Тапталлаах бырааппыт, убайбыт, доҕорум, аҕам, СӨ култууратын туйгуна, РФ суруналыыстарын Союһун чилиэнэ Лукин Алексей Вячеславович б. дь. балаҕан ыйын 4 күнүгэр 43 сааһыгар ыарахан ыарыыттан соһумардык олохтон барбыта 40 хонуга буолла.
Алексей 1980 с. ахсынньы 18 күнүгэр Екатерина Винокуровна, Вячеслав Петрович Лукиннар дьиэ кэргэттэригэр бастакы уол оҕонон күн сирин көрбүтэ. Биһиэхэ бастакы сиэн буолан үөрдүбүтэ. Кыратыттан сытыы, чобуо саҥалаах, хоһоон-ырыа аргыстаах, куруутун күлэ-мичээрдии, сырдыгынан сыдьаайа сылдьар оҕо буолан, куппутун-сүрбүтүн туппута. Бары таптыырбыт, күммүт-ыйбыт киниттэн тахсара. Ордук эбэтэ Марфа Семеновна олус таптыыра, өрүү батыһыннара сылдьара. Төрөппүттэрин, эбэлэрин, аймахтарын истиҥ тапталларыгар бигэнэн, нарын иэйиилэригэр куустаран улааппыта. Оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан, олус актыыбынай позициялаах, араас тэрээһиннэр кинитэ суох ааспат этилэр. Үгүс спортивнай күрэхтэргэ, култуурунай биэчэрдэргэ, олимпиадаларга, литературнай ааҕыыларга кыттан, бииртэн биир чаҕылхай ситиһиилэр кэлэн иһэллэрэ. Ону таһынан народнай театр иһинэн үлэлиир оҕо театральнай студиятыгар сылдьыбыта, “Бэрдьигэс” телестудияҕа оҕолорго аналлаах биэриилэри ыытара.
Алеша 1998 с. улуустааҕы гимназияны ситиһиилээхтик бүтэрэн, Иркутскайга охотовед идэтигэр үөрэнэ сылдьан, дойдутун, дьонун-сэргэтин ахтан төннөн кэлэн, балыыһаҕа санитарынан үлэлии киирэн, ыарыһахтар махталларын ылбыта. Кини ханна да сырыттар, үлэлээтэр дьоҥҥо үтүө аламаҕай майгытынан, кыһамньытынан, көмөлөһөр баҕатынан, кэпсэтинньигинэн, күлэ-үөрэ мичилийэ сылдьарынан дьоҥҥо сөбүлэтэрэ, дьон кинини таптыыра. Кини хаһан да кыыһырбытын, кимиэхэ эрэ куруубайдаабытын, охсуспутун көрбөтөхпүт. Кини кыра оҕо эрдэҕиттэн быраас буолуон олус баҕарара. Үс төгүл медколледжка туттарсан көрбүтэ да сырыы аайы биир баал тиийбэккэ, кыһыылаахтык киирбэккэ хаалбыта.
Алексей ыал улахан оҕото буолан, балтытыгар Викторияҕа, быраатыгар Петрга кыһамньылаахтык сыһыаннаһара, куруук сүбэлии-амалыы сылдьара, холобур ылаллара, балта быраатынаан киниэхэ эрэнэллэрэ.
2002 с. от ыйын 9 күнүгэр Алексей уол оҕолонон, аҕа буолар дьолун билбитэ. Күннэйинээн уолларын Давид диэн ааттаабыттара. Уола үтүө-мааны киһи буола улаатарыгар олус кыһаллара. Уолун ситиһиилэриттэн долгуйа үөрэрэ.
Ыччат лидеринэн үлэлии сылдьыбыт кэмнэригэр элбэх тэрээһини тэрийэн, дьону сөхтөрөр ситиһиилэрдэнэн, нэһилиэк, улуус салалтатыттан үгүс Махтал сурук, Грамота туппута.
