Маалтааныга саҥа балыыһа дьиэтэ дьэндэйдэ

Атырдьых ыйын 22 күнүгэр Маалтааны нэһилиэгэр биир историяҕа хаалар дьоро түгэн буолла. Ол курдук, Россиятааҕы федеральнай национальнай бырайыак чэрчитинэн врачебнай амбулатория саҥа дьиэтэ үөрүүлээх быһыыга-майгыга үлэҕэ киирдэ.
Үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ  Ил Түмэн депутата Феодосия Габышева, улуус депутаттарын Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Алквиад Тарасов, улуус баһылыга Никита Андреев, киин балыыһа кылаабынай бырааһа Егор Григорьев, Маалтааны нэһилиэгин баһылыга Дмитрий Борисов уо.д.а. тэрилтэ салайааччылара кыттыыны ыллылар.


Санатан аастахха, инники 1957 с.  Мария Афанасьевна Павлова көҕүлээһининэн тутуллубут балыыһа нэһилиэктэн бэрт тэйиччи турбута. Онон аҕам саастаах уонна кыра оҕолоох дьон сылдьарыгар уустуктары көрсөллөрө. Оттон бу 110 кв м иэннээх, саҥа тутуллубут врачебнай амбулатория нэһилиэк киинигэр турда. Саҥа технологиянан таҥыллыбыт, ол эбэтэр модульнай каркаснай конструкциялаах, истиэнэтэ сэндвич-панель дьиэни, бэрт кылгас бириэмэ иһигэр “Саха Универсал” ХЭТ дьэндэтэн бириэмэтигэр үлэҕэ киллэрдэ.
Саҥа дьиэ күлүүһүн амбулатория сэбиэдиссэйигэр Мария Николаевна Павловаҕа үөрүүлээх быһыыга-майгыга туттардылар. Бу объект тутуллуоҕуттан элбэх ситимнээх үлэ ыытылынна. Нэһилиэк олохтоохторо көхтөөхтүк субуотунньукка кытыннылар. Кэлбит бары ыалдьыттар, саҥа тутуу үйэлээх буоларыгар санааларын, эҕэрдэ тылларын сайа эттилэр.

Вера Новикова.