Бүгүн улууспутугар историческай күн буолар. Ол курдук «Сахатранснефтегаз» Горнайдааҕы учаастагын саҥа дьиэтэ дьэндэйдэ.
Үлэни «СК Томтор» ХЭТ ыытта. Саҥа объект СӨ инвестиционнай бырагырааматын, «Сахатранснефтегаз» АУо былаанын чэрчитинэн тутулунна.
Тэрээһиҥҥэ улуус баһылыга Никита Андреев, «Сахатранснефтегаз» АУо генеральнай дириэктэрэ Алексей Колодезников, нэһилиэк баһылыга Алексей Аргунов кытыннылар.
Улууспутугар күөх төлөн тэтимнээхтик ыытылларыгар гаас үлэһиттэрэ төһүү күүс буолалларыгар эрэнэбит. Күөх төлөн уота -сайдыы, саҥа олох кэскилэ буолар.