Аны күһүн Софрон Данилов аатын сүгэр Дьиикимдэ орто оскуолата тэриллибитэ 95 сааһын үөрүүлээхтик бэлиэтиэҕэ. Бор оскуолатыгар үлэлээбит учууталлар испииһэктэригэр М.Н.Михайлова (Эртюкова) аата сурулла сылдьар. Өрдөөҕүтэ Борго үлэлээбитин туһунан ахтыытыттан быһа тардан билиһиннэриэхпин баҕардым. Мин кэпсиим, эһиги истэҥ сэҥээриҥ:
“Педрабфак орто үөрэҕи биэрэр техникумнарга тэҥнээх үөрэх заведениета этэ. 1936-39 сс. 7-8 кылааһы бүтэрбит оҕолору ылар буолбуттара, биһиги группабытыгар 2-3 киһи кэргэннээх, оҕолоох дьоннор эмиэ бааллара, Р.М.Федоров, Арапаилов.
Аны кырдьан, сааһыран олорон санаатахха, биһигини үөрэппит учууталларбыт бэйэлэрин үөрэтэр предметтэригэр билиилээх уонна ирдэбиллээх эбиттэр. К.Я.Нифонтов, С.И.Гухман, М.Д.Фейгин, Е.К.Припузова, Д.Ф.Филиппов, Н.Н.Стафиескай, нуучча тылыгар Д.Винокуров. Мин көлүөнэ оҕолорум тыа оскуолатыгар 7 кылааһы сахалыы үөрэнэн бүтэрбит, нууччалыы “да”, “нет” эрэ диир оҕолор сотору ой-бото наадабытын кэпсэтэр буолбуппут. Ити рабфакка үөрэммит оҕолор талааннаах суруйааччылар, учуонайдар буола үүммүттэрэ. Софрон мин 3-с кууруска үөрэнэрбэр, бастакы кууруска үөрэнэр 16-17 саастаах уол этэ. Софрону мин өйдүүбүн хара баттахтаах, өйдөөх чаҕылыҥнаабыт харахтаах, хатыҥыр, сиэрэй булууһалаах, ис киирбэх уолу. 1938 с. В.М.Новиков (Күннүк Уурастыырап) салайар эдэр суруйааччылар түмсүүлэригэр рабфак уолаттара сылдьар эбиттэр: мин кэргэним И.Эртюков, С.Данилов, Л.Попов, Д.Таас, П.Тулааһынап уонна хайаларыттан да эдэрдэр, кубаҕай маҥан өйдөөх хараҕынан мичилийбит Софрон. Бу туһунан И.Эртюков олох умнубат этэ, ыалдьан да олорон ити түмсүүнү санаан кэллэҕинэ, ис-иһиттэн күлэ олорор буолара: “Бука, сүрдээх дьон эбит буоллахпыт… Оттон салайааччыбыт В.М.Новиков сиппит-хоппут үтүө сэбэрэтэ, хомсута биһиэхэ күүс угар курдуга. Ити түмсүүгэ элбээбит кэммитигэр 16-20 буоларбыт. Итиннэ уус-уран литературанан дьарыктаныан баҕалаах ыччаттар сылдьаллара”.
