1 чааһа
Айаар, үрдүк үөрэҕи бүтэрээт, ахтылҕаннаах алааһыгар, аал уоттаах алаһа дьиэтигэр, күндү ийэтигэр эргиллэн кэллэ. Амарах сүрэхтээх ахтыбыт ийэ, уола кэлбитигэр үөрэн, атаҕа сири билбэт буолла. Чаанньыгы итии билиитэҕэ уура-уура:
– Хайа, тоойуом, хайдах сырыттыҥ?
– Үчүгэй.
– Эйигин бу күннэргэ кэлиэн диэн күн аайы күүтэбин, кэтэһэбин. Арааһа, кэлимээри гынна дии санаан, холкубар түһэн олордохпуна, дьэ кэллиҥ дии. Куоракка туох сонун, туох саҥа баарый?
– Ийээ, сонун элбэх. Куорат барахсан күнтэн күн улаатан иһэр, тупсар, киэркэйэр. Биһиги да алааспыт уларыйбыт, ото-маһа улааппыт, дьоно-сэргэтэ элбээбит. Соҕотох салгына ырааһын, чэбдигин!
Айаар чымадааныттан сабыс-саҥа сибэкки ойуулаах былааты таһааран:
– Ийээ, эйиэхэ бу кэһиибин аҕаллым. Көрүөҕү, ыл, маанан кэбис эрэ.
– Оҕом барахсан, махтал буоллун… – Итинтэн ордук махтал, үөрүү тыла сатаан хайдах да тахсыбата. Арай иһигэр «Оҕом аҕатын курдук үтүө сүрэхтээх. Саатар туттардыын-хаптардыын биир ээ… Киһим баара буоллар, билигин хайдах күлэ-үөрэ, көрө-истэ туруох этэй?» дии санаата.
Улахан үөрүү уонна ааспат хомолто таммах буола холбоһон, ийэ хараҕын уута бычалыйан таҕыста. Уолуттан кистээн былаатын уһугунан хараҕын уутун оргууй аҕай саба баттаталаата.
Остуолга ас үтүөтэ тардылынна. Минньигэс амтаннаах, итии, ийэ куппут сүөгэ үүттэх чэйэ кутулунна.
Маайыска уолугар хаһан да арыгы иһэрдибэт, туруорбат бэйэтэ, шампанскайы аһан, улахан үрүүмкэлэргэ сырдьыгыначчы кутта.
– Иһэн кэбис, сылааҥ тахсыа. Бэйэтэ да сылгы кымыһын курдук көөнньүбүт ас.
– Ийээ, үөрүүнү кытта.
– Чэ, көтөҕөн кэбиһиэх. Эн үөрэнэн үлэһит буолбутуҥ миэхэ улахан дьол, үөрүү.
Айаар дьиэтигэр кэлбититтэн, ийэтин көрбүтүттэн сэргэхсийдэ, чэпчээтэ. Маайыска, чэйин сыпсырыйан иһэ-иһэ, үөрэххэ хаппыт-куурбут уолун чинчийэрдии одууласта. Айаар ыалдьан турбут киһи курдук дьүһүннээҕэ, туох эрэ санааҕа ылларбыт, быһа эмнэрбит көрүҥнээҕэ. Аһы да кыайан аһаабата.
– Тоойуом, Айаар, сытан сынньана түспэккин ээ. Айаннаан сылайдаҕыҥ буолуо.
– Суох, ийээ, сылайбатым. Таайым хайдах олорор? Онно баран саахыматтаан, ону-маны кэпсэтэн кэлиим дуу?
Айаар ийэтин аан маҥнай албынныы сатаата да, ол сатаммата. Истиҥник таптыыр сүрэх атын сүрэх тоҕо, хайдах ыалдьарын билэр. Оннук сүрэҕинэн күндү ийэ сүрэҕэ буолар. Кини хаһан да сыыстарааччыта суох.
Айаары биир санаа, ыар-баттык буолан сылатта, утуйар уутун аймаата, аһыыр аһын амтанын көтүттэ.
Куоракка, суугунуу тыаһыыр мастаах күөх пааркаҕа, таптыыр кыыһынаан көрсүспүтэ, билсиспитэ. Истиҥ көрсүһүүлэр үрүҥ түүнү кынаттанан көппүттэрэ. Лаглайбыт күөх бэс анныгар маҥнайгы уураһыы, куустуһуу… Хаһан да арахсыбакка, мэлдьитин бу курдук сылаастык таптаһыахпыт, куустуһуохпут диэбит курдук, саҥата суох хараҕынан кэпсэтии, мичээрдэһии…
Күн-дьыл төһө да хаарынан-самыырынан сабыллан-сууйуллан ааспытын иһин, ол маҥнайгы таптал күннэрэ хаһан да умнуллуохтара суоҕа. Уоттаах чохтуу сирэлийэн, көбөн, күөдьүйэн, сып-сылааһынан тыына, даҕайа, ититэ сылдьыаҕа маҥнайгы таптал.
