Улууспутугар 2002 с. ахсынньы 29 күнүгэр ыытыллыбыт быыбар түмүгүнэн, олохтоох бэйэни салайыныы бэрэстэбиитэллээх уорганын быһыытынан бигэргэммитэ 20 сылын бэлиэтиир.
Үөрүүлээх тэрээһин чэрчитинэн араас сылларга үлэлээбит бэрэстэбиитэллээх уорган дьокутааттара, бэрэссэдээтэллэрэ “Үлэ күүһэ” пресс-киинигэр кэлэн, суруналыыстары кытта көрүстүлэр.
Алквиад Тарасов, СӨ Үөһээ Бүлүү – Горнай быыбардыыр уокуругун народнай депутата:
– Бэрэстэбиитэллээх уорган – олохтоох бэйэни салайыныы биир тутаах уоргана буолар. Бэрэстэбиитэллээх уорганнар 2002 с. диэри бааллара. 1993 с. РФ конституцията уларыйар. Онно олоҕуран, 1995 с. олохтоох бэйэни салайыныы уорганын олохтууллар. Судаарыстыбаннай былаас уорганын иһигэр киирэллэр. Бу сыл, I созывка, улуус баһылыга, бэрэстэбиитэллээх уорганнар депутаттара талыллаллар.
Ол курдук, 1995 с. Петр Иннокентьевич Васильев улуус баһылыгынан, ону тэҥэ бэрэстэбиитэллээх уорган салайааччытынан үлэтин саҕалыыр. Биэс сылынан, 2000 с. быыбардар буолаллар. Эмиэ судаарыстыбаннай уорган иһинэн баһылыгы уонна депутаттары талыы ыытыллар. Кинилэр икки сыл таһаарыылаахтык үлэлииллэр. Иккис быһаарыылаах сэбиэккэ, аан бастаан депутаттар истэриттэн бэрэссэдээтэлинэн, Кировскай нэһилиэгиттэн Валентина Аргуноваҕа куоластыыллар. 2002 с. олохтоох референдумнар буолбуттара. Референдум диэн норуот бэйэтин бэйэтэ быһаарынар, тус сүрүннүүр соругун ылыныыта.
Референдумҥа олоҕуран 2002 с. ахсынньы 29 күнүгэр аан бастакы муниципальнай быыбардар бараллар. Урукку өттүгэр быыбардар барыта өрөспүүбүлүкэ уонна федеральнай сокуоннарга олоҕуран ыытыллар эбит буоллахтарына, кэнники олохтоох дьон бэйэлэрэ ылыммыт устааптарыгар олоҕурар буолбута.
Бастакы баһылыгынан Николай Иванович Андреев уонна уокуруктарынан бастакы 17 депутат талыллар. Бу уорганнар 2003 с. үлэлэрин саҕалыыллар. Бастакы бэрэстэбиитэллээх уорганы улуус баһылыга салайар. Онтон 2005 с. сокуоҥҥа уларыйыылар киирэннэр депутаттар бэйэлэрин истэриттэн бэрэссэдээтэли талаллар. Олохтоох салайыныы бэрэстэбиитэллээх уорганын бэрэссэдээтэлинэн, Айал Васильевич Ноговицын саҕалыыр.
Бастакы олохтоох бэйэни салайыыны быһыытынан үлэлииригэр анаммыт сүрүн докумуоннар ылыныллаллар. Төрдүс ыҥырыылаах сэбиэккэ бэрэссэдээтэлинэн Юрий Степанович Пахомов талыллар. Бэйэни салайыныы үлэтэ дириҥээн, докумуоннарга эрэ олоҕурбакка, дьон олоҕо-дьаһаҕа, үлэтэ-хамнаһа хайдах барыахтааҕар, бастакы быһаарыылаах акталар оҥоһуллаллар.
2010 с. улуус дьаһалтатыгар депутаттар бигэргэппит балаһыанньалара киирэн бараллар. Ыҥырыылаах 5 сэбиэккэ мин бэрэссэдээтэллиир кэммэр, сүрүн сорук улуус бүддьүөтүн үбэ-харчыта хонтуруолланарыгар үлэ саҕаламмыта.
