Күлүмэн быйыл наһаалаата!

Инники кэпсээбиппит курдук биир күлүмэн ыстыыра 70 кумаарга тэҥнэһэр. Дьиэ кыылларын, сүөһүлэри олус эрэйдиир үөннэр. Ол да иһин сылгыларбыт, ынахтарбыт кинилэртэн көмүскэнээри бөһүөлэктэн арахсыбаттар. Бүгүн интернет ситимиттэн ааҕааччыларбытыгар күлүмэнтэн көмүскэнэр ньымалары сырдатыахпыт. Аныгылыы эттэххэ — туһалаах лайфхактары тускар туһан!

Тиэргэҥҥэ харыстанар сүбэлэр:
⁃Тиэргэҥҥит отун-маһын, талахтарын суох гына сатааҥ. Күлүмэннэр ордук окко саһан төрүүллэр-ууһууллар.
⁃Аһаҕас уулары олус сөбүлүүллэр. Онон бассейн, буочука хаппахтанара ордук.
⁃Куурусса, сибиинньэ уйатын, аһыыр сирдэрин ыраастыы сылдьыҥ. Сыкка-сымарга түргэнник мусталлар.
⁃Туалет, хотон турар сирдэрин эмиэ ыраастыыр ордук.
Күлүмэннэр бэрт сэрэхтээх үөннэр, оспа, туляремин, филяриозе, сибирскай язва ыарыыларын тарҕатыахтарын сөп.

Тугунан эмтиибит? Дихлофос, карбофос, хлорофос, гехсахлоран, метоксихлор курдук средстволар күлүмэннэри уонна личинкаларын суох гыналлар.

 

Ол эрэн, бу киһи доруобуйатыгар кутталлааҕын өйдөөн, тустаах тэрилтэлэри ыҥыран эмтэтэр ордук. Эбэтэр олох сэрэхтээхтик туттаргытыгар сүбэлиибит.

        Лайфхак:

  • Чэпчэки ыйааһыннаах мээчиккэ сыстар скотчу дуу, лиэнтэни дуу эрийдэххитинэ күлүмэннэр онно сыстыахтара. Дьиэҕит, күүлэҕит таһыгар үөһэ баайыҥ.
  • Сахсырҕаҕа аналлаах сыстар лиэнтэлэри күүлэҕит, мансардаҕыт, беседкаҕыт тула сыһыардаххытына эмиэ олус туһалаах.
  • Онтон хаһаайыстыбалаах дьоҥҥо сүөһүлэргитин дегтярнай раствордаах уунан ыстараргытыгар, арыынан соторгутугар сүбэлиибит.

Күлүмэннэр итиигэ, куйааска ордук кэлэллэрин өйдөөн көрбүккүт буолуо. Массыынанан айаннаан истэххинэ чопчу көрбүтүнэн кэлэллэр. Аллараа кыайан көппөт үөннэр.

Куйаар ситимигэр туох суоҕуй? Барытын булаҕын. Бу киһи бэйэтэ оҥорор күлүмэнтэн харыстанар малы эмиэ боруобалаан көрүөххүтүн сөп. Аллараа хаартыскалары көр.

Маны күн уотугар туруордахха олус туһалаах дииллэр. Кылгас сайыммытын үөрэ-көтө, сынньалаҥнык атаарыахха. Бу кылгас сүбэлэри тускутугар туһаныҥ!

Күннэй Алексеева.