Кыайыыларын өрөспүүбүлүкэ күнүгэр аныыллар

Өрөспүүбүлүкэ күнүн көрсө мөлтөхтүк көрөр дьон уопсастыбатын, физическэй култуураны уонна маассабай спорду сайыннарар киин көҕүлээһиннэринэн «голбол» көрүҥэр улуустааҕы күрэхтэһии буолла.

Эр дьоҥҥо уонна кэрэ аҥаардарга үстүү хамаанда кытынна. Нэһилиэктэртэн Бэрдьигэстээх уонна Одуну  утарыта көрүстэ. Кыттааччылар төһө да аҕыйах буоллаллар, спортсменнар бэрт сытыы киирсиини көрдөрдүлэр.

Түмүккэ, эр дьоҥҥо I миэстэни «Мохсоҕол», II «Чыпчаал», III «Бэрдьигэс» ыллылар. Кэрэ аҥаардарга I миэстэҕэ «Кырсаада», II «Одуну», III «Маҕарас» таҕыстылар.

Вячеслав Алексеев