Көрбүт дьахталларбын барыларын Эн ааккынан ааттыы сылдьар буолан хааллым…

Уонча сыллааҕыта Бэрдьигэстээххэ “Ньургуһун” литературнай түмсүү аатыттан кэлэн тэрээһиҥҥэ кыттыбыппыт. Бу сылдьарбытыгар хоһоонньут, прозаик, Саха Өрөспүүбүлүкэтин бэчээтин туйгуна, Арассыыйа Суруналыыстарын сойууһун, Горнай улууһунааҕы «Сыккыс» литературнай түмсүү кыттыылааҕа, Бэрдьигэстээх нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо Руслан Николаевич Платонов хоһооннорун хомуурунньугун буор-босхо бэлэхтэтэлээн турар.

Бастаан утаа кинигэ тас хаҕа хара өҥнөөҕүн иһин дуу, аахпакка сылдьан баран, кэлин арыйан ааҕан көрбүтүм. Кинигэ ис өттө аан дойдуга киһи мээнэ булбат сырдык, ыраас, кэрэ иэйиитэ-таптал туһунан хоһооннор эбит. Хас биирдии хоһоон хайаан даҕаны киһини кычыгалатар, курус санааттан уһугуннарар чып-чыыбыгырас, бып-быычыгырас сонуну, саҥаны, кэрэни арыйар туох эрэ таайыллыбат дьиктилээх кэриэтэ.

Оннук, Руслан Николаевич хоһоонноро бары аан дойдуга баар биир Кэрэҕэ-дьахтарга анаммыттар. Дьахтар тиһэҕэр тиийэ таайыллыбат кистэлэҥнээх таабырын. Ол тэҥэ эмиэ поэт хоһоонноругар ол таайыллыбат кэрэни салгын курдук, чап-чараас, солко курдук оһуор-ойуу киистэ-тылынан харыстаан, арчылаан бэлиэтиир. Холобур ааптар «Айыына» хоһоонугар бу кэрэҕэ, бу ырааска күн айыы көмүскэс санаата уһуктар.

Айыына

Күлүк сыстыбатах сырдык,
Кыра да дьиэгэ суох ыраас,
Куһаҕаны билбэт, үтүө,
Кэрэ дууһаҕынан көрдүҥ-
Туоххун да кистэммэт, түөрэ
Арыллыбыт бэйэҕинэн,
Түгэх диэки тардан барар
Кэмнэммэтэх дириҥҥинэн…
Алыс ыраас, алыс сырдык,
Аньыы-хара кыттыбатах,
Сиэртибэлиир курдук уунар
Эн бэлэххин ылыммаппын.
Имэҥ өрө салыыр уотун
Төлөнүгэр умайбатах,
Таптал уһук, кылаан муҥар
Өлө-тиллэ мөхсүбэтэх,
Тылла-ата, тиллэ илик
Оҕо куккар саантаабаппын,
Эт-сиин кыһалҕатын билбэт
Туҥуй кыыскар санаммаппын…
Бырастыы гыныаҥ дуо?..
Суох, буолуо!
Эн даҕаны бэттэхтэтэн,
Ити дьикти көрүүгүнэн
Тугу эрэ аһаҕастык
Этэ-тиэрдэ сатаатаҕыҥ.

Ааптар киһи киһиэхэ сыһыаныгар аҥардас дуоһуйуу, дьоллонуу эрэ буолбакка бэйэ-бэйэҕэ кыһамньы, булгуруйбат эппиэтинэс баар буолуохтаахтарын санатан ыларга дылы. Оннук быһыыттан-майгыттан эрэ таптал үүнэр, чэчириир, сайдар. Дьиҥ таптыыр киһи таптыыр киһитин туһугар тугу даҕаны эрэйбэккэ, кэрэйбэккэ аҥаардастыы төһө кыалларынан биэрэр эрэ дьаныардаах буоллаҕа.

Таптал тыыта

Мичээргинэн күндүлээриий,
Чөмчүүк тиистээх доҕоруом-
Күнүм-дьылым оһуоругар
Тиһиллибит оҕуруом.

Уураһыыта бэлэхтээриий,
Нарын уостаах сэгэрим-
Таптал сырдык алааһыгар
Дьолбор үүммүт сибэкким.

Үөрэ-көтө кууһа түһүүй,
Үрдүк түөстээх биэбэйим-
Имэҥ-дьалыҥ сүүрүгүнэн
Уһуннарар көмүс тыым.

«Таптал тыыта» диэн сонун ааттаах таптыыр киһитигэр анаабыт хоһоонугар ааптар сүрэхтэн эрэ тахсар, дьахтар киһи кулгааҕын уулларар, долгутар нарын-намчы тыллары булар. «…Күнүм-дьылым оһуоругар тиһиллибит оҕуруом. …Таптал сырдык алааһыгар дьолбор үүммүт сибэкким. …Имэҥ-дьалыҥ сүүрүгүнэн уһуннарар көмүс тыым.»

