Атамай нэһилиэгин «Ситим» коммерческайа суох тэрилтэтин «Экспедиция по следам Героя-3» Президентскай Фонда гранын ылбыт бырайыак чэрчитинэн Москваҕа экспедиция тэрилиннэ.
Экспедиция састаабыгар нэһилиэк баһылыга Айсен Павлов, бырайыак ааптара Татьяна Павлова, «Атамайым инникитэ» дьылабыай оонньуу кыайыылааҕа Элеонора Аввакумова, оскуола оҕолоро, «Подвигу Героя мы верны» рейтинговай күрэс кыайыылааҕа Савелий Филиппов, «Детский Форсайт» кыайыылааҕа Айаана Федорова талыллан кытыннылар.
Биэс күннээх экспедиция чэрчитинэн кыттааччылар Москва тэбэр сүрэҕэр Кыһыл болуоссакка, Улуу Кыайыы түмэлигэр, Кыайыы болуоссатыгар сырыттылар, судаарыстыбыннай архыыпка үлэлээтилэр. Үлэ кэннэ ааптардар оҕолорго анаан сынньанар, үөрэтэр, чинчийэр бырагыраама тэрийдилэр.
Экспедиция түмүгүнэн баай историялаах Атамай нэһилиэгин, былыргы 1600 сыллардаах докумуоннарын буллулар. Подольскайдааҕы байыаннай архыыптан Владимир Лонгинов байыаннай историятын чинчийэргэ докумуоннары көрдөөтүлэр. Кэлэр үөрэх дьылыгар экспедицияҕа булуллубут матырыйаалларынан оҕолор чинчийэр үлэ суруйарга былааннаннылар.
Сотору кэминэн экспедиция үлэтин түмэр документальнай киинэ Саха НКиК канаалыгар тахсарын күүтэбит.
Татьяна Павлова