Азия
Азия диэн туох өйдөбүлүй? Энциклопедияҕа сурулларынан сир шаарын биир саамай улахан чааһа. Ол курдук сирэ-уота 43,4 мөл. кв. км тайаан сытар. Европаны кытта холбоон Евразия диэн материк буолар. Биллэрин курдук, Азия Европаттан арахсар кыраныыссатынан Урал ааттанар. Улахан хайалара Гималай, Каракорум, Памир, Тянь-Шань, Улахан Кавказ, Алтай, Саян. Өссө биһиги Сахабыт сириттэн Верхоянскай, Черскэй сис хайаларын киллэрэллэр. Улахан күөллэрэ Байкал, Иссык, Күөл, Балхаш. Азия киирэллэр: Сибиир, Орто Азия, Казахстан, Бангладеш, Вьетнам, Израиль, Индия, Ирак, Иран, Египет сорҕото, Кипр, Китай, Таиланд, Монголия, Япония, Турция уо.д.а. Азия нэһилиэнньэтэ 1987 с. туругунан 2,9 млрд. киһи этэ.
Культура эйгэтигэр “Голос Азии” норуоттар икки ардыларынааҕы ырыа конкурса биллэр. Онно хас да сыллааҕыта Мытаахха төрөөбүт ийэлээх, монгол кыыһа Сарантуяа лауреат буолбутун билэбит. Улахан дьоҥҥо Бүтүн Азиятааҕы спортивнай күрэхтэһиилэр бараллар. Оттон оҕолорго итинник оонньуулар суохтара.
Аһыллыы
Күүтүүлээх “Азия оҕолоро” оонньуулар үөрүүлээхтик аһыллыылара болдьоммут кэмигэр саҕаланар. Дьэ, дьон барыта көрөөрү-истээри үмүөрүһүү бөҕөтө. Аан диэки тоҕуоруһуу. Билиэтэ суох дьоннор билиэт атыылаһаары сүүрэкэлэһии. Биһигиттэн биир эмээхсин кэлэн 200 тыһыынчаҕа билиэт атыылаһа сатаата. Дьэ, анньыһан киирдибит. 50-70-100 тыһ. солк. билиэт атыылаһан киирбиттэр. Сылдьан, көрөн барбыппытыгар бу харчы кыра эбит дии санаатыбыт. Биһиги көрбүппүт-истибиппит оннооҕор үрдүк сыанабылы ылар этэ. Дьэ, кырдьык даҕаны, сырдык, саҥа, 12 тыһ. миэстэлээх сүдү улахан стадион тутуллубут эбит. Киһи сөҕөр-махтайар.
Оонньууну аһыы бастакы түһүмэҕэ – саха фольклоругар олоҕуран “Олоҥхо дойдутун устун” театрализованнай көрдөрүү буолла. Ол кэнниттэн элбэх итии-истиҥ иһирэх тыллар этиллибиттэрэ.
Спортивнай парад саҕаланар. Манна бааллар: Бурятия, Казахстан, КНР, Кыргызстан, МНР, Таиланд королевствотын, Тыва, Соҕуруу Корея, Саха Өрөспүүбүлүкэтин хамаандалара. Көрөөччүлэр дохсун ытыс таһыныытынан эҕэрдэлииллэр. Олимпийскай комитет вице-президенэ В.С.Родниченко МОК өйдөбүнньүк кыһыл көмүс мэтээлин биһиги президеммитигэр Михаил Ефимович Николаевка үөрэ-көтө туттарда.
“Азия оҕолоро” оонньуу былааҕа көтөҕүллэр. Бу аан бастакы норуоттар икки ардыларынааҕы спортивнай оонньуулар былаахтара. Диктор: “Бу соторутааҕыта түмүктэммит XXVI Олимпийскай оонньуулартан аҕалыллыбыт уот “Туймаада” күрэхтэһиитин түһүлгэтигэр уматыллыаҕа. Бу уоту биһиги бастыҥ спортсменнарбыт Атлантическай океаны туораан, Атланта куораттан аналлаах контейнерга уган аҕалбыттар. Оччо ыраах сиртэн бу уот бүгүн Сахабыт сиригэр уматыллаары кэлбитэ”.
Онон Олимп уота олоҥхо дойдутугар күлүбүрэччи умайда.
Бу кэмҥэ фейерверк араас өҥнөөх уотун сардаҥалара ирбинньиктэнэ, дьирибинии оонньоотулар. Ол аайы дьон хаһыыта-ыһыыта кэмэ суох буолла. Бу маны көрбүттэр-истибиттэр умнуохтара суоҕа дии саныыбыт.
