Улууспутугар Мытаахха тулаайах хаалбыт оҕолору ылан, көрөр-истэр, үөрэхтээн, олох киэҥ суолугар сирдиир түөрт ыал баар. Биһиги кинилэртэн биирдэстэригэр Людмила, Леонид Павловтарга ыалдьыттаатыбыт.

Ойбон күөлүн үрдүгэр Томтор түөлбэтигэр икки этээстээх дьиэ ыраахтан көстөн турар. Биһигини олбуор аттыгар дьиэ кэргэн хаһаайына Леонид Ильич көрүстэ. Кинилэр ардах түһэн, ходуһаларыттан кэлбиттэр. Отторун мунньан бүтэриэхтээхтэрин, кыра былыт тахсан, ыаҕастаах уунан кутан кэбистэ, аны манна кэлбиттэрэ күн да күн турар эбит. Онон биир хаарыан күнүн сүтэрэн, хомойон олорор.

Дьиэҕэ киирээппитин кытары хос сиэннэрэ, саҥа хаама сылдьар 1,5 саастаах Яна оргууй, сэрэнэн үктэнэн кэлэн, илиитин уунан дорооболоһон көрүстэ. Күн эбиэт кэмэ буолан, оҕолор ыалдьыттарга маанылаах сандалыларын тардыбытынан бардылар.

Мин Павловтарга хас да сыллааҕыта оҕолор кыра эрдэхтэринэ кэлэ сылдьыбытым. Онон билсэр ыалым. Хаһыаппытыгар үлэлэрин, ситиһиилэрин сырдатар буолан, мэлдьи билсэ турабыт. Хаһаайка Людмила Дмитриевна ол кэмтэн оҕолор улаатан, араас куоҥкурустарга, күрэхтэһиилэргэ кыттан, кыайа-хото сылдьалларын туһунан астына сэһэргиир. Кэпсэтэ олорон, харахпар ол сыллааҕы оҕолор көстөн ылаллар. Кырачаан дьон саҥата-иҥэтэ суох, сэмэй, туора дьону кытары алтыһа үөрэммэтэх, бүтэҥи бэйэ-бэйэлэригэр сылдьар оҕолор этилэр. Билигин биһиги олох атын дьону көрдүбүт. Сытыы-хотуу, туох-ханна баарын кэпсии-ипсии сылдьалларын, ыйыттахха тутатына эппиэттээн, быһаарсан иһэллэрин биһирээтим.

 

Бастакы ылбыт оҕолоро, бырааттара Дима Саввин номнуо 18 сааһын туолан, Ийэ дойду иннигэр ытык иэһин төлүү Читаҕа сулууспалыы сылдьар. Төрөппүттэрин долгутумаары сотору-сотору төлөпүөнүнэн билсэр. Бырааттара-балтылара хайдах сылдьалларын, тугу туһалаабыттарын сураһар. Дима оскуолаҕа үөрэнэр кэмигэр боксанан утумнаахтык дьарыктанара. Тренерэ Айаал Осипов биир эрэнэр уолум диэн мэлдьи кэпсиирэ. Оскуола общественнай олоҕор эмиэ көхтөөхтүк кыттара. Кини ылбыт кыайбыт-хоппут мэтээллэрин, Махтал суруктарын Людмила Дмитриевна киэн тутта көрдөрөр.

– Оҕолорбут улаатан, туһа дьон буолан иһэллэриттэн үөрэбит эрэ. Бастакы оҕобутун Диманы 2006 с. ийэтэ Орто дойду олоҕуттан барбытын кэнниттэн ыларга санаммыппыт. Таайым Өлөксөй Саввин сиэнэ. Аҕата эмиэ олус эдэр сааһыгар Күн сириттэн күрэммитэ. Бастаан ылар игин туһунан толкуйдаабатахпыт. Олох атын санааҕа ыллара сырыттахпыт дии. Онтон бэйэм кыргыттарым: “Ылыахха, эбээ Виктория бэйэтэ кыайан, көрүө суоҕа, былдьаан ылан, оҕо дьиэтигэр биэриэхтэрэ”, – диэн эппиттэрэ. Биһиги уһуну-киэҥи ырыта барбакка, кэргэним тутатына сөбүлэһэн, докумуон хомуйсан, толорон, уолбут Павловтар дьиэ кэргэҥҥэ киирбитэ.

