Маалтааны «Мичээр» оҕо уһуйаана өрөмүөннэннэ

Бу күннэргэ Маалтааны нэһилиэгин «Мичээр» оҕо саадыгар күһүҥҥү үөрэх дьылыгар бэлэмнэнэн, өрөмүөн үлэтэ ыытылынна.

Ордук, чуолаан, түннүктэри уларыттылар, сылааһы тутар туһугар анал матырыйаалларынан бүрүйдүлэр. Өрөмүөн үлэтин «Хорсун» элбэх хайысхалаах хампаанньа ыытта. Күһүн кырачаан оҕолор сырдык, сылаас уһуйааннарыгар үөрэн-көтө кэлиэхтэрэ.

Маалтааны нэһилиэгин дьаһалтата