Оонньуулар үөрүүлээх аһыллыыларын кэнниттэн “Сулустар – Туймаадаҕа” диэн концерт буолла. Бу дьоро киэһэҕэ эстрада артыыстара Н.Донской, Сахаайа, “Иэхэй-чуохай” ансаамбыл уонна Москваттан анаан-минээн кэлбит Лариса Долина ыллаатылар, эҕэрдэлээтилэр.
Оҕолорбут ситиһиилэрэ
Боксаҕа биһиги үс уолбут кытынна. Семен Данилов аатынан 1 №-дээх орто оскуолаттан Коля Алексеев, Бэрдьигэстээх 2 №-дээх орто оскуолатыттан Вася Васильев, Күөрэлээхтэн Миша Владимиров.
Коля Алексеев кыра ыйааһыҥҥа (46 кг) биир хотторуулаах буолан, II миэстэҥэ таҕыста, үрүҥ көмүс мэтээллээх кэллэ. Тренерэ Валентин Аргунов.
Миша Владимиров – олимпийскай эрэллэр училищеларыгар үөрэнэр. Кини эмиэ биирдэ хотторон, II миэстэ буолла. Үрүҥ көмүс мэтээлинэн наҕараадаланна. Тренерэ Артур Кравченко.
Вася Васильевка эрэлбит элбэх этэ. Ол гынан баран… сатаммата. 57 киилэҕэ полуфиналга бурят уолугар хотторон, III миэстэ буолла. Дьэ, кыһыы диэн манна баар этэ. Саала иһигэр олорор дьон бары Васяҕа ыалдьа олорбуттара. Иккис раунд кэнниттэн судьуйа: “Стоп!” диэбитин кэннэ бурят уола муннукка анньан туран хаста даҕаны саайталаабытыгар кыһыйан, Васябыт тэбээччи буолла. Ону судьуйа тохтотто. Үһүс раунд кэнниттэн “Биһиги кыайдыбыт!” дии санаабыппыт. Судейскай комиссия быһаарыытынан кыайыыны бурят уола Буянто Сондомҥа биэрдилэр. Саала иһигэр улахан айдаах таҕыста, ону аахса барбатылар. Хайыахпытый, тэппэтэҕэ буоллар эрэ диибит. Арааһа, эдэр спортсмеҥҥа улахан уруок буолуо. Тулуйуохха наада эбит.
Чэпчэки атлетикаҕа Семен Данилов аатынан 1 №-дээх орто оскуола үөрэнээччитэ Наташа Кузнецова Саха сирин хамаандатыгар киирбитэ. 4х100 м эстафетаҕа кыргыттарга хамаанданан III миэстэ буоллулар.
Биһиги оҕолорбут сыаналаах бириистэринэн, дипломунан, кубогынан, сувенирдарынан наҕараадаланнылар.
Судьуйа санаата
Ох саанан ытыыга судьуйалаабыт Мытаахтан сылдьан 1-кы категориялаах судьуйа Ион Иннокентьевич Михайловтан охчут оҕолорбут хайдахтарын ыйыталастыбыт. Онуоха кини маннык эппиэттээтэ:
– Оҕолорбут Тыва, Бурятия, Монголия оҕолорун кытта тэҥҥэ күрэхтэстилэр. Стартовай эргиигэ I миэстэни Бурятия уола, II миэстэни биһиги Геннадий Парфеновпыт ылан, үрүҥ көмүс мэтээлинэн наҕараадаламмыта. III миэстэ Тыва спортсмена. Оттон кыргыттарга I-га Тыва, II-кэ Бурятия, III-кэ Таатта охчуттара тахсыбыттара. Финальнай киирсиигэ Гена Парфенов III миэстэҕэ тигистэ. Оҕолор тэрээһиннэрэ олус үчүгэй, маннык оонньууга кыттыбыттара кэлин улахан туһалаах буолуо.
Өрөспүүбүлүкэ рекордугар тиийиэхтэрэ ыраах, ол гынан баран кэскиллэрэ улахан. Бурятиялар оҕунан ытыыга олимпиецтары бэлэмнииллэр. Онон оҕолоро үрдүк көрдөрүүлээхтэрэ биллэр.
