Киэн туттар киһибит, үлэһит бастыҥа биһиги Тамарабыт

Мытаах нэһилиэгин олохтоохторун аһынан-үөлүнэн, таҥаһынан-сабынан, хаһаайыстыбаннай табаарынан хааччыйар киэн туттар бастыҥ урбаанньыппыт Тамара Ильинична Пахомова туһунан кэпсиэхпин баҕарабын.

Кини 1969 с. алтынньы 7 күнүгэр Мытаах нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. Аҕата Илья Гаврильевич Пахомов Хондураайыттан төрүттээх, кино-механигынан, «Горнай» сопхуоска охотоведынан үлэлээбитэ. Ийэтэ Анастасия Гаврильевна Васильева Дьорҕонтойго төрөөбүт, кини оройуоҥҥа биир бастакынан тырахтарыыс идэтигэр үөрэнэн, хайа да эр киһиттэн хаалсыбакка тырахтарыыстаабыт, библиотекарынан, ол кэнниттэн нэһилиэгин дьоно-сэргэтэ таланнар 18 сыл олохтоох Сэбиэккэ сэкирэтээринэн үлэлээбитэ. Төрөппүттэрэ бэйэлэрин холобурунан батыһыннара сылдьан, үлэнэн ииппиттэрэ. Кинилэр бииргэ төрөөбүттэр алталар (2 уол, 4 кыыс).

Тамара бастакы кылааска 1976 с. оскуолаҕа үөрэнэ киирбитэ. Дьиикимдэ орто оскуолатын 1986 с. үчүгэйдик үөрэнэн бүтэрбитэ уонна Дьокуускайга тыа хаһаайыстыбатын институтугар үөрэнэ киирбитэ. Үрдүк үөрэҕин бүтэрэн, зооинженер идэлээх 1991 с. Дьиикимдэ орто оскуолатыгар лаборанынан, биология, химия учууталынан, библиотекарынан үлэлээбитэ.

1998 с. Мытаах нэһилиэгин музейыгар «Бор» култуурунай-сырдатар комплекса научнай сотруднигынан үтүө суобастаахтык, айымньылаахтык үлэлээбитэ.

1997-98 сс. бэйэлэрин дьиэлэрин таһыгар, кыра маҕаһыын аһан, ас-үөл бородууктатын атыылаан барбыттара. Онтон кыра бириэмэҕэ «Айтал» ырыынакка атыыһыттыы сылдьыбыта. Тамара өр толкуйдаан, ырытан, дьиэ кэргэнин, аҕатын, ийэтин кытта сүбэлэһэн, ыарахаттартан чаҕыйбакка бэйэтэ ылыммыт баҕа санаатын, сыалын ситиһэн, 2001 с. урбаанньыт буолбута. Онтон кини сыал-сорук туруорунан, элбэхтэ кэлэн-баран, сүүрэн-көтөн дьону, салалталары кытта кэпсэтэн, 2003 с. алтынньы ыйга нэһилиэгин олохтоохторун үөрдэ-көтүтэ «Анастасия» диэн маҕаһыыны арыйбыта.

Маҕаһыын үлэтэ диэн түбүктээх, кэлиилээх-барыылаах, суоттааһыннаах, кэпсэтиилээх үлэ, ону таһынан атыылаһааччы ордук туохха наадыйарын билиэхтээххин, дьон санаатын таайыаххын наада. «Анастасия» маҕаһыын аһа-үөлэ, таҥаһа-саба, хаһаайыстыбаннай табаара куруутун баар, элбэх атыылаһааччылаах, үлэһиттэр үөрэ-көтө көрсөллөр.

Тамара Ильинична үтүө, сайаҕас-эйэҕэс майгылаах, кэпсэтинньэҥ, дьону кытта биир тылы түргэнник булар, кырдьаҕаска, кыаммакка куруутун ис санаатыттан көмөлөһөр, аһыныгас үтүө санаалаах. Үлэтигэр үтүө суобастаахтык сыһыаннаһар, эппиэтинэстээх, элбэҕи ааҕар, билиилээх-көрүүлээх, үтүө-мааны үлэһит быһыытынан билинэбит.

Кини билиҥҥи информационнай технологияны бары өттүнэн баһылаан, нэһилиэк олохтоохторо ордук туохха наадыйалларын ыйытан, билэн-көрөн, кэпсэтэн интэриниэтинэн сакаастаан аҕалар. Аҕам саастаах кыайан барбат-кэлбэт дьоҥҥо холодильниктары, таҥас сууйар массыыналары, плиткалары, холобур манныктар бааллар диэн суотабай төлөпүөҥҥэ көрдөрөр, бачча сыаналаахтар диэн этэр, кэпсиир, маны ылабын диэн талаҕын, оччоҕуна бэйэтэ сакаастаан дьиэҕэр аҕалан биэрэр.

Тамара Ильинична түбүктээх, сыралаах үлэтинэн эрэ муҥурдаммакка нэһилиэк общественнай үлэтигэр көхтөөхтүк кыттар. Ол курдук, «Ыллык» эдэр ыччат түмсүүтүн салайааччытынан, «Дьөлөккөн» түөлбэ начаалынньыгын солбуйааччытынан, оҕо уһуйаанын, оскуола төрөппүт кэмитиэтин бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбитэ, элбэх тэрээһиннэри ыыппыттара. Спорт өттүгэр волейболга оонньуур, нэһилиэк волейболга хамаандатын солбуллубат чилиэнэ буолар. Нэһилиэккэ ыытыллар «Үтүө санааланыы» акцияларга (ууга барбыт нэһилиэктэргэ, баһаартан эмсэҕэлээбиттэргэ, СВО-ҕа) көмө оҥорор. Спортивнай күрэхтэһиилэргэ спонсордыыр, нэһилиэк социальнай тэрилтэлэрин ыытар тэрээһиннэригэр көмөлөһөр, үлэлэһэр.