Нэһилиэнньэттэн киирбит быһаарыылары реестрдаан, акталары сааһылааһын, улуустан этиилэри өрөспүүбүлүкэ сокуонугар киллэриигэ үлэ былааннаахтык ыытыллыбыта. Улууспут бары нэһилиэктэригэр арыгы атыытын бобуутугар ыҥырыы тахсыбыта. Арыгы маҕаһыыннарын оҕо, чэбдигирдэр тэрилтэлэртэн 600 м тэйитиигэ быһаарыы ылыныллыбыта. Бүгүҥҥү күҥҥэ быһаарыыбыт үлэлии турар уонна кэлэр өттүгэр Бэрдьигэстээххэ аһыы утаҕы атыылыыр маҕаһыыннар аһыллалларын хааччахтыыр. Улууспут атын 8 нэһилиэктэригэр баһылыктары, нэһилиэк депутаттары кытта ыкса үлэлэһии түмүгэр арыгы атыыланара СӨ сокуонунан букатын-
наахтык бобуллубута. Хомойуох иһин, арыгы атыылыырга эрдэ көҥүл ылбыт маҕаһыыннарга Федеральнай сокуонунан хааччахтааһын дьайбат. Ону сэргэ, административнай сокуон оҥоруутугар үлэ барбыта. Ол иһигэр икки сокуон бырайыага киирбитэ. Биһиги депутаттарбыт этиилэринэн өрөспүүбүлүкэ сокуоннарыгар көннөрүүлэр оҥоһуллубуттара. Ол курдук, биир үлэлии турар сокуоммут улуус административнай кииннэрэ нэһилиэнньэни транспорынан хааччыйалларын ситиһии буолбута. Бу барыта улууспутугар олохтоох бэйэни салайыныы сөптөөхтүк, туһааннаахтык үлэлииригэр соруктанар. Саҥа хамсааһыннары төрүттээбит, историческай бэлиэ күнүнэн, норуот итэҕэлин ылбыт олохтоох бэйэни салайыныы, эбэтэр судаарыстыба бастакы сүһүөҕүн депутаттара буоларгыт быһыытынан, үлэҕит таһаарыылаах, көдьүүстээх, ситиһиилээх буоларыгар баҕарабын.
Маргарита Константинова, улуус депутаттарын Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ:
– «Горнай улууһа» муниципальнай оройуон бэрэстэбиитэллээх уоргана ылыммыт нормативнай хайысхалаах быһаарыылара» түмүллүбүт иккис хомуурунньуга бэчээттэннэ. Хомуурунньугу V, VI ыҥырыылаах мунньах улуус депутаттарын Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Алквиад Тарасов улуус архыыбын кытта ыкса үлэлэһэн, хомуйан оҥордулар. Ханнык быһаарыылар, хас сыллаахха ылыллыбыттара барыта кинигэҕэ суруллар. Ону тэҥэ тутуу норматива, сири туһаныы быраабылатын QR-кодунан киллэрдибит. Бу хомуурунньук тэрилтэ салайааччыларыгар, депутаттарга туһуланар.
Быйыл күһүн муниципальнай быыбарга 19 депутат талыллан, номнуо үлэтин саҕалаата. Төрдүс төгүлүн депутатынан талыллыбыттар кытта бааллар. Оннук уопуттаах депутаттардаахпытынан киэн туттабыт. Бастакы сессияҕа улуус мунньаҕын сэбиэтин бэрэссэдээтэлинэн Маргарита Константинова уонна солбуйааччытынан Петр Андреев талыллыбыттара. Иккис сессияҕа бастайааннай хамыыһыйалары оҥордубут.
VI ыҥырыылаах сэбиэккэ социальнай политикаҕа, промышленнай политикаҕа, тыа хаһаайыстыбатыгар, урбааҥҥа уонна туризмҥа обществоннаһы кытта сибээскэ, СМИ, регламеҥҥа, бүддьүөккэ, экономическай политикаҕа анал хамыыһыйалар бааллара. Билигин сэттэ хамыыһыйа баар буолла. Дойду үрдүнэн уустук балаһыанньанан сибээстээн, байыаннайдарга, кинилэр дьиэ кэргэттэригэр көмөлөһөр сыаллаах анал хамыыһыйаны тэрийдибит.
Хамыыһыйа 3-7 депутаттан турар. Иккис сессияҕа «Сардаана» оҕону сайыннарар кииҥҥэ РФ үөрэҕириитин туйгуна, СӨ үөрэҕириитин үтүөлээх үлэһитэ Христина Кононовна Татаринова аатын иҥэриини депутаттар өйөөтүлэр.
Нэһилиэктэргэ куратордары анаатыбыт. Кини миэстэтигэр тиийэн нэһилиэк депутааттарын, олохтоохтору кытта көрсүһэр, бииргэ үлэлэһэр. Одунуга нэһилиэк депутаттарын кытта көрүстүбүт. Одуну нэһилиэгин кураторынан Владимир Степанович Скрыбыкин буолар.
Биһиги сүрүн үлэбит муниципальнай бырагыраамалары көрөбүт, улуус бүддьүөтүн ылыныытын бигэргэтэбит.
Айал Ноговицын, улуус мунньаҕын Сэбиэтин бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбит:
–Биһиги бастаан саҕалыырбытыгар улуус мунньаҕын Сэбиэтин бэрэссэдээтэлинэн баһылыктар буолуохтарын сөп этэ. Ол иһин ол кэмҥэ баһылыктыы олорор Николай Андреев, солбуйааччытынан Петр Васильев үлэлээбиттэрэ. Онтон баһылык бэрэссэдээтэллиирэ сокуонунан көҥүллэммэт буолбута. Онон депутааттыы сылдьан, куоластааһын түмүгүнэн бэрэссэдээтэлинэн талыллыбытым уонна үлэбин саҕалаабытым.
