«Кэрэлилэр» Гран-При ылары ситистилэр

Бүгүн үөрүүлээх сонун Благовещенскай куораттан көтөн кэллэ.

Ол курдук, Арассыыйа таһымнаах «Магия куклы» диэн быыстапка куонкуруһун Гран-При үрдүк аатын биир дойдулаахпыт СӨ норуотун маастара Каролина Парфенова салайааччылаах «Кэрэли» илии оҥоһуктарын кэлэктиибэ ылары  ситистилэр.

Далан Тыгын Дархан айымньытыгар олоҕуран оҥоһуллубут коллекциялара аатырыан аатырда, үрдүк чыпчаалга таҕыста.

Саха сирин сырдатар, өбүгэ үгэһин кэпсиир историческай  айымньы саҥа тыыннанан, саҥа хайысханан бүтүн дойду үрдүнэн билиннэ. 

Санатар буоллахха СӨ кукольниктарын сойууһун чилиэнэ,  Каролина Петровна Парфенова бу сайын «Симэх» норуот искусствотын уонна уус-уран оҥоһуктарын национальнай киинигэр үбүлүөйдээх сылын көрсө, «Алгыстаах айар аартык» диэн уон сыллаах айар үлэтин быыстапката саха дьонун-сэргэтин, дойду араас сириттэн кэлэ сылдьар  ыалдьыттар сэҥээриилэрин ылбыта.

Айар куттаах биир дойдулаахпытыгар, сыаллаах-соруктаах дьарыгыҥ кэскили түстэһэ, духуобунаһы байыта-сайыннара турарыгар баҕарабыт.
Нина Сутакова.