Сахабыт сирин биир ураты уонна кэрэ кэмэ — кыһын буолар. Билигин хаһаайкалар унньуктаах уһун кыһыҥҥа бэлэмнэнэн, хаһаастарын бэрийэллэр, дьүөгэлэрин кытта ырысыап арааһын үллэстэр күүтүүлээх кэмнэрэ.
Бүгүн ааҕааччыларбытыгар, ряпушканы — күндүөбэйи хайдах тууһуур туһунан бэрт судургу ырыасыабы кэпсиэхпит.
Биһиэхэ наада — 3-6 уст күндүөбэй балык, туус 2 ост. нь., кориандр 1 ч.нь., перец арааһа 3 гр., сылаас уу 1,5 стакан, лавровай 1-2 уст.
- Тоҥ күндүөбэйи ириэрэбит. Төбөтүн быһабыт, иһин, хатырыгын ыраастыыбыт.
- Сөрүүн ууга үчүгэйдик сууйабыт
- Салгыы таас иһит ылан, балыкпытын онно угабыт уонна үчүгэйдик иннинэн-кэннинэн тууһунан сотобут.
- Перецтэрбитин, лавровайбытын ылан туустаабыт балыкпыт үрдүгэр кутабыт, илиибитинэн ньиһийэбит.
- Сылаас ууну ылан, балыкпытын сабыар диэри кутабыт.
- Бүтэһигэр иһиппитин хаппахтаан баран, сөрүүн сиргэ 24 чаас уурабыт.
- Туустаах, минньигэс күндүөбэй бэлэм буолла.
Тууһаммыт балыгы бэйэтинэн тууһаабыт иһиккэр ууран туран сиэххин сөп, эбэтэр ууттан хостоон холодильникка да ууруоххун сөп.
Минньигэстик аһааҥ!
«Үлэ күүһэ» ырысыаптара.