Одуну олохтооҕо Айталина Колодезникова оҕуруот, дьиэтээҕи, сайыҥҥы сибэкки арассаадатын олордуунан, үүннэриитинэн дьарыгырбыта бастакы эрэ сыла буолбатах. Улууһун, нэһилиэгин дьонун битэмииннээх аһынан хааччыйар. Олордор сиэмэлэрин соҕуруу дойдуттан төрөппүт кыыһа ыытан көмөтө улахан. Доруобай арассааданы ылыыга сүрүн болҕомтотун уурар. Ол курдук, от ыйыттан оҕурсу, кабачок, помидор уо.д.а күөх үүнээйилэр хамаҕатык атыыга бараллар, дьон-сэргэ махталын ылар. Сыл тухары бүөбэйдэммит кэрэ көстүүлээх тюльпаннара, лилиялара, розалара уод.а сибэккилэрэ Саҥа дьыл бырааһынньыгын кэнниттэн, сибэккилээн хараҕы сылаанньыталлар.
Бу сайын бэйэ дьыалатынан дьарыктанар (“самозанятай”) дьону өйүүр бырайыакка кииристэ. Сайыҥҥы ыйдарга улууспутугар киэҥ биһирэбили ылан эрэр “Мин маҥнайгы хамнаһым” диэн пилотнай бырайыак чэрчитинэн, элбэх оҕолоох уонна СВО-ҕа сылдьар дьиэ кэргэнтэн түөрт оҕону хааччыйда. Ол курдук, оҕолор күөх үүнээйини көрүүгэ-истиигэ, харайыыга үлэлииллэр. Сиппит бородууксуйаны атыыга таһаараллар. Маны таһынан, бэйэлэрин илиилэринэн сибэкки иһиттэрин оҥорорго үөрэнэллэр. Күҥҥэ 4 чаас астына үлэлииллэр, ыйга 20-тэн тахса тыһыынча хамнастаналлар. Айталина Колодезникова бэйэ дьыалатын сайыннарар, дьоҥҥо-сэргэҕэ билиһиннэрэр туһуттан бары кыһамньытын уурар.
Саха төрүт оонньуутун көҕүлүүр, өрө тутар дьахталларга мас тардыһыыга сахалартан бастакы Россия спордун маастара Айталина Колодезникова төрөппүттэриттэн, улааппыт тиэргэниттэн иҥэриммит сөбүлүүр дьарыгын сайыннарар, тэнитэр былааннаах. Бэйэ дьарыктаах буолуута эргиччи туһалааҕын, билэ-көрө суоттуу үөрэнэллэригэр оҕолору такайыыга, табыгастаах хамсааһыннар сайда турдуннар.
Нина Сутакова