Күөрэлээхтэр сайдыы суолун туталлар

Күөрэлээхтэр сайдыы суолун туталлар

Сайыҥҥы үтүө күннэри баттаһа, үгүс нэһилиэктэргэ тупсаран оҥоруу хайысхатыгар көхтөөх үлэ ыытыллар. Күөрэлээххэ “Хаарбах туруктаах дьиэлэртэн” көһөрүү бырагырааманан олохтоох урбаанньыт Александр Соколов ылсан, эргэ дьиэлэри көтүрэн, тиэйэн бүтэрэн эрэр. Сэлиэнньэҕэ киирии киин уулуссаны Күөрэлээх ыччата, урбаанньыт Александр Яковлев суолу тэҥнээн, кумах, щебенка кутан, саҥардыы үлэтин түбүгэр сылдьар.

Тыа хаһаайыстыбатын сайыннарар туһуттан олохтоох салалта 50 ынах сүөһү турар хотонун тутуутугар күүскэ ылсыбыта хайҕаллаах. Бу кэмҥэ былааннаммыт объект матырыйаалын аҕалыы үлэтэ бара турар. Хаачыстыбалаах үрүҥ ас бородууксуйатын таһаарарга саҥа арыы сыаҕын тутуута тиһигин ситэн эрэр. 

Уу олох төрдө диэн мээнэҕэ эппэттэр. Күөрэлээххэ ити  боппуруос турбута ыраатта. Быйыл хамсааһын барыах курдук буолла. Аҕыйах хонуктааҕыта “Гидросфера” тэрилтэтин үлэһиттэрэ сэлиэнньэттэн үс биэрэстэ тэйиччи баар Кыаллаах күөлүгэр тутуллуохтаах станция сирин-уотун үөрэтэн бардылар.

Күөрэлээх көхтөөх дьоно нэһилиэктэрин сайдыытыгар туора турбакка, биир санаанан үлэлииллэрин киһи үөрэ истэр.

Вячеслав Алексеев

@silatrudagorny