Киһи киэнэ кэрэмэһэ, аймах киэнэ амараҕа этэ

Савва Иванович Тарасов, мин ийэм, педагогическэй үлэ бэтэрээнэ, Горнай улууһун Дьиикимдэ орто оскуолатыгар 20-тэн тахса сыл нуучча тылын уонна литературатын учууталынан үтүө суобастаахтык үлэлээбит Анисия Ивановна Кириллина (Тарасова) бииргэ төрөөбүт сурдьа буолар.

Ийэм кэпсииринэн, кинилэр оҕо саастара сэрии ыар сылларыгар ааспыта. Онон дьоллоох оҕо саас диэни билбэтэхтэрэ. Аас-туор олох бары ыарахаттарын эттэринэн-хааннарынан билэн, доруобуйаларыгар улахан охсууну ылбыттара. Ордук кыралар, Савва уонна Аанчык доруобуйалара улаханнык айгыраабыта. Савваны, үгүс саха дьонун кылгас үйэлээбит тыҥа ыарыыта буулаан, суорҕан-тэллэх киһитэ буолбута. Ол да буоллар, инчэҕэй тирбэҕэ быстыбатынан, медицинэ көмөтүнэн, үгүстүк эмтэнэн, киһи-хара буолар ыйааҕа тардан, ыарыыны кыайбыта, атаҕар турбута.

Сэрии сылларын ыар тыына ийэлээх аҕаларын кылгас үйэлээбитэ, 60 да саастарыгар тиийбэккэ, олохтон барбыттара. Онон ийэм Анисия, бырааттаах балтын иннигэр улахан эппиэтинэһи ылынан, кинилэр тустарыгар үгүс кыһамньытын уурбута, олохторун оҥостоллоругар бары өттүнэн күүс-көмө, өйөбүл буолбута.

1957 с. Анисия Ивановна Мытаах нэһилиэгиттэн төрүттээх Михаил Николаевич Кириллиҥҥэ кэргэн тахсан, Дьиикимдэҕэ олохсуйбута. Кинилэр биэс оҕону төрөтөн, улаатыннаран, үтүө суобастаах үлэлэринэн-хамнастарынан дьоҥҥо-сэргэҕэ убаастатан, ытыктатан, дьоһун олоҕу олорон ааспыттара.

Ийэлээх аҕабыт, Савва биллиилээх поэт, өрөспүүбүлүкэ таһымыгар эппиэттээх үлэлэргэ үлэлии сылдьар уопсастыбаннай деятель, дьиэ кэргэн аҕа баһылыга буола сылдьарыттан ис сүрэхтэриттэн үөрэллэрэ, астыналлара, киэн тутталлара.

Таайбыт Савва кэргэнинээн Акулина Христофоровналыын биһиги дьоммутун кытта ыкса сибээһи тутара, үлэттэн-хамнастан быыс булан Мытаахха кэлэн, билсэн-көрсөн барара, үөрүүлээх да, хомолтолоох да кэмнэргэ күүс-көмө, өйөбүл буолара.

Ийэбит Анисия Ивановна үлэ-хамнас үөһүгэр сылдьан, ыарахан ыарыыга баалатан өлөр-тиллэр күннэригэр, таайым аах кэмигэр, сөптөөх оперативнай көмөнү оҥотторон, үйэтин уһаппыттара, биэс оҕо эрдэ тулаайах хаалар суолуттан быыһаабыттара, биһиэхэ дьоллоох оҕо сааһы бэлэхтээбиттэрэ.

Сэбиэскэй кэм саҕана айар интеллигенция, артыыстар, суруйааччылар тыа сиригэр үгүстүк сылдьар, нэһилиэнньэни кытта көрсөр, сиэр-майгы өттүнэн иитиигэ күүс-көмө буолар үтүө үгэстээх буолаллара. Савва Иванович Саха суруйааччыларын сойууһун салалтатыгар үлэлиир сылларыгар, төрөөбүт дойдутун дьонугар-сэргэтигэр, саха норуота ытыктыыр, тумус туттар дьонун аҕалан билиһиннэрбит, кинилэр ыллыктаах санааларын иһитиннэрбит үтүөлээх.