Биир наҕыл, чуумпу киэһэ Айаар таптыыр кыыһыгар туох санаалааҕын, былааннааҕын кэпсиир, этэр:
– Эн биһикки мин дойдубар тыаҕа тахсыах. Онно алаһа дьиэ туттан, ыал буолуохха. Мин ийэм биһигини үөрэ көрсүөҕэ.
– Мин эйиэхэ куоракка хаалан ыал буолан олоруохха диэн хаста эттим… Бэйэтин бадараанын таптыыр чөкчөҥө курдуккун, киһи тылын, этэрин истибэккин… Мин дуу, ийэҥ дуу? – диэт тапталлаах кыыһа, хобулугун тыаһа өрө хабыллан, өрүллүбүт уһун суһуоҕа уҥа-хаҥас охсуллан, мас тротуарынан хааман бара турбута.
Ол куотар аҥардаах барбыт, үрүмэччилии көтө турбут куорат кыыһын Айаар тохтотор күүһэ суоҕа.
Кини сүрэҕэ ыарыылаахтык ньүөлүйбэхтээн ылбыта, атаах таптал аһыы, кураххай амтаннааҕын аан бастаан этинэн-хаанынан билбитэ.
Куруук көнөтүнэн сылдьар, олус уйан киһи сүрэҕэ хомолтолооҕу, алдьархайдааҕы наһаа ыарыылаахтык ылынааччы.
Сатамматах, тоҥуй, хаппырыыс таптал оттуллубатах оһохтоох дьиэ курдук сөрүүн уораннаах буолар. Ол уораан соҕотох сүрэх аҥардастыы үүннэрэ сатыыр сибэкки тапталын хаардаах хаһыҥ курдук хараарчы сиир.
2 чааһа
Айаар дьиэтиттэн тахсан, таптыыр кыыһын санаан, мөҥүллэн ытаабыт оҕо курдук, арбы-сарбы хаампыта.
Сөп-сөрүүнүнэн илгийэ тыынар сайыҥҥы киэһэ намылыйда. Киирэн эрэр күн кыһыл көмүс сардаҥаларыттан лоскуй үрүҥ былыттар кыыһа тэтэрбиттэр. Аллара, сыыр анныгар, көҥүс үрэх өрүллэр сүүрүгэ соһуллар хатыс быалыы эриллэҥниир. Уҥуоргу элэмэс мастаах чогдоон тыаҕа, тохтоон ыла-ыла, кэҕэ этэн чоргуйар.
Чыычаах ыллыыра, кэҕэ этэрэ, үрэх сүүрдэр тыаһа айылҕа аптаах, абылаҥнаах намыын музыката буолан иһиллэр.
Айаар, аргыый хааман кэлэн, таайын уонна маҥнайгы учууталын дьиэтин аанын тоҥсуйда.
– Кэпсээн кэбис, эдэр киһи, – дии-дии учуутала барыанньалаах чэйинэн күндүлээтэ, аламаҕайдык көрүстэ. – Үөрэппит оҕолорум улаатан, үөрэнэн, дьон уонна үлэ киһитэ буолалларыттан үөрэбин. Ол миэхэ, учуутал киһиэхэ, дьолум.
– Баһыыба, Михаил Андреевич.
– Кэргэннэнэргэ, ыал буоларга кыһаммат киһигин дуу? Тулаайах ийэҕин үөрдүөҥ этэ. Үлэлии-хамсыы сылдьан ыал буолар ыарахаттардаах буолар.
– Оннук буолуо. Ол эрээри мин эйиэхэ кэпсээннээх-сонуннаах кэлэн олоробун. Сүбэ-соргу ылаары.
– Дьэ, кэпсээ эрэ…
Кыырыктыйбыт баттахтаах муударай учуутал эдэр уол итии тапталын туһунан кэпсээнин долгуйа иһиттэ. Хара удьурҕай хамсатыгар табаах уурунна.
Балачча саҥата суох олорон баран, оргууй аҕай, уруокка кэпсиирин курдук:
– Эн сүүрүгү утары эрдинэн уста сатыыгын, оттон таптыыр кыыһыҥ эрдиитэ суох тыыга олорон сүүрүк хоту устар. Кини хайа биэрэккэ тиксэрэ биллибэт. Дьол күүтэрэ дуу? Сор күүтэрэ дуу? Хайата да буолуон сөп. Аан дойдуга дьол уонна сор аргыстаһа сылдьар буоланнар, дьоллоох үөрэн ыллыыр, сордоох хомойон ытыыр.