Тамара Ильинична маҕаһыынын икки үлэһитигэр тутуу үлэһиттэрин кэпсэтэн, маһын бэлэмнэтэн, саҥа дьиэлэри туттаран, иһин барытын оҥорторон, үчүгэйкээн дьиэлэргэ киллэрбитэ.

2001 с. «Колокольчик» оҕону сайыннарар киин территориятыгар оҕо сынньанар спортивнай былаһааккатын Тамара Ильинична 250 тыһ. солк. тутууну бэйэтэ көҕүлээн оҥорторбута. Оҕолор, төрөппүттэр махталларын ылыан ылбыта.
Тамара Ильинична икки оҕо күн күбэй ийэтэ, сатабыллаах хаһаайка. Оҕолоро Софрон Данилов аатынан Дьиикимдэ орто оскуолатыгар үөрэммиттэрэ. Кыыһа Милена медицинскэй институт 3-с кууруһун устудьуона, уола Альберт быйыл оскуоланы кыһыл көмүс мэтээлинэн бүтэрдэ. Оҕолорун кыра эрдэхтэриттэн батыһыннара сылдьан, бэйэтин холобуругар үлэнэн ииппитэ, дьиэ ис-тас үлэтин барытын сатыыллар, оттууллар, сир астыыллар. Ийэлэрин кытта маҕаһыыҥҥа сайыҥҥы өттүгэр тэҥҥэ үлэлэһэллэр.

Тамара Ильинична иискэ эмиэ дьоҕурдаах, сахалыы таҥаһы, түүлээхтэн сиэдэрэй тигиилэри сатыыра ийэтин Анастасия Гаврильевнаттан утумнаабыт. Ийэтэ кэпсиириттэн билиһиннэрэбин: «Мин үлэбэр олус интэриэстээх бэйэтэ үчүгэйдик тигэр, оҕуруону анньар, баайар, быысапкалыыр, мин туйахпын хатарар кыыһым Тамара. Кини кыра эрдэҕиттэн иискэ сыстаҕас этэ. Мин иистэнэрбин көрөн олорон, онтон бэйэтэ үөрэммитэ. Оҕуруону, быысапканы үһүс кылаастан анньар. Бэйэтэ ис сүрэҕиттэн баҕаран иистэнэр, туттара-хаптара түргэнэ, тигэр сиигэ чуолкайа, ырааһа киһини үөрдэр, сүрдээх дьулуурдаах. Саҕалаабыт үлэтин түргэнник, хаачыстыбалаахтык тиһэҕэр тиэрдэр. Чараас таҥастары бэйэтэ быһыытын быһар, муодатын айан бэйэтигэр, оҕолоругар тигэр.

Эр киһи, дьахтар, оҕо этэрбэстэрин иккиэн көмөлөөн тигэбит. Дьон киһини кэрэхсиир буоллаҕына, киһи сайдар. Эн киниэхэ эрэнэн тиктэрэгин, кини үлэтин сыаналыыр буоллаххына, кини үлэтэ таһаарыылаах буолар.

Тамара 21 сааһыттан дьоҥҥо иистэнэр. Күндү түүлээҕинэн (хара, маҥан саһылтан, кырсаттан, киистэн) арааһынай быһыылаах бэргэһэлэри тигэттээн дьону үөрдэр. Кубанка, ушанка, беретка, якутяночка, ярославна бэргэһэлэри. Өссө киһи кэрэхсиэҕэ кролик, андаатар шубалары тигэр”, – диэн сэһэргээбитэ.

Кинини түбүктээх, сыралаах үлэтин түмүгэ элбэх наҕараадалар кэрэһэлииллэр: 2005 с. нэһилиэк бастыҥ урбаанньыта, 2007 с. улуус баһылыгын Махтал суруга, 2008 с. нэһилиэк бастыҥ спонсора, 2009 с. нэһилиэк бастыҥ үлэлээх маҕаһыына, 2011 с. мин Сахам сирэ XXI үйэҕэ өйдөбүнньүк үрүҥ көмүс бэлиэ диэн үтүө санааланыы хамсааһыныгар киллэрбит өҥөтүн иһин, 2011 РФ Судаарыстыбаннай Мунньаҕын депутата Ю.А.Песковская Махтал суруга, 2021 с. СӨ урбааҥҥа, атыыга-эргиэҥҥэ, туризмҥа миниистирэ И.С.Высоких Бочуотунай грамотатынан наҕараадаламмыта.

Нэһилиэк олохтоохторо, дьоно-сэргэнэ, Тамара Ильиничнаны бары убаастыыллар, кини үлэтин сыаналыыллар, махтал, баһыыба тылларын этэллэр. Тамара Ильиничнаҕа, үлэһитэ Сардана Ильиничнаҕа түбүктээх үлэлэригэр үрдүктэн үрдүк ситиһиилэри, чэгиэн доруобуйаны, дьиэ кэргэттэригэр дьоллоох олоҕу баҕарабыт. Үүнэ-сайда, чэчирии туруҥ диэн алгыыбыт!

Лариса Осипова,
үлэ бэтэрээнэ.