Түмүк
Күрэхтэһиини үөрүүлээхтик сабыы киэһэ сэттэ чаастан саҕаланна. Биир чаас инниттэн дьон мустан барда. Аһыллыы саҕаланар кэмигэр 12000 киһи киирэр стадиона туолан миэстэ былдьаһааччылар айдааннара-куйдааннара элбээн барда. Этиллибит бириэмэтигэр диктор куолаһа чугдаарда. Стадиоҥҥа парад саҕаланна. Кыайыылаахтары наҕараадалаатылар. Саха Өрөспүүбүлүкэтин Правительствотын чилиэннэрэ көрүҥнэринэн кыайыылаах хамаандаларга кубоктары туттардылар. Сылдьыбыт дьон бырааһынньык уопсай тэрээһинин олус үчүгэй, стадион олус үчүгэй диэн үөрдүлэр-көттүлэр. Ол эрээри киирэр ааннарга наһаа анньыһыылаах. Сорох милиционердар куруубайдар. Дьэ, ити курдук түмүктэннэ биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр биир бөдөҥ событиенан буолбут “Азия оҕолорун” спортивнай оонньуута.
“Бони-М”
Ити кэнниттэн аан дойдуга аатырбыт “Бони-М” бөлөх концера саҕаланна. Стадиоҥҥа хайыы-үйэ борук-сорук буолар. Ол гынан баран араас дьүһүннээх уоттар, прожектордар киһи хараҕын иирдэллэрэ. Саха сиригэр бу кэмҥэ диэри итинник аатырбыт бөлөх кэлэ илигэ.
“Бони-М” Саха сиригэр ким мэктиэлээһининэн кэлбитэ кистэлэҥ дииллэр. Бөлөх састаабыгар Лиз Митчел 1976 сылтан быһа сылдьар эбит. Музыкалара халлаан хараҥарыар диэри Дьокуускай устун дуорайбыта. Ол гынан баран биири бэлиэтиэхпитин баҕарабыт. Ааҕааччылар бу бөлөх концерын телевизорынан көрбүт буолуохтааххыт. Сахалар биир эмэ киһи үҥкүүлээбитин көрөн, уо-аа, үҥкүү-битии бөҕө буолбуттар үһү диибит. Оттон атын дойдулары көрдөххө, олорор дьон бары туран тэҥҥэ үҥкүүлэһэллэр. Тоҕо? Ол биһиги сыһыаммыт, өйдөбүлбүт туох уратылааҕый? Баҕар итинник айылаах аар-саарга аатырбыт бөлөҕү көрсөргө бэлэммит уонна үөрүйэхпит суоҕа эбитэ буолуо дуу? Эбэтэр олохпут ыараханыттан, наар күлэ-үөрэ сылдьыбаппытыттан буолуо дуу? Бүтэһигэр бу бөлөхтөр хаартыскаларын быраҕаттаабыттарын, хата, оҕолор хомуйан таска атыылыыллар этэ.
Массыыналарынан стадион иннинэн ааһыахтара диэбиттэрин истэн, дьон икки өттүнэн сэлэлии турунан кэбиспиттэрэ. Ким эрэ автограф ылаары, сорох хаартыскаҕа түсүһэрэи, сорох сибэкки биэриэн баҕаран. Онтукалара баара – атын сиринэн ыыта охсоору сымыйалаабыттар үһү…
Тыһыынчанан сылларга ахтыллыа
Соторутааҕыта, биллэрин курдук, Америкаҕа Атланта куоракка Олимпийскай оонньуулар ситиһиилээхтик бардылар. Олимпиадаҕа саамай чулуу көрдөрүүлээх үксэ улахан дьон кыттыбыта. Оттон оҕолорго аналлаах маннык күрэхтэһиилэр хаһан да, ханна да ыытылла иликтэрэ. Дьэ, ол иһин “Азия оҕолоро” спортивнай оонньуулар аан бастаан Сахабыт сиригэр ыытыллыбыттарыттан биһиги, сахалар, олус үөрэбит-көтөбүт, киэн туттабыт. Бастакы Олимпийскай оонньуулар биһиги эрабыт буолуо 776 сыл иннинэ Грецияҕа буолбуттарынан Греция Олимпиада төрөөбүт дойдутунан буолар. Оттон сүүһүнэн, тыһыынчанан сыллар аастахтарына Саха сирэ “Азия оҕолорун” оонньуута бастаан биһиэхэ ыытыллыбытынан үйэ саас тухары ахтылла туруо.
Олимп уота умулунна, ол гынан баран оонньууга кыттыбыт оҕолор сүрэхтэригэр саҕыллыбыт доҕордоһуу кыыма умуллуо суоҕа.
Сардаана Скурихина, Күннэй Алексеева.
Хаартыска интэриниэт ситимиттэн
“Үлэ күүһэ”, атырдьах ыйын 28 күнэ, 1996 с.