Бүгүн Бэрдьигэстээххэ Тыва көҥүл тустууга сүүмэрдэммит хамаандатын кылаабынай тренерэ Менги Мортуй-Оол Горнай сиригэр-уотугар үктэннэ. Ыҥырыылаах ыалдьыты доҕотторо СГУ уонна 5 №-дээх ДЮСШ тренердэрэ, бэйэбит уолаттарбыт Вячеслав Ефремов уонна Александр Прохоров арыаллаан, бэйэлэрин дойдуларын көрдөрдүлэр.
Менги Мортуй-Оолу улуус баһылыга Никита Андреев, “Бэрдьигэстээх нэһилиэгэ” МТ баһылыга, көҥүл тустуу федерациятын салайааччыта Алексей Аргунов, Бэрдьигэстээххэ Олимпийскай эрэллэри бэлэмниир өрөспүүбүлүкэтээҕи спортивнай оскуола дириэктэрэ Осип Михайлов, физическэй култуура уонна маассабай спорт сайыннарыы киинин дириэктэрин э.т. Вячеслав Васильев, спорт сайдыытыгар үгүс үлэни ыытар Марк Парфенов көрүстүлэр. Улууска спорт, чуолаан көҥүл тустуу сайдыытыгар туох үлэ ыытылларын кэпсээтилэр. Ыалдьыппыт бэйэтин өттүттэн дойдутун кэрэ сирдэрин, киэн туттар дьонун туһунан бэркэ иэйэн-куойан туран сырдатта.
Кэнники кэмҥэ улахан таһымнаах күрэхтэһиилэргэ чаҕылхай көрөдөрүүлээх Тыва бөҕөстөрүн салайааччыта Менги Мортуй-Оол биһиги улууспутугар ыалдьыттыан баҕарбыта ырааппытын этэр. Александр Прохоровтыын эдэрдэргэ араас сүүмэрдиир дьарыкка сылдьан, бэркэ бодоруһан доҕордоспуттарын бэлиэтиир. Мэлдьи ыҥырарын кэпсиир. Бу баҕа санаата туолбутуттан астынар.
“Маннык таһымҥа көрсүөхтэрэ диэн эрэммэтэҕим даҕаны. Соһуйдум, долгуйдум. Улууска спорт сайдыытыгар улахан болҕомто уурулларын бэлиэтээтим. Маладьыастар. Убайдыы-быраат Герман, Алекандр Контоевтар горнайдар эбит дии. Осип Михайлов хапсыһыытын бэркэ кэтээн көрөөччүүбүт. Бэйэм тустарбар, кини албастарын туһанан элбэх ситиһиилэммитим,” – диэн Менги Мортуй-Оол бэлиэтиир.
Түмүккэ, Бэрдьигэстээххэ Олимпийскай эрэллэри бэлэмниир өрөспүүбүлүкэтээҕи спортивнай оскуола иитиллээччилэригэр тустуу албастарын, тренердэргэ туһалаах сүбэни-аманы биэрдэ. Ситиһиилэри баҕарда.
Вячеслав Алексеев