История: Ньыыма атыыһыт

Арҕаа Хаҥалас Мытаах нэһилиэгин Игидэй аҕа ууһугар биир саамай биллиилээх, баай, атыыһыт киһинэн Дьяконов Иван Потапович-Ньыыма буолар. Бэйэтин кэмигэр бүтүн улууска, уокурукка тиийэ суон сураҕырара. Олохсуйбут сирэ – Хаар Балаҕан. Онно 4 дуолун уурар-кистиир 2 этээстээх улахан ампаардааҕа. Аҕата Батаах Силээҥҥэ, Хара Балаҕаҥҥа, Чычааска түүлээх уурарыгар туттарбыт этээстээх ампаардара уолугар тиксибитин кырдьаҕастар билэллэрэ. Бука, ол иһигэр сытан харабыллыыр киһи уоруйахтары көрөрүгэр, баҕар, ытыалаһарыгар да анаммыт чуолҕаннардааҕа. Оҕо сырыттахпытына, ону “Манчаары кэлиэ” диэн оҥорбуттарын курдук кэпсииллэрэ. Өссө Чычааска эмиэ олохсуйа сылдьыбыта. Билигин биһиэхэ биллэринэн кини кэргэнин аатынан ааттаммыт Аана Толооно диэн сир онно баар.

Степанида (1868 с.), Евдокия (1872 с.), Варвара (1885 с.), Анастасия диэн кыргыттардаах, ону сэргэ бэйэтин туйаҕын хатарыахтаах уола – Өлөксөөндүр. Бу уол Санкт-Петербург куоракка юрист үөрэҕин бүтэрэн баран, ханнык эрэ куоракка үлэлии сылдьан өлбүтүн туһунан аймахтара кэпсииллэр. Бастакы кэргэниттэн уола Дьэкиим ас барбат буолан өлбүт. Кыргыттара бары биллэр-көстөр үлэһит буолбуттар. 1880с- сылларга кинилэргэ дьахтардаах эр киһи сыылынайдары олордо сылдьыбыттар. Эр киһи атыыһыт ойоҕун кытта булсан Кылбака Балбаара төрүүр, улахан айдаан буолар, сууттаһан ол киһини үүрдэрбиттэр.

Ньыыма атыыһыт хас эмэ 100-нэн сүөһүлээх, сылгылаах, табалаах, киэҥ сиринэн тэлэһийэн эргинэрэ диэн кэпсииллэр. Кэлин 300-кэ табата ыһыллыбыт. Ордук Дьокуускай, Бүлүү уокуруктарыгар сылдьара. Дьэһиэйгэ кытта тиийэр, Дьааҥынан эргийэр. Кини биир уратыта: бэйэтин аҕа ууһун дьонун-сэргэтин олоҕун көрөр, көмөлөһөр, араас наадалаах таҥаһынан-сабынан, малынан-салынан, туттар сэбинэн-сэбиргэлинэн хааччыйар. Биир дойдулаахтарыгар иэс биэртэлиир, син эмиэ атыттар курдук сүөһү айахтыыр. Бэйэтэ хара үлэҕэ сыстар уолаттара суох буолан, хас да хамначчыттааҕа, ордук аймахтарын, билэр дьонун үлэлэтэрэ үһү.

Оччотооҕу саха дьонун баайын-дуолун чуолкайдык өйдүүр туһуттан В.Серошевскай “Якуты” диэн үлэтигэр олоҕуран, оччотооҕу сыаналары билсиэххэ. Ити кэмҥэ, кэлин да саха киһитэ тыыннаах буоларыгар биир киһиэхэ иккилии сүөһү наада этэ. Биир ынах сыаната 20 солк. тэҥнэһэрэ. Сүгэ – 50 харчы, быһах – 30, хобордоох – 60, хочулуок – 50, кыһыах – 40, сүүтүк – 10, иннэ – 20, алтан ытарҕа – 40 харчы, кыптый, хотуур биирдии солкуобай, чаанньык – 3 солк. Үрүҥ көмүстэн оҥоһуллубут дьахтар түөһүн киэргэлэ (илин кэбиһэр) – 50 солк., кэлин кэбиһэр – 45 солк., көмүс кур – 10 солк., үрүҥ көмүс луоска – 3,33 солк., буулдьа, доруоп 2 кг – 1,5 солк. Дьэ балары ынах сыанатыгар таһааран көрүҥ.

