– Семилетка иккис сылыгар 60 тыһыынча тонна-километр таһаҕаһы Дьокуускайтан таһарга эбэһээтэлистибэ ылынабын, – диир шофер-коммунист В.Капин. Ити киһини сөхтөрөр тыллар тыа хаһаайыстыбатын бастыҥнарын оройуоннааҕы мунньаҕын трибунатыттан этиллибиттэрэ.
Виктор Капин биэрбит тылын Первэй маайы көрсө куоталаһыыга киирсэн, 83 тыһыынча тонна-километр таһаҕаһы таһан эбэһээтэлистибэтин 138 бырыһыан толордо. Кини табаарыһа, Е.Колочев таһаҕаһы таһыыга сыллааҕы сорудаҕын 117 бырыһыан толорору ситистэ.
Бу – Первэй маайы көрсө бастыҥтан бастыҥ күндү бэлэх.
***
ЛМС директорын хоһун иһэ. Директор Леон Фомич хайдах эрэ улахан санааҕа-онооҕо ылларбыт курдук санньыччы туттан олорор. Кини иннигэр лэһигир курдук кыра гынан баран, модьу-таҕа көрүҥнээх, хойуу хаастаах киһи олорор. Кини эмиэ соччо үгүс саҥата-иҥэтэ суох.
– Ол, билигин куоракка уматык тиэйэ бардахпына, оччоҕо тракторга эбэһээтэлистибэм тохтор буоллаҕа дии. Билигин да графикпытын кыайан тутуспакка иһэбит.
– Тракторнай үлэ былаана туолбатыгар, бастатан туран, эппиэти мин сүгүөм. Билигин эн үлэлиир колхозкар эрэ былаан тохтор буолбакка, бары колхозтарга дьыалабыт мөлтүүр балаһыанньаланна, уматык суох. Итини биһиги эйигинэн эрэ быһаартарар кыахтаахпыт.
– Оннук буоллаҕына, барарга тиийиллэр буоллаҕа дии, атын суол суох быһыылаах?!
– Эрэлбит эрэ эйиэхэ, Виктор Матвеевич. Билигин уматык суоҕунан үгүс трактор туран хаалар кутталламмытын ити билистиҥ. Якутскай суолун эйигиттэн атын тобулан барыах айылаах киһибит суох. Барыта бадараан. Почта массыыната сылдьыбатаҕа хас да хонно. “Холбостор” таһаҕас таһааран иһэннэр төннүбүттэр, – диэн Леон Фомич киһитэ сөбүлэһиэх курдугуттан эр ылан, үөскээбит кытаанахтан өрүһүйүөхтэрин саната олордо.
Виктор Матвеевич Капин кырдьык даҕаны киһи эрэниэх киһитэ, суолу-ииһи тобулунан сырыттаҕына сылдьар киһи. Кини оройуоннааҕы ЛМС-ка 1952 сылтан тохтоло суох үлэлиир. Ол тухары ханнык эмэ сорудаҕы толорботоҕо диэн суох. Үлэлээбит трактора уонна массыыната техническэй өттүнэн куруутун бэрээдэктээх, ыраас тутуллуулаах буолар.
Виктор Матвеевич быйыл сайын кырдьык улахан дьыаланы оҥордо. “ЗИЛ-151” маркалаах автомашинанан “ЗИС” уонна “ГАЗ” бензовозтары арыаллаан от ыйыттан ыла Якутскай куораттан уматыгы таһыыга үлэлээтэ. Кини итиниэхэ сэтинньи 1 күнүгэр диэри бэйэтин тустаах массыынатынан 33.265 километры айаннаан, 317 тонна уматыгы, атын да таһаҕаһы таста. Бэрдьигэстээх – Дьокуускай, Бэрдьигэстээх – Маалтааны суолларыгар биирдэ даҕаны олорон хаалыыны таһаарбата, болдьохтоох кэмигэр эргиллэн кэлэн иһэр.
Бу бэйэтин туһунан хаһан да кэпсэнэ сылдьыбат сэмэй киһи айан суолугар кырата суох ыарахаттары көрсөр. Массыыналар быһаҕастарыгар диэри тимирэн хаалар бадарааннарыгар муосталары тэлгэтии, эбэтэр массыынаны хостооһун, ойуурунан саҥа суолу тобулунуу барыта кырата суох сыраны, түбүгү эрэйэллэр. Виктор Матвеевич итини барытын эрдээхтик уонна холкутук баһылаан иһэр. Кини маҥнайгы кылаастаах шофер быраабын сокуоннайдык ылла.
ССКП XXI съеһин Виктор Матвеевич саҥа ситиһиилэринэн көрсөргө соруктанар. Кини Бэрдьигэстээх –Дьокуускай суолугар ыйга алталыы төгүл сылдьар оннугар 10-14 төгүл сылдьар, ол аата съеһи көрсө ыйдааҕы сорудаҕын иккилии төгүл толорон иһэр. Ити буолаллар, айымньылаах үлэ киһитэ шофер-тракторист Виктор Капин үтүө дьыалалара.
Т.Борисов.
“Үлэ күүһэ” хаһыат архыыбыттан. Ыам ыйын 1 күнэ, 36 №-рэ, 1960 с.