– Бэйэбит оҕолорбут саҥа киһи кэлбититтэн олус үөрбүттэрэ. Кыраларбыт күннэтэ кини кытары бүөбэйдэһэн тахсаллара. Биһиги наһаа астынарбыт. Диманы ыларбытыгар социальнай харысхал управлениетын үлэһиттэрэ “оҕо иитиитинэн дьарыктаныаххытын баҕарбаккыт дуо? диэн этии киллэрбиттэрэ. Сүбэлээн-амалаан биэрбиттэрэ. Бастаан улаханнык сэҥээрбэтэхпит. Онтон оҕолорбут Диманы кытары арахсыбакка оонньоһоллорун көрөммүт быһаарыммыппыт.

Дьячковскайдары Аняны, Диманы, Сашаны кытары Мэҥэ Хаҥалас Балыктааҕыттан, Колтовскайдары Лилиананы, Мишаны, Кешаны Бүлүүттэн, Сашенька Крылатованы Дьокуускайтан ылбыппыт. Бастаан уолаттары көрбүппүт. Онтон бииргэ төрөөбүттэри хайдах арааран кэбиһиэхпитий диэн, кыргыттары эмиэ ылбыппыт. Оҕолор Аня билигин Нам, Лилиана Бүлүү педагогическай колледжын устудьуоннара. Кыралар Софрон Данилов аатынан оскуола үөрэнээччилэрэ.

Биһиги дьиэ кэргэн өбүгэ саҕаттан илдьэ кэлбит үтүө үгэһи өрө тутабыт. Оҕолорбутун эмиэ сыһыарабыт. Ынахтардаахпыт, сылгылардаахпыт. Сайылыкка тахсаммыт сиэр-туом толорон, айылҕаны кытары алтыһан, оттоон-мастаан, сир астаан киирэбит. Ону таһынан, оҕолор хас сайын ахсын сынньалаҥ лааҕырдарга сылдьаллар. Аммаҕа эдьиийбитигэр Досяҕа тиийэммит дуоһуйа сөтүөлүүбүт. Кэлээт да барар күннэрин ааҕан бараллар.
Аҕабыт уолаттары дьоһун киһи буола улааталларыгар мэлдьи үөрэтэр-такайар. Кыргыттарбытын саха мааны далбар хотуттара буолалларыгар бары кыһамньыбытын уурабыт. Улаатаннар күпсүүр охсор ансаамбыл тэрийдибит. Култуурунай тэрээһиннэргэ, кэнсиэртэргэ кыттабыт. Билигин сценаҕа кыбыстыбакка тахсаллар. Оҕолор күрэхтэһиилэргэ игин миэстэлэһэн кэллэхтэринэ олус үөрэллэр. Кинилэр мичээрдэрэ биһигини инникигэ кынаттыыр.

Кыракый кыргыттарбытын, уолаттарбытын хаһан даҕаны кимтэн кииннээхтэрин, хантан хааннаахтарын кистии сатаабаппыт. Холобур, Бүлүүттэн Колтовскойдар эбэлэрин кытары сибээстэрин быспаттар. Оҕо бэйэтин чугас дьонун билиэхтээх дии саныыбыт.

Биһиги дьиэ кэргэҥҥэ улуус социальнай управлениетын салаата, олохтоох дьаһалта, Софрон Данилов аатынан оскуола кэлэктиибэ, аймахтарбыт, доҕотторбут мэлдьи өйөбүл буолаллар. Сүрүн көмөлөһөөччүлэрбит оҕолорбут Соня, Алина, Леня, Илья, Катя, Натали буолаллар. Кинилэрэ суох кырачаан дьону көрөргө-истэргэ олус ыарахан эбитэ буолуо, баҕар сананыа да суоҕа этибит. Онон кинилэргэ махталбыт муҥура суох, – диэн Людмила Павлова кэпсиир.

Людмила Дмитриевна, Леонид Ильич иккиэн элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн оҕолоро буолан, бэйэлэрин бырааттарын, балтыларын көрөн улааппыттара. Ол иһин, кырачаан дьону атахтарыгар бигэтик туруортаан, ийэ, аҕа тапталын иҥэрэн, уопсастыбаҕа туһалаах дьон буола улааталларыгар киһи махтаныах эрэ тустаах.

Вячеслав Алексеев