Дьадаҥы киһи үксүгэр бастакы уочарат наадалааҕын эрэ атыыһыттан тута төлөөн ыларыгар ыарахан этэ. Ол иһин иэстэн иэскэ киирэн иһэрэ. Иэс биэрэн тыыннаах хаалалларын хааччыйбыт бэйэ билэр атыыһытыттан ордук үчүгэй киһи суоҕа, кини туһугар тугу баҕарар оҥоруохха, ханнык баҕарар үлэни үлэлиэххэ сөбө.

Ньыыма сүөһүтэ туран, эргиэнэ табыллан үптэммитэ-харчыламмыта. Элбэх сиргэ сылдьыбыт, үгүс баай да, үөрэхтээх да дьону кытта билсибит буолан, таҥара дьиэтин тутарга быһаарыммыта. Сирин-уотун нэһилиэк биир саамай киэҥ ходуһатын Эбэни талбыта, ол хоту өттүгэр тутарга быһаарыммыта. Барыта бэйэтин үбүнэн-аһынан, дьону кэпсэтэн Чочуобунаҕа аҕабыт уонна лөчүөк дьиэтин туттарбыта. 1890-1892 сс. буолуон сөп. Бу кэмҥэ Иирэлээххэ (Бэрдьигэстээххэ) Никифор Корякин эмиэ таҥара дьиэтин туттара сылдьар эбит. Ону куораттан аҕабыт тахсан көрөн баран салгыы Бэрдьигэстээх гиэнин туттарарга быһаарбыт. Дьон кэпсииринэн Дьяконов туттарар сиригэр үрэҕэ суох диэн буолбут. Биэрэстэни кыайбат сиргэ Өрт үрэҕэ сүүрдэр. Арааһа, ордук Дьокуускайтан чугаһын учуоттаабыт буолуохтарын сөп. Атын сирдэргэ үрэҕэ да суох сиргэ, эбэтэр кыра үрэхтээххэ туталлар.

Онон Ньыыма эрэйэ таах хаалар. Ити эрээри Государственнай Киин Архыыпка маннык докумуон харалла сытарын историк И.М.Васильев булбута:

“Школа грамоты при часовне открыта инородцем Иваном Потаповичем Дьяконовым, который ставит непременные условия, чтобы малограмотного его сына назначили в эту школу учителем с жалованием по 10-15 рб. в месяц, в противном же случае отказывается содержать школу и 5 учеников в общежитии”.

 

Бу 1895-1896 үөрэх сылыгар церковнай-приходской оскуола туругун туһунан отчуоттан ылылынна. Атыыһыт Уйбаан маны ханна арыйда, оскуолата хас сыл үлэлээбитий, кимнээх үөрэммиттэрий? Биһиги сэрэйэрбитинэн оскуола үлэлээбэтэх быһыылаах. Арай биири чуолкайдык этиэххэ сөп. И.П.Дьяконов-Ньыыма Солоҕон дьонуттан биир бастакынан үөрэх наадалааҕын, сайдыы оҥкула буоларын билбит, ол туһугар үбүн-харчытын харыстаабакка үлэлэспит ураты үтүөлээҕин үүнэр көлүөнэ үрдүктүк сыаналыахтаах, умнуо суохтаах. Билиҥҥитэ кини уола Александр Иванович Дьяконов Солоҕонтон биир бастакы үрдүк үөрэхтээх киһинэн биллэр. Таҥара дьиэлэрин тутууга кыһамньытын, бэйэтин үбүн элбэх сыл устата көмөлөһөрүн иһин Күн ыраахтааҕы аатыттан мэтээлинэн наҕараадаламмыт. Ньыыма таҥаратын дьиэтэ Горнай оройуона тэриллэр бастакы сылларыгар, Өркө көһөрүллэн киирбитэ. Ол оскуола, онтон интернат буолбута, кэлин уопсай дьиэ эрдэҕинэ умайбыта.

И.П.Дьяконов-Ньыыма Чычааска эмискэ ыалдьан өлбүтэ. Оччотооҕу кэмҥэ бүтүн Дьокуускай уокурук үрдүнэн биллэр киһини Одунутааҕы Казанскай-Богородицкай таҥара дьиэтин аттыгар кистээбиттэрэ. Хомойуох иһин, ол таҥара дьиэтин таһыгар көмүллүбүт дьон уҥуохтара билигин биир да суох…

Василий Ильич Алексеев.

“Солоҕоон” кинигэ. 1998 с.