Күнү санатар, күнү кытта эриэккэс сибэккини таптыыбын

Бүгүн Подсолнух күнэ бэлиэтэнэр. Сыл аайы подсолнуху сөбүлээн олордобун. Күнү санатар, күнү кытта эргийэр эриэккэс сибэккини олус таптыыбын. Сыл аайы тыыннаах фотозонаҕа аймахтар, доҕоттор, ыалдьыттар астына сылдьаллар.

Киһи сүргэтин көтөҕөр, хараҕын сымнатар, дууһаҕын ыллатар сибэккини билигин үгүс ыал тиэргэнигэр көрүөххэ сөп.

Күн-дьыл уларыйыытынан эмиэ араастаһаллар, уһун, кылгас, ситэр, сиппэт, иинэҕэс, чиргэл. Кураан сайын буолан, быйыл сибэккилэрэ эрдэ таҕыста, көрүөхтэн эриэккэс, сиэдэрэй көстүү буолар.

80-ча рассадаттан 20-чэ тахсан силигилээн, хайы үйэ тохтоотулар, кинилэри 30-ча солбуйан үөрдэллэр, өссө 20-чэ күһүнү көрсө тахсыахтара.

”Далаһа» пресс-киинэ
@silatrudagorny
@ulusmedia