«Если в твоем повествовании нет знаний, извлеченных с истинного твоего источника, то нет смысла в том.»
Нисаргадатта Махарадж

Бука, Руслан Николаевич суруйбут хоһоонноро аахпыт эрэ киһини долгутар, уйадытар буолуохтаахтар. Ол эбэтэр кини бэйэтэ ис-хаан билбит, тымыра тэппит, үс кута дуоһуйа дьолломмут уйан, уран турукка көппүт улуу дьолун ааҕааччылыын үллэстэрэ, ол иэйиитин киниэхэ тиэрдэрэ илэ-чахчы итэҕэтиилээх:

Таптал үөрүүтэ
таспынан таһыйда,
Имэҥ өрөгөйө
иҥэрсийбэт эрэ…
Тыҥаабыт иҥиирбэр
дырылаччы дыыгынаата,
Күүрбүт тымырбар
тиҥиргэччи тыгыалаата,
Тэбиэһирэ тэптэ
эппэр кычыгаланна,
Тыылла-түллэ
быччыҥмар быыппаһынна,
Бигэ тирэхтээн
киэҥник хардыылаата,
Күүскэ үктэннэрэн
сыыдамнык хаамтарда,
Ойон туран
сүүрүөх-көтүөх эрчимнээтэ,
Өрө ыстанан
тэбинэн хаалыах уохтаата,
Санаабын күүһүртэ,
Сүргэбин көтөхтө,
Сүрэхпин күүркэттэ,
Дууһабын ыллатта,
Күөх унаар көҥүлгэ-
үрдүккэ көҕүттэ,
Киэҥ куйаар урсуҥҥа-
халлааҥҥа кыыратта.

Ааптар, таптыыр эр киһи тапталлааҕа утуйа сытар аптаах кэмин үргүппэккэ эбии тупсан-киэркэйэн кэлэрин сөҕөн хоһуйар. «…Күн уотун баһыйар сырдык, ыраас…» чуумпу, дириҥ таптал тыына салгыҥҥа биллэн ааһарга дылы.

Күн уота

Түннүк сабыытын быыһынан тыган
Күн сырдыга эн үрдүгэр түстэ,
Маҥан сибэккилии нарын түөскүн
Харах саатар гына туналытта.

Бэйэм курдук атаахтатан буолуо,
Уугун көтүппэккэ аргыый аҕай
Сылааһынан бигии, имэрийэ,
Солко тирииҥ устун халтарыйда.

Тугу түһүүрүҥ эбитэ буолла?
Хааныҥ кэйбит иэдэстэргэр, уоскар
Күн уотун баһыйар сырдык, ыраас,
Дьолбун түстүүр мичээр төгүрүйдэ.

Дьиҥнээх ыраас таптал, таптыыр, таптаһар диэн хайдаҕый, туох-ханнык буолуохтааҕый, кини хаһан кэлэр, дьоллуур диэҥҥэ хоруйдуур курдук ааптар бу биир хоһоонугар этэр:

Таптал быраабыла диэни билиммэт…
Бэҕэһээ былааннаматах көрүү,
Сибилигин санааҕа суох үөрүү,
Сөкүүндэнэн быһаарыллар түгэн-
Бигэ бэрээдэккин тосту кэһэр,
Таптал тоҕоостоох түгэни күүппэт…
Сөлүүт уота өрө тэппитинии
Халлааҥҥар тэнийэр ойуу-оһуор.
Кыһын буоллар, тулаҥ-сааскы күннүү
Биирдэ сырдыы, чаҕылыйа түһэр.

Бу күннэргэ Илья Ильич Афанасьев-Алмаас салайааччылаах Саха Өрөспүүбүлүкэтинээҕи «Иэйии» ватсаап бөлөҕөр Горнайга айар куттаах поэт Руслан Николаевич Платонов 75 сааһыгар аналлаах үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ баран сылдьар, кыттар баҕалааҕы ыҥырбыттарыгар кэпсэтии тахсыбыта. Ол кэпсэтиигэ эппит тылларым: «Санаабар поэт сүрэҕэ төлө барбыт Таптал фонтаныныы, Таптал уоттаах сулуһунуу тырымныы, тыгыалыы сылдьар курдук. Бу сиргэ баар киһи-аймах кэрэ аҥардарыгар барыларыгар кини тапталга билинэр кэриэтэ.»

Ол эппит тылларбын бу үөһээ хоһооҥҥо булан ыллым:
… Сөлүүт уота өрө тэппитинии,..
… Биирдэ сырдыы, чаҕылыйа түһэр.

Дьикти дии, бары биир куйаарга сылдьарбыт, биир салгыҥҥа тыынарбыт бэлиэтэ ити буоллаҕа.
Ааҕааччы, эн иннигэр, илиигэр сырдык тыыннаах, өрө мөхсө, сыдьаайа, тырымныы сылдьар таптал таабырыннаах Руслан Николаевич Платонов хоһоонноро.

«Күн удьуора буоллахпыт» диэн бигэ санаалаах, тыллаах поэт, кырдьык даҕаны Улуу Таптал-Күн уола, кини итии имэҥнээх, иэйиилээх хоһоонноро эмиэ Күн кэриэтэ күн сирин сырдаталлар, сүрэхтэри уматаллар, тапталы саҕаллар.

Этэллэринэн буоллаҕына билигин чап-чараас квантовай эйгэҕэ олоробут эбит. Ибир, долгун ортотугар. Биир киһиэхэ иһигэр туох эмэ бэрт кыра уларыйыы таҕыстар эрэ тута киэҥ куйаарга тиийэ охсор, уларыйыы буолар. Ааптар суруйбут хоһоонноро сир-халлаан көстүбэт ситимигэр үтүөнү, үөрүүнү түстүү аар алгыс тэҥэ эргийэ, или-эйэни айа сырыттахтара.

Онон бүгүн Руслан Николаевич 75 сааһын туолар үбүлүөйэ диибит эрээри, кини куттуун-сүрдүүн, сүрэхтиин быдан эдэр. Эбэтэр кини таптыыр сүрэх эрэ этэринэн олорор, үлэлиир дьоллоох киһи.

Елена Антонова-Күн Сиккиэрэ