Ол курдук, Владимир Новиков-Күннүк Уурастыырап, Леонид Попов, Василий Соловьев-Болот Боотур, Василий Яковлев-Далан, Реас Кулаковскай уо.д.а. суруйааччылары таһааран Бэрдьигэстээҕинэн, Мытааҕынан сырытыннарбыта. Мытаахха эдьиийдээх күтүөтүгэр саха суруйааччыларын үгүстэрин аҕалан, билиһиннэрэн, хоннорон, ирэ-хоро кэпсэтиһэн, сэргэхситэн барара. Ийэлээх аҕабыт, биһиги оҕолор эмиэ, ити көрсүһүүлэртэн улахан дуоһуйууну ыларбыт, өй-санаа өттүнэн байарбыт.

Таайбыт уонна саҥаспыт Лина аймахтарын оҕолоро үөрэхтээх дьон буолалларыгар төһүү күүс буолбуттарын махтана ахтабын. Мин СГУ-га үөрэнэр сылларбар таайым аахха үгүстүк сылдьан, уопсайга киирбэтэх сылларбар кинилэргэ олорон үөрэммитим, кинилэр өйөбүллэрин, сылаас сыһыаннарын толору билбитим. Ити сылларга таайым кэргэнигэр, оҕолоругар ураты сымнаҕас сыһыанын, үрдүк култууралаах, ыалдьыты-хоноһону үөрэ-көтө көрсөр, маанылыыр, кыһалҕалаахтарга күүс-көмө буола сатыыр үтүө майгытын көрбүтүм. Саҥаспытынаан бэйэ-бэйэлэригэр сыһыаннара ураты харыстабыллаах буолара. Саҥаспыт Акулина Христофоровна барахсан кыһамньытынан, көрүүтүнэн-истиитинэн, оҕо сааһыттан аһаах доруобуйалаах таайбыт, үйэтэ уһаабыта, айар үлэтэ таһаарыылаах-тахсыылаах буолбута, олох дьолун толору билбитэ туох да саарбахтааһына суох.

Таайбыт дьон туһунан биир да куһаҕан тылы эппитин, сиилээбитин истибэтэҕим. Бэйэтин ситиһиилэрин туһунан кэпсии сылдьыбат, биллиилээх киһибин диэн өрө туттубат сэмэй майгылааҕа. Биһиги, Савва Иванович бииргэ төрөөбүт эдьиийин Анисия Ивановна оҕолоро, ийэлээх-аҕабыт суох буолбуттарын кэнниттэн, кинилэри солбуйан, хас биирдиибит туһугар ис сурэхтэриттэн кыһаллан, ыалдьан, амарах санааларынан арчылаан, харыстаан, үгүстүк сүбэлээн-амалаан, күүс-көмө буолбуттарыгар таайбытыгар, саҥаспытыгар махталбыт улахан. Убаастыыр саҥаспыт Акулина Христофоровна, төһө да 93 сааһын ууллардар, олоххо кэрэхсэбилин сүтэрбэккэ, аймах дьон сонуннарын сэргии, сураһа, хас биирдиибит туһугар кыһалла олороро биһигини үөрдэр.

Таайбыт Савва Иванович Саха суруйааччыларын союһун уустук, быыһык кэмҥэ салайан, сойуус тэрилтэ быһыытынан чөл хааларын, саха литературата сайдарын туһугар үгүс сыратын, өйүн-санаатын ууран үлэлээбитэ. Ону тэҥэ, төһө да эппиэттээх үлэҕэ сырыттар, ханнык да кэмҥэ илиитин араарбакка, саха норуотугар дириҥ ис хоһоонноох философскай хоһооннору, айымньылары суруйан, саха баай хомуһуннаах тылынан улуу Шекспир айымньыларын сахалыы саҥардан хаалларбыта. Таайбыт үлэлээбит үлэтэ, айымньылара сүтэн-оһон хаалбакка, өссө да дириҥник үөрэтиллиэхтэрэ, сөптөөх сыанабылы ылыахтара диэн эрэнэбин.

Александра Колесова,
Л.Е. Лукина аатынан Эбии үөрэхтээһин киинин методиһа, Россия үөрэҕириитин
Бочуоттаах үлэһитэ, СӨ үөрэҕириитин туйгуна.