Кыстыкка киирии түбүктээх үлэтэ саҕаланна

Алтынньы 14 күнүттэн кыһыҥҥы ыйга үктэннибит. Ол курдук 220 хонуктаах уһун унньуктаах, саха дьонун ураты тыынныыр, тулуурун-дьулуурун тургутар кырыа кыһыммыт тиийэн кэллэ. 

Кыһыҥҥы хонук алтынньы 14 күнүттэн ыам ыйын 22 күнүгэр диэри, онно тиийэр оттоох эрэ буоллаххына, сүөһүгүн-аскын  күөххэ үктэннэрэҕин. Бу саха төрүт дьарыгын илдьэ сылдьар сүөһү ииттэр тыа дьонугар олус эппиэттээх сорук.

Бу ыйтан бары хаһаайыстыбалар ынах сүөһүлэрин сайылыктартан көһөрөн, хотоннорун булларан, түбүктээх үлэлэрэ саҕаланар. Кыстыгы көрсө тыа дьоно туох бэлэмнээхтэрин билэ-көрө Бэрдьигэстээх сэлиэнньэтин элбэх оҕолоох сис ыалларыгар Трофим, Марфа Заровняевтарга  ыалдьыттаатыбыт.

Үлэ саамай үгэнигэр тиийдибит. Сиэн уоллара хотоҥҥо номнуо тахсан ынахтарын ноһуомун күрдьэ сылдьарыгар түбэстибит. Игнат Заровняев С.П.Данилов аатынан Бэрдьигэстээх орто оскуолатын X кылааһын үөрэнээччитэ. Кыра оҕо эрдэҕиттэн эһээтин кытта дьиэ ис-тас үлэтигэр үлэлии-такайылла үөрэммитэ көстөр. Сып-сап туттан-хаптан ноһуомун балбаахтыы охсон, аны от тардан хотоҥҥо киллэртээтэ, ынах ыаһарга көмөлөстө. Тохтоон турбат түргэн-тарҕан туттуулааҕын хайҕыы көрдүбүт.

Дьиэ хаһаайына Трофим Данилович кыра үлэни үлэлэһэрин, оҕолорун ыйан-кэрдэн биэрэрин астынар уонна аҥардас сүөһүлэрин аттыгар сылдьарыттан да күүс-уох ылынар. Билигин оҕолоро, сиэннэрэ бары бииргэ саба тутан, оттууллар-мастыыллар. Билиҥҥи туругунан 20-тэн тахса төбөлөөхтөр, сибиинньэлээхтэр, маны сэргэ түргэнник ситэр салааны сэргээн, кус-хаас ииттэн эбинэллэр.

“Ыал буолан Маалтааныттан кэлэрбэр ийэм икки ыанар ынах туттаран ыыппыта”, –  диэн Заровняевтар дьиэ кэргэн аҕалара, эһэлэрэ, хос эһэлэрэ Трофим үлэтин быыһыгар сырдатта.

Трофимнаах, Марфа ыал буолуохтарыттан 50-ча сылы супту хаһаайыстыбаларын көрөн-истэн, оҕолорун, сиэннэрин кыра саастарыттан үлэҕэ сыһыаран, дьоһун дьон оҥортоотулар. Бэрдьигэстээхтэн биир көстөөх сиртэн  кыһыны туоруур отторун булуналлар. Быйыл төһө да кураан сайын буоллар, оппутун хаһаанныбыт диэн үөрэр. Ол эрэн сэлээркэ сыаната ыарыы турара, от тиэйиитигэр уустаах буолла диир.

Бу курдук, тыа ыалын түбүктээх үлэтэ күн тахсарыгар саҕаланар, күн киириитэ түмүктэнэр. Саха төрүт дьарыгын сыа-сым курдук тутан, илдьэ сылдьар удьуор үлэһит сыдьааннаах Заровняевтар дьиэ кэргэн, улууспут сайдыытыгар үтүө  кылааттарын киллэрсибит ытык-мааны ыаллар. Трофим  Данилович Горнай оройуонун иилээн олорбут улахан лесо-пуун тэрилтэҕэ үтүө кылаатын киллэрсибит үлэ бэтэрээнэ, Марфа Федотовна оройуоҥҥа атыы-эргиэн хайысхатыгар 20-н тахса сыл үлэлээбит, сэбиэскэй  эргиэн туйгуна, IX пятилетка удаарынньыга, үлэ бэтэрээнэ. Үүнэр сылга бииргэ ил-эйэлээхтик олорбуттара кыһыл көмүс үбүлүөйдээх сылларын бэлиэтиэхтэрэ. Үлэнэн, өбүгэ төрүт дьарыгынан оҕолорун иитэр-такайар, холобур буолар, тарбахха баттанар тумус туттар дьоммутугар быйаҥнаах олоҕу, саха алмааһыныы кытаанах доруобуйаны баҕарабыт.

Сүөһү көрүүтэ сыралаах-сылбалаах, бүтэн биэрбэт түбүктээх үлэ. Ол эрэн бу дьарыкпыт үйэлэри уҥуордаан кэҥии-тэнийэ турдун.

Нина Сутакова.