Улууспутугар тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыы бырагырааматынан үбүлэнэн, бүгүн өссө биир саҥа арыы сыаҕа арылынна. Ол курдук, Күөрэлээххэ саҥа объегы арыйар үөрүүлээх күн тосхойдо. Бу тэрээһиҥҥэ улуус баһылыгын солбуйаччы Күннэй Тарасова, тыа хаһаайыстыбатын управлениетын начаалынньыга Роман Филиппов, «Горнай-Ас» ТХППК салайааччыта Николай Ефремов кытыннылар.
Октябрьскай нэһилиэгин баһылыга Алексей Петров тутуу ыытылларыгар көмөлөспүт, өйөөбүт дьоҥҥо махталын биллэрдэ.
Күөрэлээххэ тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыыга киэҥ хабааннаах үлэ баран эрэрин киһи сэргии истэр. Быйыл 50 ынах сүөһү турар хотон көҥдөйүн тутан тураллар. Аны күһүн үлэҕэ киллэрэргэ былаанныыр.
Бу кэмҥэ нэһилиэккэ 570 ынах сүөһү ахсаана баар. 227 ыанньык. Барыта 25 хаһаайыстыба үүт туттарар. Сыл ахсын былааннарын үрдэтэн, мэлдьи толороллор.
Урукку арыы сыаҕа 1961 с. тутуллубут. Туруу үлэһит дьон үтүө суобастаах, хаачыстыбалаах үлэлэрин түмүгэр күн бүгүҥҥэ диэри туһалаан, араас үрүҥ ас бородууксуйатын оҥорон, дьону-сэргэни үөрдэн кэллэҕэ.
Саҥа сыах сэлиэнньэ киинигэр дьэндэйдэ. Олохтоох үүт туттарааччыларга олус табыгастаах, толору хааччыллыылаах. Онон үлэ тахсыылаах буоларыгар бары усулуобуйа тэриллибитин сыах маастара Анна Иванова астына бэлиэтээтэ.
Улууспутугар тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыытыгар көхтөөх үлэ баран, хороҕор муостаах, сыспай сиэллээх эбиллэ, үрүҥ илгэ үксүү турарыгар баҕа санаалаахпыт.
Вячеслав Алексеев,
Ааптар хаартыскаҕа түһэриилэрэ.