История: Кууһумалаах бастаан дьадаҥылар үһү

Кырдьаҕастар өйдүүллэринэн

Кууһума уҥуоҕунан орто улахан, оччотооҕу оҕо көрүүтүгэр суостаах-суодаллаах, улахан саҥалаах, киэҥ харахтаах, доруобай, суон, эмис-тот, бэйэтин кыанар киһи диэн кэпсииллэр.
Аҕабыт кинигэтигэр кинини «торговец» диэн суруйаллар эбит уонна атын улуустарга итиэннэ бириискэлэргэ эргинэрин бэлиэтииллэр.

Саҕалааһын

Педагогическай үлэ, сэрии бэтэрээнэ В.С.Алексеевка Мытаах нэһилиэгин олохтооҕо Я.И.Филиппов II-Дьааҥса манныгы сэһэргээбит.

Кууһумалаах бастаан дьадаҥылар үһү. Эрдэттэн үлэҕэ эриллибит. Сүрэхтээх-бэлэстээх, кыайыылаах-хотуулаах, сатабыллаах. Улаатан баран өрүскэ сылдьыбыт, дьонтон ааҕарга-суруйарга үөрэммит. Бэйэтин кыанар буолан, ситэн-хотон Бодойбоҕо көмүс үлэтигэр барбыт. Саха чулуу дьонун кытта доҕордоһон, араас омуктардыын билсиһэн, 4 сыл устата ити үлэҕэ сылдьыбыт. Онтон биир сытыы баҕайы өрүс киһитинээн дойдуларыгар кэлбиттэр. Үптээх-харчылаах, көмүстээх, табаардаах да эбиттэр. Тута Өлөөҥҥө ааспыттар. Сааһыары били табаардарыгар, харчыларыгар таба бөҕөтүн үүрэн кэлбиттэр. Өлөөн баайдарын табалара – ойуур маһын ахсаанынан буоллаҕа.

Манна аҕалан хаттаама оҥорторор, бүтэй туттарар, түптэлээн дьиэтитэллэр, сайылаталлар. Онтон дьэ күһүнүгэр табаларын этин тиэйэн, сороҕун үүрэн Бодойболууллар. Обуос быыстала суох айанныыр. 10-20-чэ сыарҕалаах ат барара. Сорох табаларын, көлөҕө диэн анараа илдьэн эмиэ атыылыыллар. Эргиэннэрэ табыллар, үптэнэллэр-харчыланаллар. Ити курдук эргитэн, байар суолугар үктэнэр. Кэлин Дьааҥса кинини кытта эмиэ Бодойболообут. Үс сыл буолан баран эргиллибит.

Кимнээҕи ииттибитэй?
1913 с. аҕабыт кинигэтигэр Мытаах нэһилиэгин Дьаабы аҕа ууһугар 116 №-дээх дьиэ кэргэнинэн Кузьма Иванович Степанов сурулла сылдьар. Кэргэнэ Анна Николаевналыын 48 саастаахтара бэлиэтэммит.

Мантан салгыы 117 №-дээх дьиэ кэргэн Илья Николаевич, Екатерина Матвеевна Степановтар суруллубуттар.

Национальнай архыыпка Кууһумалаах бу ыал Гавриил диэн оҕолорун ииттэ ылбыттарын туһунан хас да докумуон баар.

Үөрэх-билии сайдарыгар умнуллубат үтүөтэ
К.И.Степанов-Тискэ биһиги улууспутугар үөрэх-билии сайдыытыгар, ааспыт үйэ бүтүүтүгэр, бу үйэ саҕаланыытыгар элбэхтик үлэлэспит аҕыйах киһиттэн биирдэстэрэ. Оччотооҕу баай дьонтон Кууһума бастакынан 1893 с. Одунутааҕы Казанскай Богородицскай таҥара дьиэтин тутууга 300 солк. көмөлөспүтэ. Эмиэ ити сыл бу эппит таҥара дьиэтин иһинэн, Церковнай-приходской оскуола тутуллуутугар 500 солк. биэрбит.

Онон Бэрдьигэстээххэ Одунутааҕы таҥара дьиэтэ үлэҕэ киириитигэр, онно аһыллыбыт оскуолаҕа нэһилиэктэр оҕолоро үөрэнэллэригэр Кууһума умнуллубат үтүөлээх.

Кууһума бэчээтэ
1990 с. Кууһума баай бэчээтин Мытаах олохтооҕо Мария Ильинична Григорьева Даниловтар музейдарыгар биэрбитэ. Кинини көрсөн ыйыталастым.

Мин ийэм Анна Даниловна Степанова 1924 с., аҕам Илья Михайлович Григорьев 1924 с. төрүөхтэр. Үйэлээх саастарыгар хара үлэҕэ сылдьыбыттара. Ийэм мин 11-дээхпэр, аҕам 1986 с. ыалдьан өлбүттэрэ. Дьон-сэргэ ытыктабылын туһаналлара, көнө сүрүннээхтэрэ, эйэҕэс-сайаҕас этилэр.

Хантан уонна хаһан кэлбитин билбэппин, дьиэбитигэр кыраада истиэнэҕэ киирэр дьөлөҕөһүгэр Кууһума баай бэчээтэ турбут этэ. Булбуттара дуу, ким эрэ уурдарбыта дуу, олох билбэппин. Биири бэлиэтиибин, аҕам аах баайдар тустарынан куһаҕан тылы саҥардыбат этилэр. Кууһума баай үтүөтүн, дьоҥҥо көмөтүн-туһатын кэпсииллэрэ.

Манньыаттаах уолунаан уонна Г.В.Ксенофонтовтыын билсэрэ

Манньыаттаах уолун Г.В.Никифоровы кытта бэрт өртөн билсэрэ. Бэйэтин нэһилиэгиттэн, атын улуустартан, Алдан тоҥустарыттан түүлээх хомуйан баран, киниэхэ киллэрэн туттарар, батарар, онтон табаар ылан тахсар. Ытык кырдьаҕас И.Я.Филиппов кэпсииринэн, өссө Манньыаттаах уола Кууһуманы Дьоппуоньуйаҕа күрэһэргэ кучуйа сатаабыт диэн кэпсэтэллэрин истэрин этэр.

Өлөр ыарыытыгар ылларан баран, П.Ф.Матвеева аҕатынан, икки бэрэмэдэйгэ кыһыл саһыл тириитин симэн, Манньыаттаах уолугар кэриэс бэлэх гынан ыыппыт. Киттэх Силип ону Дьокуускайга илдьэн туттарбытыгар, анараа киһи бэркэ хараастан, сөҥүдүйэн туран ылбыта, туппута үһү. Итиэннэ Кууһумаҕа хоруобун бүрүйэллэригэр, ол саҕана олус күндү, бүлүүс таҥаһы биэрэн ыыппыт. Ити буолбут кинилэр бүтэһик бэрсиһиилэрэ.

Саха норуотугар уһулуччу үтүөлээх ученай, фольклорист, юрист идэлээх Г.В.Ксенофонтов Кууһумаҕа авдокаттыы сылдьыбыт дьыалата архыыпка баар. 1915-16 сс. дьыалалар. Г.В.Ксенофонтов кэлин Кууһума олорбут сиригэр Айан Үрэххэ анаан-минээн кэлэ сылдьыбыта. Мытаах нэһилиэгиттэн норуот үһүйээннэрин элбэҕи суруйбутун научнай үлэлэригэр туһаммыт, кинигэлэригэр бэчээттэппит.

«Кууһума баай – кинээс, атыыһыт, кулуба», кинигэттэн, 2021 с.