһү булар» – дииллэр.

Дьоммут биһигини иитиинэн муҥурдамматылар, аны сиэттэрин көрсөн улаатыннаран эрэллэр. Эһэбит Егор Николаевич сиэттэрин инникилэригэр туһалаах буолаарай диэн, «Кураанах» диэн сиргэ сайылык сирэ анатан,  сайын аайы сүөһүлэрин илдьэ тахсан сиэттэринээн олорор.

Сайылык ….  Биһиги оҕолорбут сүрэхтэрин-быардарын сылаанньытар аптаах тыл. Сайылыкка көһүү оҕолорго олус үөрүүлээх түгэн буолар. Бу күнү күүтэн, ааҕан кыһыны быһа кэтэһэллэр. Оҕолорбут сайылыкка улахан киһи толорор үлэтин барытын сатыыллар: түптэлииллэр, ынах ыыллар, ньирэй аһаталлар, үүт эрийэллэр, ас астыыллар, уу баһаллар, таҥас сууйаллар, мас мастыыллар, оттоһоллор, тыраахтарынан мустараллар, тиэйсэллэр, кэбиһиигэ от түстүүллэр, мотоцикл ыыталлар, балыктыыллар. Маны барытын эһээбит салайар. Үлэни кытта сынньалаҥ кэмигэр төһө баҕарар сөтүөлүүллэр, сүүрэн – көтөн оонньууллар. Сайылык биир ураты туһатынан аһа-үөлэ сибиэһэйэ буолар: ыаммытынан сылаас үүт, сэппэрээтэртэн түспүтүнэн сүөгэй, күөрчэх, күн аайы быырпах, суорат, тыыннаахтык үөлүллүбүт мунду, сып сылаастыы үргэммит кус киһи этэ-хаана туругурарыгар туһалааҕа саарбаҕа суох. Сир аһа үүннэҕинэ оҕолор эһээлэрин батыһа сылдьан тэллэйдииллэр, сөп буоларын отоннууллар.

Сайылыкка оҕолорбут күн уотугар сыламнаан, уҥуохтуун- тириилиин буһан-хатан, уойан-тотон, уҥуохтара улаатан кэлэллэр. Күһүн дэриэбинэҕэ телевизортан, телефонтан, компьютертан тэйэн куттара-сүрдэрэ уоскуйбут, өйдөрө-санаалара чэбдигирбит, элбэҕи билбит-көрбүт, үөрэнэргэ толору бэлэм, баҕалаах оҕолор төннөллөр.

Түмүкпэр этиэхпин баҕарабын үчүгэй үгэстэргэ олоҕурбуттар ыччаттарын иитэллэр, оттон үчүгэй үгэһи тутуспаттар санааларыгар төһө да кыһаллыбыттарын иһин чөл өйдөөх- санаалаах, үтүө  майгылаах-сигилилээх ыччаты иитэллэрэ саарбах диэн.

Үрүҥ күн анныгар төрөөн ийэбит аҕабыт дьоллоох олохторо оҕолоро, сиэннэрэ үчүгэй дьон буолан салҕаннын, тулаларыгар дьол,  үөрүү түмүллэн үксүү турдун, – диэн алгыыбын.

Оксана Абрамова,  улахан оҕолоро, СӨ үөрэҕириитин туйгуна,

РФ уопсай үөрэҕириитин Бочуоттаах үлэһитэ, алын сүһүөх учуутала.