Дэриэбинэҕэ почта дьиэтигэр олорорбут. Ийэбит дьиэ сууйааччынан үлэлиир буолан, биир өттүгэр олорорбут. Ыы кырбас оҕолордоох этибит. Оҕолор оонньуур кэмнэригэр хоспор сытан эрэ хаһыат ааҕарым, сылаам таайан эбитэ дуу, устунан эрдэ утуйан хааларым. Биирдэ ситэ утуйа иликпинэ, хаптаһын быыс аанын кыычыгыраччы аһан, арай, орто уҥуохтаах киһи киирэн кэллэ. Мин ону көрөн соһуйаммын, хаһыытыы түһээт, ойон турдум. Хараҕым иирбитин дуу, илэ көрбүппүн дуу араарбат буола куттанным, дэлби салыбыраан хааллым. Чыпчылыйыах икки ардыгар киһи дуу, абааһы дуу сүтэн хаалла.
Кэлин олохтоох дьонтон истэн билбиппит, ол киһи көһүннэҕинэ, дэриэбинэҕэ ыалдьа сылдьар дьонтон, ол түүн хайалара эрэ өлөр эбит. Кэлин киһи өлөр түүнүгэр киэһэтин көстөр буолбута. Ол иһин мин:
“Бу түүн ким эрэ быстар буолбут, эмиэ көһүннэ”, – диир буолбутум.
Аны туран, дьиэбит иһиттэн миигиттэн ураты ким да көрбөт эбит. Кэлин ыйыталаһан билбиппит, биһиги көһөн кэлиэхпит иннинэ почта үлэһитэ бу дьиэҕэ олорон, оһолго түбэһэн өлбүт. Ол иһин хас сырыы аайы көстөр эбит.
Е.Гаврильев, Горнай улууһа