Былыыр-былыр охтон баранар мастаах, уолан бүтэр уулаах, быстыбыт быйаҥнаах үтүө дойдуга эр бэрдэ, уола хаан биир кыраһыабайтан кыраһыабай кыыс оҕону таптаабыт. Арай ол кыыс уол истиҥ тапталын эрэммэт-итэҕэйбэт эбит. Уол эрэйдээх, таптыыра бэрт буолан, сөһүргэстээн-сүгүрүйэн андаҕайара, ийэ буорун сиирэ, эн тускар күн сиригэр тугу барытын оҥоруом диэн иэйэрэ-туойара. Бу кэрэ кыыһы таптыыр буолан, кини бэйэтин бу сиргэ саамай дьоллооҕунан ааҕынара.
Кыыс уолга бүтэһик сорудаҕын биэрэр уонна этэр:
– Эн миигин чахчы таптыыр буоллаххына, төрөппүт ийэҕин өлөрөн, сүрэҕин аҕалан көрдөр. Оччоҕо эрэ эн миигин дьиҥнээхтик күүскэ таптыыргын итэҕэйиэм. Дьиҥнээх эр киһинэн уонна таптыыр эрбинэн ааттыам, таптыам, таҥара оҥостуом, эйигин күн сиригэр баарым тухары итэҕэйиэм.
Уол эрэйдээх күнүһү күннээҕинэн, түүнү хараҥатынан билэр буолбута. Тугу оҥоруохха? Хайдах буолуохха?
Таптыыр кыыһа ийэтинээҕэр күндү буолан, икки атахтаах билбэтэх, эт кулгаахтаах истибэтэх алдьархайдаах ынырык быһыытын оҥорбута.
Хара сордоох, тапталтан хараарчы иирэн, өйүн сүтэрэн, күн күбэй ийэтин өлөрбүтэ… Сылаас хаанынан тыгыалыы тэппит ийэтин сүрэҕин туппутунан таптыыр кыыһыгар сүүрэн испитэ. Ыксаан, уҥуоҕа хамсаан, салыбырас-салҕалас буолбута. Ол иһэн таастан иҥнэн умса баран түспүтэ.
Онно, уола охтубутугар, тааска тобугун илдьи түспүтүгэр, ийэтин итии сүрэҕэ ытыһыгар быллыгырыы, мөхсө түһээт, киһилии саҥаран хаанынан ытаабыта:
– Оо-һоо-һоо! Оҕом сыыһа, куһаҕаннык да оҕуттуҥ… туоххун өлөрдүҥ, уолчааныам?.. Эйигин көрөн иһиэхпин харахпын тоҕо оҥон ылбатаххыный? Мин сүрэҕим уонна хараҕым биир тыыннаах этилэр – иккиэн сылаас уонна ыраас этилэр. Эн хааҥҥар мин хааным баар, эн сүрэххэр мин сүрэҕим тэбэр, ол иһин мин сүрэҕим эн ытыскар тыыннаах тэбэ иһэр дии. Тоойуом, оҕоккоом, сэрэниий, – диэт ийэтин сүрэҕэ уола тарбаҕын быыһынан хаанынан ытаабыта, тааһы уонна сибэккини ыраас кыһыл хаан тэтэрдибитэ.
Ийэ сүрэҕэ өлбөт тыыннаах, хаһан да сойбот тапталлаах, – диэн Айаар таайа уонна маҥнайгы учуутала Михаил Андреевич кэпсээнин түмүктээбитэ.
Айаар учууталын кэпсээниттэн улаханнык долгуйбута. Кини бу күн сиригэр ийэттэн ордук күндү киһи суох, ийэ сүрэҕин курдук сылаас уонна ыраас сүрэх кимиэхэ да суох эбит дии санаабыта.
– Ийэлэрбит барахсаттар биһигини өллөхтөрүнэ эрэ умналлара дуу, суоҕа дуу, – диэтэ Айаар уонна учууталын диэки махтаммыттыы көрдө.
Түннүк анныгар үүммүт араас өҥнөөх сибэккилэр кэрэ баҕайытык нуоҕаһан тураллара Айаар хараҕар дьиктитик, уратытык көстүбүттэрэ.
– Аны үлэ уонна күндү ийэм барахсан мин дьолум, үөрүүм, эрэлим буолуохтара, – диэн күүстээх санааны ылынан, Айаар учууталын дьиэтиттэн тахсан наҕыллык, эрэллээхтик туттан хааман испитэ. Кини санныттан уонна санаатыттан таас курдук ыарахан санаа түһэн, чэпчээбитэ, өйө-санаата дьэҥкэрбитэ, хайдах эрэ көтөр кынаттаах курдук буолбута.
Чуумпу киэһэ сиккиэрэ сылаас илиитинэн Айаар сүүһүн, баттаҕын ийэ курдук имэрийэн ылара.
Степан Тимофеев-Кустуктаанап.
“Сыккыс” сурунаал, 1 №-рэ, 2006 с.