Педрабфагы бүтэрэн баран, учуутал буолбут киһи дии санаан дьүөгэбинээн Е.П.Марковалыын үөрэх министиэристибэтигэр бардыбыт, оччоҕо кадр отделыгар С.Гурьев диэн үлэлиирэ. Кини миигин миниистир Ф.Шариҥҥа киллэрдэ, “чэ, син начаалынай кылаастарга үлэлииһи” диэн баран бирикээскэ илии баттаата, онно олус да үөрбүтүм. Мин туох да методика эҥин диэн билбэт “хотун” начаалынай кылаас учуутала буолан, Горнай оройуонугар ананан үлэлии айаннаатым. 1940 с. күһүн учууталлар уоппускалара бүтэн, үлэлиир оройуоммутугар мунньустабыт, оччоҕо оройуон киинигэр Бэрдьигэстээххэ диэри куораттан ыҥыыр атынан үс хонугу быһа айаннаан тиийэрбит. Учууталлары таһар Лоппууска Уйбаан диэн сытыы-хотуу киһи баара, араспаанньатын ыйыталаспат этибит. “Августовскай совещание” кэнниттэн үлэлиир нэһилиэкпитигэр тарҕаһарбыт. Миигин М.Е.Романованы кытта атастаһыннаран Бор оскуолатыгар ыытарга районо сэбиэдиссээ С.Л.Чириков бирикээс таһаарбыт. Тоҕо Борго ыытарын миэхэ быһааран биэрдэ. Мин онуоха аккаастанан көрдүм да, ол миигин истиэ баара дуо, бараҕын да бүтэр диэн буолла. Мин маҥнай анаммыт Өрт оскуолатыттан барыахпын баҕарбатаҕым. Онно миэхэ аҕалыы, эдьиийдии сыһыаннаһар ыаллар бааллара: Тарасовтар, Павловтар уонна холкуос комсомольскай тэрилтэтин сэкирэтээрэ Агаша Пахомова. Эмиэ ыҥыыр атынан айаннаан Борго кэллим. Мытаах нэһилиэгэ оройуон кииниттэн Солоҕоннооҕор 3 көһүнэн чугас.
1929 с. оччотооҕуга Арҕаа Хаҥалас Мытаах нэһилиэгин киинигэр, билиҥҥитэ Горнай оройуонун сиригэр, биир бастакы оскуола аһыллыбыт. Ол кэмҥэ сөптөөх дьиэ суох буолан, оскуола Федот Филиппов дьиэтигэр үлэлээбит. Маҥнайгы учууталынан М.К.Федоров үлэлээбит. Бастаан үөрэммит 12 оҕолор истэригэр Е.Я.Филиппов, С.П.Данилов, С.Я.Тимофеев, Павлов, Е.Х.Филиппова о.д.а. бааллар эбит. Ити сыл Софрон кыра буолан, оскуолаҕа киирбэтэх. 1931 с. Мытаах нэһилиэгин Сэбиэтин бэрэссэдээтэлин дьаһалынан Айан Үрэхтэн, Харыйалаахтан баай Степановтар үс улахан дьиэлэрин көһөрөн аҕалан туруорбуттара. Ол сыл оҕолор 2 дьиэнэн үөрэммиттэр. Аҕыйах ыаллаах Бор алааһын илин өттүгэр киэҥ түннүктээх мас оскуола, ол таһыгар оскуолатааҕар кыра, учууталлар олорор 2 дьиэлэрэ баара. Бор алааһын маһа уһуннара, бөдөҥнөрө – киһи сөҕүөн курдуга. Тииттэр, харыйалар, бэстэр, онтон уулаах көлүйэ, алааһы тула хатыҥнар, талахтар үүнэн тураллара. Ордук саас олус кэрэ буолара. Бу алааһы тула олорор саха ыаллара мин эдэр (оҕо сааспар) улахан өйдөбүлү хаалларбыттара. Оскуола остуораһа Дайыыла диэн оччоҕо 50 саастаах, элбэх кэпсээннээх аҕамсыйбыт киһи кэргэттэринээн, учууталлар уопсайдарыгар 3 учууталы кытта бииргэ олороллоро. Кини үлэтин бүтэрдэҕинэ, киэһэ, киһи олус сөҕөр кэпсээннээх буолара. Мин үксүгэр кинилэри кытта бииргэ аһыыр буоларым. Биирдэ, биһиги уруок кэнниттэн аһыы олордохпутуна эмискэ хара бараан, кыараҕас харахтаах орто уҥуохтаах сытыы, саас ортолоох киһи көтөн түспүтэ, туох эрэ сүгэни, эрбиини туппут (ханна эрэ тугу эрэ уһаммыт быһыылааҕа). Дорооболоһон баран, Дайыылалыын наадаларын кэпсэттилэр уонна ыйытта: “Хантан кэлбит