2007 сылга «Саха» НКИХ Горнайдааҕы филиалыгар үлэтин саҕалаабыта. Манна бэрт таһаарыылаахтык үлэлээн, дьон-сэргэ биһирэбилин ылбыта, талаанын таба тайаммыта биллибитэ.
Хомойуох иһин, тапталлаах төрөппүттэрэ эдэр саастарыгар ыарахан ыарыыттан Күн сириттэн эрдэ күрэммиттэрэ. Алексей балтылаах быраатыгар ийэни-аҕаны солбуйар киһи буолбута. Туох баар кинилэр кыһалҕаларын, тугун барытын быраҕан туран көмөлөһөрө, сүбэһит-амаһыт буолара.
2011 с. Алексей Дьокуускайга «Саха» НКИХ улуустааҕы филиаллары салайар сулууспаҕа редакторынан үлэтин саҕалаабыта. Онтон сыыйа-баайа студияҕа, эфирга үлэлээн, саха телевидениетын биир чаҕылхай суруналыыһынан биллибитэ. Маны таһынан кини элбэх киинэлэргэ уһуллубута. Кини оонньуур оруолларын дьоҥҥо тиийэр гына итэҕэтиилээхтик толороро.
Үлэтин таһынан билиигэ-көрүүгэ тардыһыыта муҥура суох этэ. Ол курдук кини ХИФУ-га үөрэнэн, “Биолог” үөрэҕин бүтэрбитэ. Ону тэҥэ тутатына “Преподаватель” диэн эбии квалификацияламмыта.
2021 с. АГАТУ-га магистратураҕа киирэн үөрэнэн, 2024 сыл “Биотехнология” диэн хайысханан магистерскай диссертациятын туйгуннук көмүскээн, биһигини кытта үөрүүтүн үллэстибитэ. Алексей асчыт бэрдэ этэ. Тугу барытын буһарара, бурдук аһы кытары. Күһүн заготовка бөҕөтүн оҥороро. Айылҕаҕа сылдьарын, бултуурун, балыктыырын, сир астыырын, туохтааҕар да ордороро, ол сылдьан үөнү-көйүүрү, оту -маһы үөрэтэрэ, кэтээн көрөрө.
Кини туһунан төһө баҕар уһуннук суруйуохха сөп эрээри, хаһыакка ол кыаллыбат.
Биһиги Алешабыт дьоҥҥо убаастанар, үгүс элбэх доҕоттордоох киһи киэнэ кэрэтэ этэ. Дьонугар, аймахтарыгар саамай кыһаллар кини буолара. Кыра да кыһалҕаны быһаарсан, өрүү ыйыталаһа, токкоолоһо сылдьара. Дууһалыын ыраас, элэккэй, кэпсэтинньэҥ буолан, дьон-сэргэ киниэхэ талаһара. Ол курдук студияҕа, радиоҕа эфирга ыҥырбыт дьонун кытта бүтэһигэр диэри сибээстэһэ олорбута. Кэлин ВГТРК, онтон НКИХ “Тэтим” радиоларыгар үлэлээбитэ.
Хомойуох иһин, ыарахан ыарыыттан эдэр сааһыгар Күн сириттэн барбыта – биһиги аймах ыар сүтүкпүт.
Кутурҕаннаах кэммитигэр күүс-көмө буолбут, аһыы аймалҕанын тэҥҥэ үллэстибит бары аймах-билэ чугас дьоммутугар, Алексей бииргэ үлэлээбит кэллиэгэлэригэр, доҕотторугар махталбытын тириэрдэбит.
Күндү киһибит, сырдык мөссүөҥҥүн, үөрбүт хараххын, сылаас мичээргин хаһан да умнуохпут суоҕа. Бары дириҥник курутуйабыт.
Абаҕата Станислав, эдьиийэ Анна уонна кини оҕолорун дьиэ кэргэттэрэ, бииргэ төрөөбүттэрэ Виктория, Петр уонна дьиэ кэргэттэрэ, Күннэй, уола Давид.