Уруккуну-хойуккуну ахтан санаатахха, ол саҕана бары да эдэр этибит, мин арааһа өрөспүүбүлүкэҕэ саамай эдэр бэрэссэдээтэл буолуом. Юрист, экономист идэлээх буолан, сурукка-бичиккэ, үлэбэр наһаа ыарахаттары көрсүбэтэҕим. Үлэбитин 17 буолан саҕалабыппыт, ол саҕана партийнай список суох этэ, нэһилиэктэринэн 8, Бэрдьигэстээх уокуруктарыгар 9 депутат үлэлээбитэ. Биһиги үлэлиир кэммитигэр 500-тэн тахса уураах (нормативно-правовой документ) ылыллыбыта. Ол барыта хомуурунньукка киирбитэ. Кэлин көннөрүллэн күн бүгүнүгэр диэри үлэлии сылдьар уураахтар бааллар.
Олох уларыйан иһэринэн сокуон, ирдэбил эмиэ уларыйар. Ол эрэн билигин үлэлиир уураахтар олохтоох салайыныы фундамена, саҕалааһына III созывка оҥоһуллубута. Онон фундамент олохтообут эбиппит диэн билигин кэлэн астына, киэн тутта саныыгын. Улууспут кыраныыссата, былааҕа, гимна эмиэ III созывка оҥоһуллубута.
Улууска хас биирдии эйгэни хабар хамыыһыйалар тэриллибиттэрэ. Саҥа киирии буолан үлэлииргэ барыта үчүгэй, сонун этэ, депутаттар да бары олус көхтөөхтөрө.
Юрий Пахомов, улуус мунньаҕын Сэбиэтин бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбит:
– Депутат диэн кимий. Депутат үлэтэ общественнай үлэ буолар. Туох да ордук быраабынан туһаныы суох. Депутат буолар киһи бэйэтэ актыыбынай позициялаах, туспа көрүүлээх-истиилээх. Бу дьон хамнаһа суох, хамыыһыйаны, сессияны, президиуму көтүппэккэ кинилэргэ куолас-таабыт дьон санаатын тириэрдэллэр, ыйытыыларын туруорсаллар. Ону хайаан да таба өйдүөххэ наада.
Урукку кэмҥэ нэһилиэктэртэн талыллан үлэлээбит депутаттарынан Алексей Алексеев, Николай Яковлев, Радомир Яковлев, Дарья Парникованы истиҥник ахтабыт. Кинилэр ол саҕана норуот туһугар күүскэ үлэлэспиттэрэ, элбэҕи туруорсан ситиспиттэрэ. Дарья Яковлевна бэйэтин санаатын, позициятын аһаҕастык этэр депутат этэ. Ол да иһин кэлин нэһилиэк баһылыгынан талыллан, өр кэмҥэ ситиһиилээхтик үлэлээбитэ.
Мин баһылыгынан Петр Алексеев үлэлиир кэмигэр бэрэссэдээтэллээбитим. Хас созыв аайы, 5 сыл тухары туох эмит туһалааҕы оҥорон хаалларар соруктаах үлэлээбиппит.
2011 с. элбэх кэпсэтии түмүгүнэн улуус Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн хамнастанарын, туспа юридическай сирэй быһыытынан үлэлиирин туруорсубуппут улахан ситиһии буолар. Бэрэссэдээтэл хамнаһа инники улуустан үбүлэнэрэ. Ону таһынан, хонтуруоллуур-суоттуур уорган тэриллэригэр олук уурбуппут. Ити уорган үлэтэ билигин күүстээх уонна улуус Сэбиэтин үлэтигэр наадалаах буолар.
Онон улуус Сэбиэтин үлэтэ сайдар, сылтан сыл күүһүрэн иһэр. Кэлиҥҥи кэмҥэ өссө күүһүрэн, улахан таһымҥа таҕыста. Тэрилтэ салайааччыларын үлэлэрин истии кэлин өссө күүһүрдэ, бырагыраамалар отчуоттара улуус Сэбиэтин нөҥүө буолар буоллулар. Ити улахан кыайыы.
Улуус Сэбиэтин үлэтэ урут даҕаны, билигин даҕаны Ил Түмэни кытта ыкса үлэлииртэн улахан тутулуктаах.
Бу курдук бэйэбит талбыт депутаттарбыт дьон-сэргэ олоҕо тупсарыгар, улууспут сайдарыгар сүрүн үлэлэриттэн быыс булан, норуот туһугар үлэлии-хамсыы сылдьаллар. Ону өйдүөх, сыаналыах, махтаныах тустаахпыт. Олохтоох бэйэни салайыныы бэрэстэбиитэллээх уоргана – кинилэр норуот бэрэстэбиитэллэрэ, норуот суобаһа буолаллар. Кинилэри норуот талар!
«Үлэ күүһэ»