оҕонуй?” – диэн. Онуоха остуорас Дайыыла кэргэнэ Маарыйа: “Бэйэтиттэн ыйыт”, – диэтэ. Таһыттан киирбит билбэт киһим, мин таспар олорон баран, миигиттэн саха үгэһинэн ыйыталаста, ханна үөрэммитим, хайа оройуонтан кэлбитим туһунан, төрөппүттэриҥ бааллар дуо” диэн. Киниэхэ этэн истим, арай кини икки уолун билэр буоллум: Сэмэни, Софрону. Сэмэни кытта биир кууруска, атын атын группаҕа үөрэммитим. Педрабфакка. Онтон Софрон 1 кууруска үөрэммитэ. Онуоха: “Мин оҕолорбун билэр эбиккин. Мин ити уолаттар аҕалара Петр Яковлевич Даниловпын. Дьонум ааттыылларынан Бүөтүс диэммин”, – диэтэ. “Биһиги бу алаас хоту тыатын саҕатыгар олоробут, биһиэхэ бара сылдьар буол, биһиги киһини атыҥыраабат дьоммут. Мин эмээхсиним ыалдьыт сылдьарын, хоноһо хонорун олус сөбүлүүр”. Дайыылаттан туох эрэ наадатын ылан барда. Оскуола таһыгар кулууп да, маҕаһыын да суох. Оскуолаттан 15-20 биэрэстэлээх Дьиикимдэҕэ маҕаһыын баарыгар учууталлар сыарҕалаах атынан баран бурдуктарын, чэйдэрин, саахардарын, онтон да атыны атыылаһар буолаллара. Мин элбэх ыаллаах, кэлиилээх-барыылаах, өссө борокуот кэлэн ааһар дэриэбинэтигэр төрөөбүт-үөскээбит, үөрэммит буоламмын, бу алааска тэһийбэт курдукпун.
Биирдэ үлэм (уруогум) кэнниттэн хайдах эрэ били миигин ыҥырбыт Бүөтүстээххэ бара сылдьыахпын баҕардым. Бор алааһын хоту тыатын саҕатыгар, алаас саамай көстүүлээх кырдалыгар турар үрүк ыстаабыннаах, тимир кырааскалаах кырыыһалаах нуучча дьиэтигэр тиийдим, дьиэ иһигэр киирдим. Ыскаап, остуол, чуорааннаах сэппэрээтэр, долбуурга араас туос иһиттэр, кытыйалар, миискэлэр… Таһыттан киирбит киһи көрөрүгэр таҥастара, оронноро, муосталара ырааһа, үчүгэйэ бэрт. Бүөтүс эппитин курдук, эмээхсин буолбатах, саас ортолоох киэҥ харахтаах, олус ис киирбэх дьахтар массыынаҕа иистэнэ олороро.
– Эн учуутал оҕоҕун дуо? Бүөтүс кэпсээбитэ, мин оҕолорбун билэр үһүгүн, – диэн эйэҕэс баҕайытык кэпсэтэн барда. – Билэлээх саары этэрбэһи кэтэр эбиккин дуу? – диэтэ, онуоха мин: “Саппыкыга атахпын быһа оҕустардым, сороҕор этэрбэһи кэтэбин”, – диэтим. Маарыйа Яковлевна аҕыйах саҥалаах буолан баран, сөбүлүүр дьонугар олус аламаҕайдык, эйэҕэстик сыһыаннаһара. Ити кэпсэтэ олордохпутуна, Сэмэн кинигэ тутуурдаах киирэн кэллэ. Сэмэн ити кэмҥэ пединститукка үөрэнэр этэ, куруук ааҕа-суруйа сылдьара. Софрон үөрэҕэр куоракка барбыт. Сэмэн сотору куоракка барабын диэбитэ.
Маарыйа иистэнньэҥ, асчыт, саталлаах туттуулаах, Бүөтүс уус идэлээх, сырыыны-айаны кыайар. Бэйэлэрин кыанан быр-бааччы олорор дьон-сэргэ ытыктыыр, убаастыыр ыаллара этилэр. Кинилэр кэпсиир буолаллара, оҕолоро кыра эрдэхтэринэ, уолаттарын тиэйэн Алдаҥҥа үлэлии сылдьыбыттарын. Ийэтэ Сэмэни аҕатын курдук, оттон: “Оҕом Софрон миэхэ маарынныыр буолбат дуо? Уол оҕо ийэтин курдук буоллаҕына – дьоллоох буолар дииллэрэ”, – диир этэ. Маарыйалаах Бүөтүс үлэ-хамнас киһини киһи оҥорорун, бэйэлэринэн холобур буолан көрдөрөн, оҕолорун киэҥ суолга айар талааҥҥа уһуйбуттара саарбаҕа суох. Бүөтүс үөрэҕэ да суох буоллар, “оннук” буоллаҕа диэн санаатын холкутук этэр эбит этэ.
