Быйыл Маалтааны нэһилиэгэ «Биир Ньыгыл Россия» баартыйа ыыппыт куоҥкуруһугар «Төрүт өбүгэлэрбит суолларынан» бырайыагынан кыттан 40 тыһ солк ылары ситиспитэ. Балаҕан ыйын 7 күнүгэр, ол куоҥкурус чэрчитинэн, нэһилиэк үрдүкү кылааһын оҕолоругар, оскуола эдэр специалистарыгар, нэһилиэк ыччаттарын икки ардыларыгар туризым күрэҕэ буолла.
«Төрүт өбүгэлэрбит суолларынан» бырайыак сүрүн соругунан чөл олоҕу тарҕатыы, төрөөбүт дойдуга тапталы иҥэрии.
Күрэс Үчүгэй алааһыгар ыытылынна. Манна түөрт хамаанда 7 көрүҥҥэ: визитка, ориентирование, мэһэйдээх эстафета, «вязка узлов», топография, о.э. анал бэлиэлэри таайыы, территорияны ыраастааһын, бастакы суһал көмөнү оҥорууга күөн көрүстүлэр.
Хамаандалар бары ох курдук оҥостон, бэлэмнэнэн кэлбиттэр. Биир күннээх, тыҥааһыннаах киирсии түмүгүнэн IV миэстэни «Мичээр» оҕо уһуйаанын эдэр ыччаттарын хамаандата ылан, 5 тыһ. солк. наҕараадаланнылар. Оттон III бочуоттаах миэстэни уонна 8 тыһ. солк. сертификатынан «Эрчим» Кэптин орто оскуолатын эдэр үлэһиттэрэ хамаандата. Иккис миэстэни «Дьулуур» IX-X-XI кылаас холбоһуктаах хамаандата тахсан 10 тыһ. солк. ылары ситистилэр. Кыайыылааҕынан эмиэ үрдүкү кылаас холбоһуктаах «Мохсоҕоллор» хамаандата ааттанан, 15 тыһ. солк. наҕараадаланнылар. Күрэскэ кыттыбыт нэһилиэкпит бастыҥ ыччаттарын кыайыыгытынан эҕэрдэлиибит.
Даҕатан эттэххэ, маннык таһымнаах күрэстэр, ыччаты, оҕолору түмсүүлээх, сомоҕолоох буоларга. Биир санаанан, кыайыыга эрэллээх буоларга сирдииллэр. Төрөөбүт дойдуга тапталы иҥэрэллэр.
Вера НОВИКОВА