Кировскайдар арыы сыаҕын туруорсабыт

Кировскай нэhилиэгэр быйыл үүт былаана 445 тн. турбута. Алтынньы түмүгүнэн 423 тн туттаран олоробут, былаан 95% туолан иһэр. Билигин даҕаны 400-450 кг аҥардас нэhилиэктэн күн аайы тутулла турар.

Биhиги нэhилиэкпит Бэрдьигэстээхтэн чугас буолан үүтү миэстэтигэр тутар эрэ пууннаахпыт, барыта Бэрдьигэстээххэ киирэн астанар. Онон Бэрдьигэстээх нэhилиэгин үүт аhынан хаачыйан олоробут диэтэхпитинэ сыыспаппыт буолуо.

Ол эрээри үүт тутааhыныгар кэлиитигэр-барыытыгар, ордук сайынын үүт тутуллубат түгэннэрэ тахсаллар. Ол сүрүн биричиинэтинэн уот барара, молоковоз алдьанара, о.д.а. буолар. Ол түмүгэр хаhаайыстыбалар саамай үүт тыҥаан турар кэмигэр үүттэрэ тутуллубакка хаалар. Онон хаһаайыстыбаҕа, үүт былааныгар да бу охсуулаах буолар. Аны үүппүт Бэрдьигэстээххэ астанар буолан, бөлөнөх кыайан ылбаппыт. Ол суотугар хаһаайыстыбалар ньирэйдэригэр бороһуок үүтү атыылаһарга күһэллэллэр. Онтубут сыл аайы ханна да буоларын курдук, сыаната ыарыы турар. Быйыл сайын ол  үүппүт олох да өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн кэлбэтэ.
Онон хаһаайыстыбалар хойукка диэри ньирэйдэргэ ыам үүтү, ким чалыр ууннан аһата турда. Бу эмиэ хаһаайыстыбаҕа үүттэн дохуоттанарыгар охсуулаах буолара саарбахтаммат.

Манан сиэттэрэн биhиги арыы сыаҕа тутулларын туруорсабыт.

Ол кыаллыбат буоллаҕына, ыам үүтү сайын биир да күн өрөөбөккө тутууну уонна бөлөнөх үүт кэлэрин ирдэhэбит.

Бөлөнөх үүт кэллэҕинэ дьон сибиинньэ да ииттиэ этэ, хаһаайыстыбалар бороһуок үүттэн аккаастанан, ньирэйгэ бөлөнөх иһэрдиэ этилэр.

Мин саныырбынан, биhиги сүрүн сыалбыт хаhаайыстыбалар: «Бу дохуоттаах салаа эбит!» — диэн сананалларыгар күүскэ үлэлэhиэхтээхпит.

Станислав Андреев, Кировскай нэһилиэгэ.