1941 с. Аҕа дойду Улуу сэриитэ саҕаламмыта. Мин сэриини педучилищеҕа кэтэхтэн үөрэнэн, методикалары туттара сылдьаммын көрсүбүтүм. Сэрии саҕаланаатын кытта бэс ыйын 22 күнүгэр училищеҕа миитин буолбута, кэтэхтэн үөрэнэр уолаттар бары сэриигэ барабыт диэн санааларын биллэрбиттэрэ. Оттон дьахтар, кыыс учууталлар үлэлиир сирдэригэр төннөллөр диэбиттэрэ. Ылаллара буоллар, биһиги да Аҕа дойдуну көмүскүү барыах быһыылаах этибит. Мин эмиэ Бор оскуолатыгар төннүбүтүм. Учуутал уолаттарбыт С.П.Сивцев, Г.Г.Нынныров, Г.И.Попов, М.Д.Дорофев аармыйаҕа барбыт этилэр, биһиги 3 кыыс учуутал хаалан 7 кылааһы үөрэтэр буолбуппут: I сменаҕа начаалынайдары, II сменаҕа үрдүкү кылаастары. Арыый да үөрэхтээхтэрэ мин быһыылааҕым. Е.Пахомова (8 кылааһы бүтэрбит), Д.Кириллина педучилищеҕа кэтэхтэн үөрэнэллэрэ. Уруок кэнниттэн холкуоска көмөлөһө барарбыт. Хараҥа буолуор диэри үлэлиирбит. Алтынньы ый ортотун диэки 2 учуутал кэлбитэ: В.Н.Пахомов, Дорофеев (хараҕынан босхоломмут).
Солото суох буолан, Бүөтүстээххэ аҕыйахтык сылдьар буолбутум. Маарыйа бэйэтэ үүт-сүөгэй, эт аҕалара. Сэрии буолаатын кытта учууталларга 7 кг бурдугу биэрбиттэрэ. Биир ыйга ити бурдук хааһы эрэ буолара. Эти, отону, суораты сиирбит, ону да баар буоллаҕына. Маарыйа Яковлевна минньигэс сүөгэйин, суоратын “кэһиим” диэн биэрэрин хаһан да умнубаппын. Үөрэппит оҕолорбуттан Вася Филипповы өйдүүбүн, миигиттэн хааһы бурдугу ылаары, 2 кыра бырааттарын батыһыннаран, күлэй ымайан турарын. Мин Васяҕа “нормабын ыллахпына хааһы бурдугун биэриэм, кэлэн ылаар” диирим. Вася убайа Д.Ф.Филиппов биһигини рабфакка математикаҕа үөрэппитэ (Сталинскай стипендиат). Талаан ийэттэн аҕаттан эккэ-хааҥҥа иҥэн үөскүүр быһыылаах, Д.Ф.Филиппов аҕата, мир Борго учууталлыырбар көрбөт буолан олороро. Мин кинилэргэ эмиэ үгүстүк сылдьарым. Бортон оройуоннааҕы комсомол комитетын иккис сэкирэтээринэн уонна учуот сэбиэдиссэйинэн талыллан барбытым.
Бу кылгас ис хоһоонноох ахтыыга, Саха норуодунай суруйааччыта Амма Аччыгыйа “Ахтыы” диэн “Тус бэйэ хайдах көрбүтүн-билбитин чуолкайдык туоһулаан көрдөрүү буолар” диэн хаһан эрэ эппит кынаттаах тылларынан түмүктүүбүн.
Владимир Парфенов, суруналыыс, кыраайы чинчийээччи.