Күндэ күөлүгэр уу сардааналара (кувшинкалар) үүнэллэр

Бэҕэһээ араас улуустарга кэрэ бэйэлээх кувшинкалар үүнэллэрин астына көрбүппүт.

Ааҕааччыларбытыттан биһиэхэ маннык ханна үүнэрий диэбиппитигэр Солоҕону уонна Мытаах Сиинэтин эппиттэрэ.

Бүгүн биир подписчикпыт анаан-минээн, Солоҕоҥҥо, Күндэ күөлүгэр баран түһэрэн, хаартыскаларын ыытта. Махтанабыт.